Нам Модутун сылгыһыттара уопут атастаһаллар
Ааспыт нэдиэлэҕэ «Нам улууһа» МТ баһылыгын тыа хаһаайыстыбаҕа уонна предпринимательствоҕа солбуйааччы Ефим Гоголев, Нам улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Владимир Макаров уонна нэһилиэк дьаһалталарын кытта үлэлэһэр отдел начальнига Сергей Сергучев көҕүлээһиннэринэн, Модут нэһилиэгэр сылгы иитиитинэн дьарыктар дьону 1 Хомустаах нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбаларын кытта уопут атастаһыыны тэрийдилэр. «1 Хомустаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Василий Жирков, тыа хаһаайыстыбатын специалиһа, «Дайар» ТХПК салайааччыта Степан Кривошапкин тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэтин билиһиннэрдилэр. Нэһилиэккэ 20-чэ бааһынай хаһаайыстыба тэриллэн үлэлиир эбит, онтон үс улахан тэриллии «Дайар» ТХПК, «Совхоз Намский» ХЭТ уонна кредитнэй кооператив баарын бэлиэтээтилэр. Бу кэпсэтиигэ Модут нэһилиэгин баһылыга Петр Сокольников Верхоянскайтан хаан уларытарга кыттыһан сылгыта аҕалыахха диэн этии киллэрбитин сэргии иһиттилэр уонна салгыы онно үлэни ыытарга диэн санааҕа кэллилэр. Модуттан кэлбит делегацияны сылгы баазатын тэринэн олорор хаһаайыстыбаларга сырытыннардылар. Ол курдук, Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо Григорий уонна Татьяна дьиэ кэргэнинэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн дьиэ уот туттан олороллоругар билистилэр. Кинилэр үлэлэрин, хаһаайыстыбаларын туһунан кэпсээтилэр, дьиэлэрин-уоттарын хайдах оҥостон олороллорун көрдөрдүлэр. Быйыл гараж туттубуттар, ол үрдүгэр дьиэлэрин кэҥэтээри эбии тутуу ыыппыттар, ону таһынан толору хааччыллыылаах оҥороору үлэлии сылдьаллар эбит. 1 из 6 Николай Новгородов тэринэн олорор баазатыгар тиийэн саҥа тутулла турар хотонун уонна сүөһүнү өлөрөр сыаҕын, сылгы далын көрдүлэр. Николай эһиилгиттэн сылгыттан таһынан субай сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар баҕа санаалааҕын эттэ. Онон быйылгыттан тутуутун саҕалаабыт эбит. Кэлбит дьоҥҥо сылгыны иитэр киһи хайаан да бастакынан далын күрүөтүн-хаһаатын туруктаахтык оҥостуохтааҕын бэлиэтээтэ. Василий Николаев баазатыгар туттубут дьиэтин муостата лаахтааҕын, сылааһын, туспа котельнай оҥостон ититэр систиэмэ тардыбытын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Бу кэннэ Петр Сивцевкэ тиийэн үлэтин, баазатын хайдах тэринэн олорорун билистилэр. Баазаҕа Петр аҕата Николай баар эбит, кини үлэлииргэ үчүгэй усулуобуйа баар буоллаҕына тахсыылаах үлэ буолар диэн икки этээстээх олорор дьиэ туттубуттарын, сылгыларын далын көрдөрдө. Хомустаахтар сирдэрин территориятын олус кыараҕаһын этэллэр. Ону да бигэргэтэн баазалар чугас-чугас тураллар эбит. Төннөн иһэн Партизан нэһилиэгэр агрокластерга сырыттылар. Бу сырыы түмүгүнэн Модут нэһилиэгин делегациятын дьоно “харахпыт аһылынна”, олохтоохтук тэринэн дьонтон хаалсыбакка бааза туттар эбиппит диэн санааҕа кэллилэр.