Ыстаада олоҕун Эдьигээн эдэр ыччата сэргэхситтэ

Бу күннэргэ Эдьигээн оройуонугар таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга кыһыҥҥы харааллааһын үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Оройуон дьаһалтатын анал дьаһалынан хамыыһыйа тэриллэн, эппиэтинэстээх тэрээһини ыытыыга боломуочуйалаах дьон ананан, ыстаадаларга таба ааҕыытын ыыттылар. Ол туһунан «Эдьигээн оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениета» МКУ начальнига Валентин Петрову кытта сэһэргэстим. Кини Кыстатыам нэһилиэгин биир ыраах учаастагар олохсуйан таба иитиинэн утумнаахтык дьарыктанар «Сыатаа» община ыстаадатыгар харааллааһын бөлөҕүн салайан, таба ааҕыытын ыытта. Быйылгы харааллааһыны ыытыыга анал бөлөхтөр «Баахынай», «Мэйээн», «Сыатаа», «Тугут» общиналар ыстаадаларыгар тиийэн үлэлээбиттэр. -Биһиги бөлөхпүтүгэр оройуон Мунньаҕын дьокутаата Сергей Корякин, оройуоннааҕы ветеринарнай управление бырааһа Петр Андреев уонна мин, Эдьигээнтэн 270 км. ыраах сытар Сыатаа үрэххэ турар ыстаадаҕа тиийбиппит. Ону таһынан Кыстатыамтан икки буранынан Иннокентий Сергеев, Григорий Никитин тахсыспыттара уонна Николай Константинов тиийбитэ. Туруммут күммүтүгэр Кыстатыамтан 6 көстөөх тэйиччи сытар Мохсоҕолоох диэн сиргэ «Сыатаа» община бэйэтин күүһүнэн туппут базатыгар сынньанан, көрүнэн ааспыппыт. Ити күн Эдьигээнтэн 19 көс ыраах Уһун Күөлгэ уруккуттан баар булчуттар баазаларыгар тиийэн хоннубут. Бу учаастакка Кыстатыам булчуттара Сергей Винокуров, настаабынньык, улахан үөрүйэхтээх булчут Дмитрий Семенов, эдэр киһи Василий Корякин бааллар. Манна диэн эттэххэ, сырыыбыт кэмигэр быйыл Дьааҥы эҥэр диэки киис балайда тохтоон үөскээбит диэн бэлиэтии көрдүбүт. Нөҥүө күн Уһун Күөлтэн 4 көстөөх сиргэ биһигини «Сыатаа» община баһылыга Александр Сергеев уонна удьуор табаһыттар сыдьааннара, эдэр табаһыт Семен Никитин көрүстүлэр. Кинилэр манна баар община баазатыгар биһигини кэтэһэ таарыйа бултаммыттар, балыктаммыттар. Ити күн киэһэриитэ «Сыатаа» ыстаадатыгар тиийдибит. Хараалы ыытар бөлөҕү ыстаада үлэһиттэрэ, община чилиэннэрэ кэтэһэн олороллор эбит. Ыстаада биригэдьиирэ, табаҕа өр сыл үлэлээбит опыттаах Николай Михайлов хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Община баһылыга Александр Николаевич: «Быйыл ыстаадаҕа эдэрдэр хото тахсан сэргэхсийэн олоробут. Инньэ гынан үлэбитигэр-хамнаспытыгар абыранныбыт. Көмөлөрө улахан. Эдэрдэр түргэттэрэ, кыайа-хото тутталлара адьас биллэр, киһини үөрдэр. Манна диэн эттэххэ, сааһырбыт табаһыттарбыт кэлин ыарырҕатар буолан, ыктарыы баара. Хата, быйыл арыый үөһээ тыынныыбыт», -диэн үлэһиттэри кытта билиһиннэрдэ. Ол курдук, ити кэмҥэ ыстаадаҕа опыттаах табаһыттар Николай Сергеев, Семен Ильинов, Валерий Игнатьев, Анатолий Ильинов, эдэр табаһыттар Семен Никитин, Николай Сергеев уонна кини кэргэнэ, чуум үлэһитэ Мария Винокурова бааллара. Эдэр ыал 5 саастаах уолчааннара Тускул Сергеев төрөппүттэрин кытта манна сайылаабыт, ыстаада олоҕун балачча билбит, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэхтэммит. Ыал ийэтэ 2016 сыллаахха оройуон баһылыга А.Мандаров дьаһалынан оҥоһуллубут уонна Суглан депутаттарынан бигэргэммит «Таба иитиитигэр, ыстаадаҕа тахсар эдэр табаһыттары өйөөһүн туһунан» муниципальнай тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн 60 тыһ. солк. харчыны туһаммыт. Онон бу хайысхаҕа сөптөөх көмө оҥоһуллубут диэн бэлиэтиэххэ наада. Табаһыттар: «Куруук сылаас, минньигэс астаах. Таҥаспытын-саппытын көрө-истэ сылдьар. Дьиэбитин- уоппутун дьаһайан абыраата», — диэн хайгыыллар. Кырдьык, дьиэҕэ хаһаайка баара тута биллэр. Бурдук ас арааһа астаммыта, сандалыга толору тардыллыбыта киһи эрэ санаатын көтөҕөр. Аны баанньыктарын нэдиэлэ аайы оттон, суунан-тараанан эмиэ абыраммыттар. Санатар буоллахха, ыстаадаҕа тахсар эдэр табаһыттары маннык көҕүлүүр 60 тыһ. солк көмө харчы Мария Васильевнаҕа, Анатолий Иннокентьевка, Семен Никитиҥҥэ, Алексей Винокуровка, Терентий Евсеевкэ, Михаил Владимировка бэриллэн турар. Онуоха маннык көмө көдьүүстээҕинэн, оройуон баһылыга 2017 сылга эмиэ салҕаныан сөп диэн Суглан депутаттарыгар туруорсарын чорботон этиэххэ сөп. Хараалбытыгар эргилиннэххэ, быйыл хаар чараас буолан, ыстаадалар ыраах учаастактарга буолан биэрдилэр. Урукку сылларга хаар халыҥар, Дьааҥы быыһыттан бэттэх диэки чугас киирэллэрэ. Тиийбит күммүт сарсыныгар эдэр табаһыттар бэрт түргэнник табаларын үүрэн аҕалан хараалга киллэртээтилэр. Ол кэннэ, бары турунан күнү быһа ааҕыы буолла. Табалар сымнаҕастар, киһиэхэ үөрэммит буолан үлэлииргэ кэм судургу. Баазаҕа улахан таас иһити оҕустулар да, табалар истэн, туус сиэри сүүрэн кэлэргэ үөрэммиттэр. Дьэ ол кэми тутуһан, хараалга киллэрэн хаайталаан баран, чаас уоскутан баран, ааҕыыны саҕалаатыбыт. Ону кытта бииргэ хаан анаалыһын ылбыттарын лабораторияҕа көрүөхтээхтэр. Таба ыстаадатын, община баазаларын туһунан этэр буоллахха, тутуу 2008 сыллаахтан тиһиктээхтик саҕаламмыта. Онон дьиэ-уот киэҥ-куоҥ, олоруу үчүгэй. Сыл аайы усулуобуйаларын тупсаран иһэллэр. Маннык сылдьан көрдөххө, хаһаайын баара биллэр, эдэрдэр тахсан үлэлэһэллэрэ таба иитиитэ кэскиллээҕин көрдөрөр. Итинник этэн туран, Дьааҥы эҥэр ыстаадалар былыргыттан олоҕурбут үтүө үгэстэринэн, сайыннары бэйэлэрин икки ардыгар сибээһи быспаттар диэн хайгыыбын. Бу сайын «Тугут» община биригэдьиирэ Николай Винокуров сыатааларга кэлэ сылдьан, атыыр табаларын атастаһан барбыт. Онон хаан уларытыыта быстыбакка, кыралаан салҕана турар. «Сыатаа» билиҥҥи табатын сүрүнэ Кэбээйи Сэбээн Күөлүттэн 2004 сыллаахха аҕалыллыбыта. Таба – община бэйэтин баайа-дуола. Кинилэртэн ким да кэлэн табаларын, сирдэрин-уоттарын былдьаспат. Табаһыттар, община бу эҥэр сирдэр дьиҥнээх хаһаайыннарынан буолаллар диэтэххэ сыыһа буолбата буолуо. Үлэбит түмүгүнэн ыстаадаҕа 452 табаны аахтыбыт. Ол иһигэр 161 тыһы таба, ону таһынан 33 эдэр тыһы таба (сырица) баар. Тугут — 86 (тыһыта 34, атыыра 52). Атыырдара 23, аттаммыт буурдар 58, үс саастаах 31, абылакан 25, тыһы муойкааннара 16, атыыр муойкааннара 79. Былаан быһыытынан сыл түмүгүнэн бу общинаҕа 568 таба баар буолуохтаах. 116 төбөнөн былаан туолбата. Ити сайыннары-кыһыннары бөрө, эһэ тугуттары тардара улаханнык охсор. Туһахтыы, хапхаанныы сатыыллар да, кыайтарбат эбит. Холобур, бу сыл устата хас да эһэ өлөрүллүбүт, 3 бөрө сууһарыллыбыт эрээри, куттал син биир суоһуур. Маныаха бөрө дьаата урукку сылларга бэрт көдьүүстээх буолара дииллэр. Ону көҥүллүүллэрэ буоллар диэн туруорсаллар. Табалар уопсай туруктарын бэлиэтээтэххэ, быйыл дьыла, сайына сөрүүн, таба аһылыга элбэх буолан эмистэр, үчүгэйдэр. Ахсаан чааһынан эттэххэ, тыһыта элбэҕин учуоттаатахха, 194 тыһы таба төрөөтөҕүнэ, ааҕан таһаардахха, аны саас төрүөҕү этэҥҥэ ыллахтарына, тыыннаах хаалыытын 70 % харыстаатахтарына, эбиллии 136 төбө буолуохтаах. . Атын ыстаадаларга ааҕыы бу нэдиэлэнэн түмүктэниэхтээх. Табаһыттар харааллааһыны күһүн олох эрдэ, балаҕан ыйын бүтүүтэ, алтынньы саҥатыгар ыытыахха диэн этии киллэрдилэр. Атын хоту улуустарга курдук. Оччотугар ороскуот да аччыыр, таба туругар да, уулаах табаларга да охсуута суох буолар. Ааҕыы кэмигэр, биллэрин курдук, кыараҕас хааччахха хаайыыга таба стресс ылар, эчэйии да тахсар. Түмүккэ, община баһылыга Александр Сергеев эдэр дьону өйүөххэ, стимул биэриэххэ наада диэн этиитин тиэрдиэм этэ. Таба иитиитигэр оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллубут удьуор табаһыт, сатабыллаах салайааччы эдэрдэри материальнай өттүнэн өйөөһүнү кытта, өй-санаа өттүнэн өрө тардыахха, көтөҕүөххэ, чистиэххэ наада диир. Мин ити этиини эмиэ сөптөөх диэн тураммын, эдэрдэри умнубакка, кинилэр үлэлэрин, олохторун ытыктаан, общественность иннигэр кинилэр социальнай статустарын үрдэтиэххэ наада диибин. «Оччотугар, ыччаттарбыт санаалара көтөҕүллэн, дьэ «ханна барабытый, тугу гынабыт?» — диэн тигинэһэ сылдьыахтара этэ», — диэн Александр Николаевич этэрэ саамай сөптөөх. Билигин таба иитиитэ уустуктардааҕын да иһин, эдэрдэри көҕүлээн үлэлэттэхпитинэ, бу үлэ кэскиллээҕэ дакаастаныа. Онуохаҕа төрүөттэр да бааллар. Бу күннэргэ биһиги оройуон Булуҥ Бороҕонун хаһаайыстыбатын кытта Сөбүлэһии түһэрсэн, 100 племенной табаны хаан уларытыытыгар анаан атыылаһарга харчытын ыытан турабыт. 2017 сыл олунньу ыйын диэки, сааһыары үүрэн аҕалар былааннаахпыт. Түмүккэ, билиҥҥи кэмҥэ табаны иитиигэ, общиналар үлэлэрэ сөптөөх хайысха тутуһуллан иһэрин көрдөрдө. Өбүгэ саҕаттан төрүт дьарыкпыт сүппэтигэр эрэл үөскээтэ. Табалаахтар бэйэлэрин кыахтарынан, санааларынан, толкуйдарынан, былааннарынан олороллоро, таһыттан ыгыыта-түүрүүтэ суох үлэлииллэрэ, бу ньыма табыгастааҕын көрдөрөр.

Ыстаада олоҕун Эдьигээн эдэр ыччата сэргэхситтэ
© ЯСИА.RU