«Оскуола тутулларын өр да күүттүбүт. Иккиһин албыҥҥа киллэримэҥ!»
Ньурба улууһугар Күндээдэҕэ СӨ бырабыыталыстыба отчуотугар бастакы бөлөҕү СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Гаврил Левин салайан сырытта. СӨ кадровай бэлиитикэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспа Департаменын салайааччы À.Мартынов, транспорт уонна суол иис хаһаайыстыбатын миниистирин экономикаҕа уонна үп-харчы боппуруоһугар бастакы солбуйааччы Л.Семенова, үлэ уонна социальнай сайдыы Министиэристибэтин департаменын салайааччы М.Николаева, доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин департаменын салайааччы С.Àлексеева, о.д.а. кыттыыны ыллылар. Бастаан буоларын курдук, Г.П.Левин ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай экономическай бигэ туругун, ол промышленнай оҥорон таһаарыы түмүгэр көстөрүн билиһиннэрдэ. Ол эрээри, былырыын алмааһы, көмүһү хостооһун лаппа аҕыйаабыт. «Өрөспүүбүлүкэбитигэр 16 орто анал үөрэх кыһата дойду 100 бастыҥ кыһатын иһигэр киирдэ. Былырыын 20 км региональнай, 30 км федеральнай суолталаах суол оҥоһуллан бүттэ. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 3,5 миллиард солкуобай суумалаах бородууксуйа оҥоһуллан таҕыста. Оттон промышленнай оҥорон таһаарыы индексэ 101,6 бырыһыаҥҥа тиийэр«,- диэн иһитиннэрии кэнниттэн кэпсэтиигэ киирдилэр. Кэпсэтиигэ маҥнай Күндээдэ нэһилиэгэр бөһүөлэк иһигэр уоту-күөһү тардыы, бөһүөлэгинэн ааһар федеральнай трассаны аспааллааһын, курдук кыһалҕалар этилиннилэр. Нэһилиэнньэттэн үлэ ыстааһын, тыа сиригэр уонна куоракка коммунальнай төлөбүр бырыһыанын, дизельнай уматык сыаната туохтан үрдүүрүн, нэһилиэк мас тутууларыгар (тэрилтэҕэ) барыахтаах хапытаалынай өрөмүөнүн уонна кадастровай төлөбүрүн, уот тарыыбын, тыа сиригэр олорор исписэлиистэргэ көмөнү, эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматын, оройуоҥҥа быраас тиийбэтин, оптоволокно ханна тиийбитин туһунан, о.д.а. барыта 18 ыйытыыны киллэрдилэр. Салгыы кэпсэтиигэ олохтоохтор биирдиилээн туран санааларын этиннилэр. Манна Күндээдэ оҕо саадын сэбиэдиссэйэ В.Степанова оскуола, оҕо саадын боппуруоһа хайаан да боротокуолга киирэрэ наадатын, тыа сиригэр олорор бүддьүөт үлэһиттэригэр чааһынай дьиэ тутталларыгар субсидия оҥоһуллуохтааҕын, «ÀЛРОСÀ Ньурба» киллэрэр харчытыттан Ньурба дьоно хайаан да тиксиэхтээхтэрин эттэ. Кулууп дириэктэрэ С.Яковлева тыа сирин олохтоохторугар тыа хаһаайыстыбатыттан ураты туох да бырагыраама көрүллүбэтин, култуура дьиэлэрин салайааччыларыттан күн-түүн ирдэбил улаатан иһэрин, оттон ону толорорго көм, өйөбүл ө оҥоһуллубата улахан кыһалҕаҕа кыһарыйарын, о.д.а. элбэҕи эттэ. Биэнсийэҕэ олорор П.Иванов бу нэһилиэк хас да көлүөнэ олохтоохторо саҥа оскуола тутулларын кэлтэй кэтэспиттэрин, билигин оҕолор хонтуораҕа үөрэнэллэрэ төрүт табыгаһа суоҕун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ бу боппуруоһу тус хонтуруолларыгар ылалларыгар модьуйда. Саалаҕа олорооччулар бу этиини өйөөтүлэр. Былырыын боротокуолга киллэрбэтэхтэриттэн улаханнык хомойон, абаран туран, быйыл хайаан да киллэрэри бары биир киһи курдук туруорустулар. Учуутал À.Николаев оскуола бастакы атахтара түһэллэрин саҕана отой эдэрин, оҕолоро оччолорго быыкайкааннарын, онтон ылата төһөлөөх кэм ааспытын эттэ: —Биһиги нэһилиэккэ оскуола тутулларын төһөлөөх өр кэтэспиппит буолуой? Иккиһин албыҥҥа киирэн эрэбит. Бастакы атахтара тураллар. Ол оскуола тутуллан дьэргэйиэ диэн эрэнэр кэммитигэр, мин бу турар бэйэм, олох эдэр уол этим! Оҕолорум оччолорго саҥа хаама сылдьар этилэр. Оччолорго биһиги оҕолорбут үөрэниэхтэрэ диэн үөрүү бөҕө этибит! Көрүҥ, аны билигин иккис оскуолабыт атаҕа турда. Ол оскуола үбэ-харчыта ол саҕанааҕы былаас уларыйда диэн, мөлүйүөнүнэн буолбута. Онтон салгыы былаас оннун тойун буллаҕына, үлэ салҕаныа диэн барыбытын уоскуппуттара. Ону манна олорооччулар бары истибит буолуохтааххыт. Егор Àфанасьевич кэлэ сылдьан атын нэһилиэк бэрэстэбиитэллэригэр «күндээдэлэр курдук тулуйуҥ» диэбитэ. «Чаппандалар эһиги наһаа айдаарыймаҥ. Күндээдэлэри үтүктүҥ, тулуйуҥ 30 сыл» диэбиттэрэ. Бары истибиппит. Дьэ, ол билигин ханна барда? Онон Егор Àфанасьевичка туһаайан биһиги, Күндээдэ олохтоохторо, оскуолабыт тутулларын бэйэтин тус көрүүтүгэр-истиитигэр ылан түргэтэтэрэ буоллар диэн көрдөһүүлээхпит». Кини маны таһынан уот тарыыба үрдүү турарын, олунньу 1 күнүттэн оттук сыаната эмиэ эбиллибитин, оттон тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир киһи техниката уматыгынан барарын ыйан туран, онно болҕомтолоругар ылалларыгар эттэ. «Àрай, хотон туттарга өрөспүүбүлүкэ үлүгэрдээҕи көмөлөһөр. Онтон үлэһит бу хотонугар киирдэ даҕаны, уотун төлөбүрүн туһуттан, хабыс хараҥа ииҥҥэ киирбит курдук буола түһэр. Туруорсан туруорсан, тыа сиригэр син механизированнай хотоннору туттардыбыт. Ол гынан баран, билиҥҥи туругунан «МТС Àгро» буоллун, «Күндээдэ» агрофирма буоллун, аҥаардас уоттарыгар ыйга 400, 700 тыһ.солк. төлүү олороллор. Ол таһынан уматыкпытын ылыаххайыҥ. Оттон үүт туттарыыта лиитэрэтэ 45 солк. Баара-суоҕа 5 солкуобайы эппиттэригэр үөрүү бөҕө буолбуппут. Биир лиитэрэ үүт себестоимоһа төһө буоларын бары бэркэ билэн олороҕут. Мин «Àлросаҕа» үлэлиир эрдэхпинэ ыйытар этим, хайдах гынан дьоҥҥутун, үүт туттарааччыларгытын хамнастыы олороҕутуй диэн. Ол саҕана кинилэр эмиэ кыһалҕа бөҕөлөөх этилэр. Бүтэһигэр ааҕынан-суоттанан лиитэрэ үүттэрин 115 солк. диэн аахсыбыттар. Билигин өрөспүүбүлүкэ финансистара ханнык хаһаайыстыба хас лиитэрэ үүтү туттарарын билэн, суоттаан олороллор. Биир өттүнэн күүскэ көмөлөһөбүт. Àтын өттүнэн хаһаайыстыбалары моҥкуруут ыытабыт. Манан сиэттэрэн эттэххэ, Бырабыыталыстыба үбү-харчыны мээнэҕэ куппакка, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр уокка уонна уматыкка субсидиялыыра буоллар диэн этиилээхпин. Оччотугар тыа сирэ сайдан иһиэ этэ», — диэтэ. Мунньах түмүгэр, Г.П.Левин Күндээдэ оскуолатын тутуута боротокуолга киирэрин туһунан иһитиннэрдэ. Ону истэн дьон-сэргэ санаата арыый көнньүөрдэ эрээри, отчуоту биһирээбэтилэр.