Үөһээ бүлүүлэр “Манчаары оонньууларынан” олороллор

Үөһээ Бүлүү улууһугар олунньу 7-10 күннэригэр ситэриилээх былаас 2016 сыллааҕы үлэтин отчуота ыытылынна. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев салайар бөлөҕө Харбалаахтан саҕалаан федеральнай айан суолун кытыытынааҕы нэһилиэктэр олохтоохторун кытта көрсөн баран, өрүс уҥуор Оҥхой – Сургуулук хайысхатынан сырытта. Оттон доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков бөлөҕө улуус киинин саамай ыраах, уһук нэһилиэгиттэн, Туобуйаттан, таҥнары сыыйан кэллэ. Үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева бөлөҕө Далыр, Кырыкый эҥээригэр үлэлээтэ. Олунньу 10 күнүн сарсыардатыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин салайааччылаах улахан бөлөх сөмөлүөттэн түһээт, улуус киин сэлиэнньэтигэр оҕо саадтарыгар сырытта уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөөччүлэргэ анаан тутуллубут 24 кыбартыыралаах таас дьиэни арыйыы сиэригэр-туомугар кыттыыны ылла. Онтон өрүс уҥуор сытар Хоро нэһилиэгэр ыалдьыттаата. Евгений Алексеевич Култуура уонна сынньалаҥ киинин толору мустубут тыа сирин олохтоохторун иннилэригэр бырабыыталыстыба баһылыгын быһыытынан бастакы отчуотун туруорда. Чаастан ордук уһуннаах дакылаат кэнниттэн кэпсэтэргэ кэм-кэрдии кэмчитийэн, хоролору хомотто. Хоро – Үөһээ Бүлүү улууһун биир саамай улахан нэһилиэгэ. Манна саҥа таас оскуолалаах буолан, кэлиҥҥи сылларга чугастааҕы нэһилиэктэртэн элбэх эдэр ыал кэлэн олохсуйда. Оҕо саадын 1976 с. тутуллубут эргэ, мас дьиэтигэр 50 оҕо сылдьар. Ону таһынан 10-нуу уол уонна кыыс икки чааһынай оҕо саадыгар сылдьаллар эбит. Ол үрдүнэн 59 кырачаан хабыллыбакка, дьиэлэригэр олороллор. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ илэ көрөн итэҕэйдин диэн дьаһалта хонтуоратын биир кыараҕас хоһугар үлэлиир чааһынай саадка уонна саахалланар туруктааҕынан ааҕыллар улахан уһуйааннарыгар сырытыннардылар. “Туруорустубут даҕаны, тутуллуо дии санаамаҥ, — диэтэ Евгений Алексеевич. – Өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах дьиэлээх оҕо саада элбэх. Эһиэхэ сүбэлиэхпин эрэ сөп: бастатан, ирдэниллэр докумуоннары барытын толорон, инвестбырагыраамаҕа киирсии. Иккиһинэн, “Үтүө дьыала” хамсааһын нөҥүө үп көрдөрүү. Үсүһэ – муниципальнай уонна чааһынай бииргэ үлэлээһин ньыматынан. Балартан, баҕар, хайата эмит табыллыа”. Бэрэссэдээтэл бу санаатын киэһэ Үөдүгэй кулуубугар ыытыллыбыт мунньахха чиҥэтэн биэрдэ. Бырабыыталыстыба баһылыга күнү быһа, этэргэ дылы, тыынар да солото суох сырытта. Улуус киинигэр предприниматель Светлана Сортолова “Алгыс” банкеттыыр саалатыгар өл хабаат, аны сайын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыахтаах XX “Манчаары оонньуулара” спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии хаамыытын дьүүллэстэ. Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев салайан ыытта. Тустаах хайысхаларынан Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Чердонов, архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ Вера Кузакова, үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Николай Петров, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика миниистирин бастакы солбуйааччы Николай Дураев иһитиннэрии оҥордулар. Кэнтик олохтоохторо хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһиини нэһилиэккэ саҥа тутуллубут элбэх хайысхалаах кииҥҥэ ыытарга көрдөһүүлэрин ылыннылар. Айан суолун кытыытынааҕы сорох нэһилиэктэр (Нам, Ороһу) ааспыт сылларга куонкуруска кыайбыттарын даҕаны иһин, Манчаары оонньуута ыытылларынан сиэттэрэн, быйыл кытталларын көҥүллүүргэ туруорустулар. Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ өйүүргэ этии киллэрдэ, оттон бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ: “Быраабыла барыбытыгар биир”, — диэн ылыммат курдук эттэ. Күрэхтэһиини толору бэлэмнээх, үрдүк тэрээһиннээх ыытар инниттэн тутуу матырыйаалын барытын муус устар ортотугар диэри тиэйэргэ, тутуу үлэтин бэс ыйын ортотугар түмүктүүргэ диэн быһаардылар. Бүддьүөт үбэ муус устарга биирдэ хамныаҕа. Онуоха диэри кирэдьиит үбүн ылан, үлэни харгыһа суох ыытарга сүбэлэстилэр. Түөртүүр чэй саҕана Үөдүгэйдээҕи Култуура уонна сынньалаҥ киинигэр дьон бөҕө тоҕуоруста. Отчуокка улуус кииниттэн уонна нэһилиэктэртэн бэрэстэбиитэллэр кыттар буоланнар, олорор сир – былдьаһык. Чаас уһуннаах отчуот кэнниттэн кэпсэтиигэ Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев, Миитэрэй Баппаҕай, улуус кырдьаҕастара Николай Корякин, Иннокентий Степанов, ыччат аатыттан Игорь Сортолов, археолог-учуонай Никита Архипов, предприниматель Степан Иванов, Манчаары оонньууларыгар аналлаах фонда исписэлииһэ Георгий Степанов санааларын этиннилэр. Кинилэр истэригэр былаас ыытар үлэтиттэн астымматтар кытта бааллар. Ол гынан баран, өйүүр өттө элбэх. Отчуот бүтэһик күнэ Үөһээ Бүлүү улууһун төрөөбүт күнүгэр түбэспитинэн, бырабыыталыстыба халыҥ дэлэгээссийэтэ үргүлдьү улуус дьаһалтата ааспыт сыл түмүгүн таһаарар итиэннэ быйыл Спорт уонна чөл олох сылын биллэрэр дьаһалыгар кыттыыны ылла. “Улуус олохтооҕун үстэн биирэ чөл олоххо тардыһар буолбута – үтүө чинчи. Спорт улахан түһүлгэтин тэрийэн ыытар дьон быһыытынан, бу хамсааһыны өссө күүскэ тэнитэргитигэр баҕарабын”, — диэтэ Евгений Чекин.

Үөһээ бүлүүлэр “Манчаары оонньууларынан” олороллор
© ЯСИА.RU