Куприян Баянаев кэриэһигэр ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа ыытылынна

Үөһээ Бүлүү улууһугар, Үөдүгэйгэ, Куприян Баянаев кэриэһигэр ыытыллыбыт «Дойдум сарсыардата» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэһэ «Иэйии» сынньалаҥ киинигэр буолла. Өлүөхүмэттэн, Бүлүүттэн, Сунтаартан, Кэбээйиттэн уонна Үөһээ Бүлүүттэн ырыа куттаах 35 ыччат икки күн устата тыыннаах дорҕоон түһүлгэтин тоҕо тартылар. Дьокуускай куораттан ыҥырыынан кэлбит Сардаана Егорова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ култуура туйгуна Юрий Васильев-Дьурай, «Тускул» оҕо киинин исписэлииһэ Марианна Иванова, «Байанай» бөлөх солиһа Ньургун Николаев, Куприян аймахтарын аатыттан Валерий Баянаев үлэлээтилэр. Миэстэлэспиттэр уонна анал ааттар туох да мөккүөрэ суох биир сүбэнэн орун-оннуларын буллулар. Күрэс бастакы күнүгэр Куприян Баянаев ырыаларын ыллаатылар, иккис күн түһүмэх салҕанна уонна киэһэтигэр кыайыылаахтар кыттыылаах улахан гала-концерт буолла. Истиҥ-иһирэх тыллаах ахтыы киэһэтигэр Куприян аатын үйэтитэр саҥа кинигэ уонна «Байанай» бөлөх ырыаларыгар эбии Куприян ыллаабыт ырыалара киллэриллибит диискэ сүрэхтэннэ. Түмүккэ Гран-при үрдүк аатын Игорь Сортолов салайааччылаах «Үргэл» бөлөх ылан, Баянаевтар аймахтарын сүрүн бирииһин – 50 тыһыынча солкуобайы уу харчынан бэлэх туттулар. Роман Кысылбаиков сыратын ууран туран дьарыктыыр, улуус аатын республика таһымыгар ааттатар «Хатан» оҕо бөлөҕө I-кы степеннээх лауреат буолан, 30 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланнылар. Дьокуускай куораттан түмсэн, тэринэн кэлбит «Дабаан» бөлөх Оҥхой нэһилиэгин аатыттан кыттан, II степеннээх лауреат буоллулар уонна 20 тыһыынча солкуобайы туттулар. III степеннээх лауреат аатын Ия Алексеева салайааччылаах Үөһээ Бүлүүтээҕи М.Алексеев аатынан лицей-интернат үөрэнээччилэрин «Кытыл» бөлөҕө ылан, 10 тыһыынча солкуобайынан бэлиэтэннилэр. Ону тэҥэ бу оҕолор бөлөхтөрө «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация хаһаайыттарынан буоланнар, Өргүөт баһылыга Семен Николаев анал бирииһин туттулар. Биирдиилээн ырыаһыттарга 1-кы степеннээх лауреат аатын Николай Малычехоров (Үөһээ Бүлүү) ылан, телевизор хаһаайынынан буолла. 2-с степеннээх лауреатынан Кэбээйиттэн Мария Мерзоева ааттанна, ноутбугунан наҕараадаланна; 3-с степеннээх лауреат Андрей Иванов (Үөһээ Бүлүү) электрогитараны бэлэх тутта. 1-кы степеннээх дипломанынан Владимир Васильев (Үөдүгэй) ааттанан «Иэйии» СК анал бирииһигэр тигистэ. 2-с степеннээх дипломант аатын Евгений Тихонов (Үөһээ Бүлүү) уонна 3-с степеннээх дипломант Семен Алексеев (Бүлүү) «Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ» МТ дьаһалтатын анал бириистэрин ыллылар. Бу ырыа күрэһин «Күүстээх куолас» номинациятын Владимир Васильев, «Күрэс арыйыыта» ааты Николай Иванов (Үөһээ Бүлүү) ыланнар, «Иэйии» СК анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр. Анал бириистээх «Кэскиллээх ырыаһыт» ааты Айталина Руфова (Дүллүкү), «Иэйиилээх ырыаһыт» — Өлүөхүмэттэн сылдьар Үөһээ Бүлүү кийиитэ Алина Семенова Кэнтик дьаһалтатын анал бирииһин, «Бастыҥ авторскай ырыа» анал ааты Анна Тотонова (Сунтаар) Баянаевтар аймахтарын бирииһин уу харчынан ыллылар. Семен Аксеековка, Андрей Иванов-Дьиктигэ, Николай Малычехоровка Баянаевтар ааттарыттан уонна Харбалаах баһылыга Илья Кузьмин анал бириистэрин туттардылар. Баянаевтар аймахтарын тэҥэ буолбут күндүтүк саныыр киһилэригэр Ньургун Николаевка «Баай Тайҕа» маҕаһыынтан 7 тыһ. солк. суумалаах сертификаты кытта анал суруктаах-бичиктээх профессиональнай гитараны ытыс дохсун тыаһынан туттардылар. «Иэйии» сынньалаҥ киинин директора Виктория Павлова санаатын үллэһиннэ: «Дьокуускай куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт күрэс таһымын үрдэттилэр. Ол курдук, «Кыым» хаһыат эрэдээктэрэ, «Байанай» уонна «Уолан» бөлөхтөр Дьокуускай куоракка бастакы концертарын иилээн-саҕалаан тэрийсибит сүгүрүйээччилэрэ Мэхээс Сэмэнэп гала-концертка кыттыыны ылан, тыыннаах доҕуһуолунан ырыа бэлэхтээтэ, истиҥ-иһирэх тыллаах ахтыыны оҥордо. Тыыннаах доҕуһуолу өрө тутан, үрдүкү чыпчаалга таһаарбыт үөһээ бүлүүлэртэн тахсыбыт «Байанай», «Уолан», «Хатан», «Үргэл» бөлөхтөрү биһириирин биллэрдэ. Талааннаах ыччаттарбыт таһымнара сылтан-сыл үрдээн иһэр. Кинилэри көрөн-истэн киһи астынар. Улууспут аатыттан кыттыбыт ыччаттарбыт бары кэриэтэ араас куонкурустар кыайыылаахтара, ураты ааттаах-суоллаах ырыаһыттар диэтэхпинэ мэлдьэх буолбата буолуо. Олус үчүгэй тэрээһин ааста. Көрөөччүлэргэ уонна сүгүрүйээччилэргэ дьоһун бэлэх буолла». Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллыбыт куонкуруһу сүүрэн-көтөн тэрийбит, сыралаах үлэни көрсүбүт Баянаевтар улахан кийииттэрэ Ирина Баянаева: — Тэрээһин бүппүтүн кэннэ көрдөххө, итэҕэс-быһаҕас баара чуолкай. Ону ол диэбэккэ, олус сэргэхтик ааста дии саныыбын. Хас биирдии күүс-көмө буолбут, тэрээһини өйөөбүт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит. Ол курдук, Куприян үтүө аатын, ырыаларын үйэтитэр кинигэ таҥыллан, бэчээккэ бэлэмнэнэн, 300 устуука экземплярынан тахсарыгар үлэлэспит Любовь Васильеваҕа, Куприян 17 ырыатын нотаҕа таһааран биэрбит СӨ култуура туйгуна Валерий Ноеноховка, Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт рекламаҕа үлэлэспит Любовь Борисоваҕа, «Иэйии» СК директорыгар Виктория Павловаҕа, Өргүөккэ өр сылларга баһылыгынан үлэлээбит Марина Адамоваҕа, Юрий Васильевка, Семен Аксеековка, Роман Кысылбаиковка, ону тэҥэ улуус уонна Өргүөт, Быракаан, Харбалаах, Оҥхой, Кэнтик, Тамалакаан дьаһалталарыгар уонна баһылыктарыгар, лесхоз тэрилтэтигэр уонна Куприян бииргэ үөрэммит доҕотторугар аймахтар ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн эттэ.

Куприян Баянаев кэриэһигэр ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа ыытылынна
© ЯСИА.RU