Валентина Христофорова: «Истиҥ сыһыан ахтылҕаны мүлүрүтэр…»

Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайар Лидия Ильина, СӨ социальнай сулууспа туйгуна, «Иккис Ийэбит» диэн ааттыыр киһилэрэ Анна Васильева, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап, социальнай үлэһит Софья Иванова, ырыаһыттар Иван Ксенофонтов, Николай Чуручанов буолан Варвара Петрова аатын сүгэр Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр мантан көһөрүллэн тиийэн олохсуйбут биир дойдулаахтарбытын кыра ырыа-тойук аргыстаах, Саҥа дьыллааҕы кэһиилээх баран көрүстүбүт. Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ 2016 сылга 20 сылларын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээбиттэрэ. Интэринээт былырыыҥҥа диэри 90 миэстэлээх эбит буоллаҕына, билигин Ньурбаттан, Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн, Алдантан, Ленскайтан, Дьокуускайтан, Амматтан, Намтан барыта 120 кырдьаҕас олорор. Интэринээккэ олорор сүүстэн тахса киһиэхэ 68 үлэһит, хайдах да, аҕыйах эбит диэн бэлиэтээтибит. Ытык дьоммут үйэлэрэ уһуурун туһугар туох баар усулуобуйа бары тэриллэн, дьиэ-уот толору хааччыллыылаах, иккис этээскэ түһэр-тахсар лииптээх. Интэринээт ас буһарар, таҥас сууйтарар туһунан дьиэлээх, 5 техникалаах, подсобнай хаһаайыстыбалаах, 28 ынах-сүөһүнү уонна 20 сибиинньэни сылын аайы ииттэр. Сайынын оттууллар, онно кыанар өттө илии-атах буолан көмөлөһөн абырыыллар эбит. Кырдьаҕастарга уонна ыалдьыттарга анаан олорон ааспыт дьон олохторун уонна интэринээт историятын үйэтитэр музей, мастарыскыай, массажтыыр уонна кыратык хамсанарга-имсэнэргэ анаан тренажернай хостоохтор, физиокабинеттаахтар. Кардиолог бырааһы кытта 6 сиэстэрэ түүннэри-күнүстэри үлэлиир. Онон манна эминэн-томунан, таҥаһынан-сабынан хааччыллан олороллор. Бэл диэтэр, кинилэргэ анаан баайыы, «Айуу, чэ!» көр-күлүү, айар куттаахтарга «Холонуу», ону сэргэ уран тарбахтаахтарга, уус дьоҥҥо аналлаах куруһуоктар үлэлииллэр. 7000 тыһыынча кинигэлээх баай бибилэтиэкэлэрин аана өрүү аһаҕас. Маны сэргэ, быйыл «Ахтылҕан хоһо» тэриллибит. Онно олохтоохтор төрөөбүт дойдуларын санатар, төрөппүт дьонноруттан хаалбыт малы-салы ууран тураллар. Кырдьаҕастар чуҥкуйдахтарына, харааһыннахтарына бэйэлэрин малларын тутан турар буолалларын истэн, улаханнык долгуйдубут… Олохтон хаалсыбаттар Интэриниэт ситимнээх компьютернай хосторо быйыл эбии тупсубут. Манна алта компьютер холбонон турар. Учууталынан эдэр исписэлиис Ирина Степанова үлэлиир. Ирина Руслановна кэпсээбитинэн, биһиги кырдьаҕаспыт Степан Васильевич Романов бастыҥ компьютерщик, интэриниэт нөҥүө сибиэһэй сонуну барытын ааҕар, ол сонуннарын олохтоохторго кэпсиир эбит. Оннооҕор «вконтакте» сайтка регистрацияламмыт. Бары электроннай почта арыммыттар, олохтон хаалбат туһуттан, ватсаптаах төлөпүөнү «куоталаһа-куоталаһа» ылыммыттар. Онтулара моһуоктаатаҕына, учууталларыгар «устареллаата» диэн сүүрэн кэлэллэр диир. Бары тэрээһини сэргэхтик, уратытык Саҥа сылы бэрт сэргэхтик бэлиэтээбиттэр. 12 чааһы Тымныы Оҕонньору уонна сиэнин Хаарчаананы, үлэһиттэри кытта көрсүбүттэр. Быйыл, кэлээскэҕэ олорор ыарахан ыарыһахтар эмиэ адьас оҥостон туран, үлэһиттэр көмөлөрүнэн бырааһынньыктааҕы маскараакка уонна олорор хосторун киэргэтиигэ күрэхтэспиттэр. Көрдөөх-нардаах, долгутуулаах, санааны өрүкүтэр куонкурустары бары астыммыттар. Түмүккэ, Степан Романов «Бастыҥ маскараат» уонна «Бастыҥ киэргэтиилээх хос» анал аатар кыайыылаахтара буолбут. Кини бэйэтэ папье-маше ньыматынан абааһы уола мааскатын оҥостон соһуппут. Онтон хоһун түннүгүн «Үс дойду» диэн тиэмэлээн, кумааҕынан кырыйан илиитигэр саамай талааннаах киһи буоларын көрдөрбүт. Интэринээт олохтоохторо бэйэлэрин күүстэринэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэр туруорбуттар. «Сыл киһитэ» — Валентина Христофорова Сыллааҕы түмүгү таһаарар тэрээһиҥҥэ, кырдьаҕастар куоластааһыннарынан биир дойдулаахпыт Валентина Христофорова «Сыл киһитэ» анал аакка тиксэн, үөрүүтэ туохха да тэҥнэммэт. «Кини куруук аламаҕай, элэккэй, көмө-тирэх буолан үлэбитин биир өттүнэн чэпчэтэр, киэргэтэр», — диэн киэн тутта эттилэр. Валентина Ивановна ааспыт сыл ахсынньытыгар 65 сыллаах үбүлүөйүгэр интэринээт коллектива холодильник бэлэхтээбит. Кинини убаастаан туспа хоско олордоллор эбит. «Күндү киһибитин харыстыыбыт, чуҥкуппат буола сатыыбыт. Маннык ыарахан ыарыы кэннэ өрүттэн, дьон кэккэтигэр, салайсар үлэҕэ айымньылаахтык үлэлэһэ сылдьар диэн өрүү холобур оҥостобут. Маны тэҥэ айар дьоҕурдаах, туспа айылгылаах киһибит диэн киэн туттабыт. Быйыл кырдьаҕастар сүбэлэрин бэрэссэдээтэлинэн ананна», — диэн хайгыыллар. Чөл олоҕу тутуһабыт, доруобуйабытын тупсарынабыт! Тренажердарга дьарыктанар хосторугар бары үөрэ-көтө мусталлар эбит. Кэлээскэҕэ олорор аҕам саастаах киһи илиитин эрчимнээхтик хачайдана олорорун көрөн сөхтүбүт-махтайдыбыт. Велотренажерга, массажерга, сүүрэр дорожкаҕа, атаҕы-илиини хачайдыыр, быччыҥнарын сайыннарар, эти-сиини чэбдигирдэр тренажердарга былдьаһыгынан дьарыктаналларын туһунан тренэринэн иккис сылын үлэлиир Чурапчытааҕы физкультура институтун устудьуона, мас тардыһыыга спорт маастара Сахайаана Громова кэпсиир. «Кыахтаах, баҕалаах өттө күн аайы дьарыктанар. Манна үксүлэрэ инсуллаабыт, аҥаар өттүлэрэ үлэлээбэт ыарыһахтар сылдьаллар. Утумнаахтык дьарыктанан киһи хараҕар быраҕыллардык эрчимирэллэр, чэбдигирэллэр, сайдаллар. Чөллөрүгэр түһэр дьоннор кытта бааллар. Кыаммат дьоннор турникка, бэл, биэстиитэ-сэттэлиитэ тардынар буоллулар. Ордук велотренажеры, сүүрэр дорожканы сөбүлүүллэр. Бэйэлэрэ туспа чаастаахтар, онон мэһэйдэһии суох», — диир. Интэринээккэ бары чөл олоҕу тутуһаллар. Куһаҕан дьаллыктаах этэҥҥэ суох дэһэллэр. Биир эмэ баар да буоллаҕына, тута эмтэтэллэр эбит. Бу 120 киһиттэн 80-на доруобуйаларынан хааччахтаах. Саамай эдэрдэрэ 26 саастаах. Орто саас — 70. Манна даҕатан эттэххэ, кинилэр доруобуйалара, биллэн турар, күн туругуттан, настырыанньаларыттан олус тутулуктаах. «Сорох күн кими да утары көрбөт буолуохтарыгар диэри санааҕа ыллараллар, ол бэйэлэрин ис туруктара буолар. Ол иһин кинилэри кытта психолог Фаина Софронова ыкса, тиһиктээхтик үлэлэһэр. Дьоҥҥут, үөһээ бүлүүлэр, дойдуларын наһаа ахталлар, наһаа муҥатыйан, хоргутан бардахтарына «биир өрүс уутун иһэн олоробут буолбаат?» — диэтэхпитинэ, уоскуйбукка дылы буолаллар» — диэн дириэктэр Валентина Котоконова кэпсиир. Хосторунан сылдьан биир дойдулаахтаарбыт хайдах-туох олороллорун билистибит. Икки миэстэлээх хоско икки эмээхсин чөкөллөн олорор. 79 саастаах Мария Ивановна Филиппова кэпсиир: — Маҥаастан төрүттээхпин. 15 сыл устата дойдум интэринээтигэр олорбутум, манна кэлбитим 3 сыл буолла. Бастакы күммүттэн дьиэм курдук ылыммытым. Барар да сирим суох, онон тэһийдэхпинэ сатанар. Оҕо эрдэхпиттэн судаарыстыба көрүүтүгэр-харайыытыгар ананан төрөөбүт дьылҕалаахпын… Маҥааска аймаҕым Даарыйа улахан кыыһа Өкүлүүнэ баар, кэргэнэ Сэмэн Седалищев диэн. Билигин билсибэппит. Манна кэлиэхпиттэн Маҥааспын көрө иликпин. Дойдубар эрдэхпинэ үстүү-түөртүү сыл буола-буола баран кэлэрим. Быйыл, дойдубар, Манчаары оонньууларын көрө баран кэлиэхпин баҕарабын. Онно Даарыйа кыра кыыһа Маргарита баар. Түмүкпэр, дойдум дьоно долгуйумаҥ, манна бэркэ көрөллөр-истэллэр, ас дэлэгэйэ, таҥас ырааһа, сылаас сыһыан барыта баар. Онтон ордук дьол кырдьаҕас киһиэхэ туох кэлиэй… Биһиги кэпсэтэр кэммитигэр, дьүөгэтэ, 62 саастаах Мария Иннокентьевна Комиссарова мааны былааччыйатын кэтэн кэбистэ уонна истиэнэҕэ ыйанан турар таҥаратын мэтириэтин диэки бэрт истиҥник көрөн кэбиһэ-кэбиһэ сотору-сотору оргууйдук имэрийэ олордо. Кэпсэтэрбин кэтэһэн оронугар чөкөллөн баран олороохтуур. — Мин Үөһээ Бүлүү төрүт олохтооҕобун. Балыыһаттан тута, 1986 сыллаахха, интэринээккэ киирбитим, устунан манна аҕалбыттара үһүс сылым. Дьүөгэм Маарыйа баар буолан, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн дойду ахтылҕанын сыппатабыт быһыылаах… Сотору-сотору ыалдьабын, хааным баттааһына наһаа үрдүк. Эбиитин халтарыйан охтоммун, илиибин тоһутан, баайан испит наскыбын бүтэрбэккэ сытабын (наскытын көрдөрөр, үөһэ тыынар). Бу курдук икки Маарыйалар бэркэ дьаһанан олороллор. Барыта уурбут-туппут курдук чөкө, бэрээдэк бэртээхэйэ. Иккиэн үбүлүөйдэрин кэтэһэллэрин туһунан бүччүм санааларын эттилэр. Салгыы «уолаттар» хосторугар бардым. Биэс миэстэлээх киэҥ-куоҥ, сып-сырдык хоско Сургулууктан төрүттээх, 63 саастаах Игнатий Семенович Васильев олорор. — Сургулуукка аймахтарым суохтар. Бүлүү Үгүлээтиттэн төрүттээх ийэбэр Варвара Тимофееваҕа күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох оҕотобун. Ийэм тоҕус саастаахпар өлөн, интэринээккэ иитиллибитим. Кэнтигинэн, Боотулуунан үөрэммитим. Онон кыра сааспыттан маннык интэринээккэ олоро үөрүйэхпин, тугу да сирбэппин, баары баарынан ылынабын. Үөһээ Бүлүү интэринээтигэр икки сыл, манна үһүс сылбын олоробун. Тулаайахпынан дьиэ ылбатаҕым, ол саҕана оннук көмө бырагыраама да суох этэ. «Роспотребсойууска» сүүрбэччэ сыл хачыгаарынан, куруусчугунан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ таптыыр киһибин кытта ыал буолар дьолу билэн, 18 сыл, хара өлүөр диэри эйэ-дэмнээхтик олорбуппут. Хомойорум диэн, төрөппүт оҕо сытын билбэтэхпит… (үөһэ тыынар, уулаах хараҕын куоттаран кураанах истиэнэ эркинин одуулаһар). «Сүлэ» диэн фермаҕа илии-атах оттоһобун, мастарыскыайбытыгар тутуу маһын бэлэмнэһэбин, кыралаан уһанабын. Онон, бэйэм туспар туһам элбэх дии саныыбын (мүчүк гынар). Сайыҥҥы даача тэринэ сылдьабыт, онно тахсан сайылыыр буолар үһүбүт. Сибиэһэй салгынынан сайа тыыныахпыт, күөх окко күөлэһийиэхпит, хонуунан астына-дуоһуйа хаамыахпыт диэн үөрэбит. Доруобуйам ама, хаалыктаах хаамыынан дьарыктанабын, элбэх кинигэни ааҕабын. Балтыбар Розалия Петровна Ивановаҕа итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин! Үлэһиттэр кэпсииллэринэн, үөһээ бүлүүлэр дойдуларыгар адьас курдаттыы тартараллар эбит. «Анараа дойдуга аттаннахпытына, бука баһаалыста, дойдубутун буллараарыҥ…» диэн курус санааҕа куустара сылдьар кэмнэригэр, сүрэхтэригэр сөҥүөрэ сылдьар кистэлэҥ баҕа санааларын сэгэтэллэр эбит. Санаан да көрдөххө, үчүгэй олохтон онно тиийбэттэр, үксүлэрэ сүтүктээхтэр, кэннилэриттэн кимэ да суох хаалбыт чороҥ соҕотох дьон… Айаҥҥа турунарбытыгар бырааттыы Санниковтарбыт атаардылар. Илии тутуһаат, хаһан да ыытымыахтыы ыга кууһан чочумча турдулар. Итиэннэ… итиэннэ көстүбэт буолуохпутугар диэри далбаатыы хааллылар…

Валентина Христофорова: «Истиҥ сыһыан ахтылҕаны мүлүрүтэр…»
© ЯСИА.RU