Таатта Харбалааҕар төрүччүлэрин үөрэтэллэр

Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина дьиэ кэргэттэр истиэнэҕэ ыйыыр хаһыаттарын оҥорторууга, түмүүгэ үлэлэспитэ ыраатта. Суруйааччылар үбүлүөйдэринэн, атын да бэлиэ түгэннэринэн элбэх хаһыат таҕыста. Маннык тэрээһиҥҥэ, бастатан туран, оҕолор төрөппүттэрин, эбэлэрин-эһэлэрин, үлэһит буолбут убайдарын, эдьиийдэрин, атын аймах дьоннорун болҕомтолорун тардаллар. Онон, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ оруола улахан. Валентина Семеновна бэйэтин дьиэ кэргэнэ тэҥҥэ үлэлэһэр. Кыргыттара бары үлэһиттэр, ийэлэригэр күүс-көмө буолаллар. Онон, уонча сыл устата тохтоло суох дьиэ кэргэн хаһыаттарыгар куонкурсу үбүлээн кэллилэр. Кыайыылаах хаһыаттар ааптардарыгар сыл аайы бииртэн биир дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэри, араас интэриэһинэй бириистэри туруораллар. Онон, учуутал бэйэтин тус холобурунан үөрэнээччилэрин дьиэ кэргэттэрин көҕүлүүр буолан, бүтүн нэһилиэк ыаллара сыл аайы чинчийэр, көрдүүр, суруйар, ойуулуур үлэнэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Быйылгы күрэххэ 50-ча дьиэ кэргэн кыһын устата үлэлэспит төрүччүлэрин хаһыаттарын быыстапката «Дьиэ кэргэн Сылыгар» анаммыт куонкуруска анаан туруорулунна. Истиэнэ хаһыаттара, электроннай хаһыаттар, кинигэ-хаһыаттар көрөөччүлэр, ааҕааччылар интэриэстэрин тартылар. Бу күн сорох дириҥ, киэҥ ис хоһоонноох хаһыаттары төрөппүттэр оҕолорунаан кэпсээбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Оҕолор ийэлэрин, аҕаларын, эһэлэрин, эбэлэрин салааларынан киэҥник ырыппыттар. Хас биирдии ийэ-аҕа ууһа дириҥ силистээх-мутуктаах эбитин интэриэһиргээн иһиттибит, көрдүбүт. Ол курдук, Литвинцевтэр-Корякиннар дьиэ кэргэттэрэ төрдүлэрэ Вонифатий Слепцовка тахсарын чинчийэн билбиттэр. Художник, уруһуйдьут идэлээх киһи элбэҕин быһаарбыттар.Элбэх киһи медицинэ үлэһитэ идэлээхтэрин билбиттэр. Онон, оҕолорбутун сүрүннээн ити идэлэргэ хайысхалыахпытын сөп эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Оттон Баишевтар аймахха удьуор уус дьоннор икки өттүттэн элбэхтэрин бэлиэтээтилэр. Скульптор Огонеровынан киэн тутталларын эттилэр, икки өттүттэн эбэлэрэ, ийэлэринэн эһэлэрэ ырыаһыт бастыҥа, сцена бэтэрээннэрэ буолалларын чопчулаан эттилэр, өссө дириҥээтэххэ отоһуттар баалларын билбиттэр. Улахан болҕомтону Канаевтар дьиэ кэргэн 96 страницалаах кинигэ курдук быһыылаах төрүччү хаһыатын оҥорбуттара ылла. Ыраах Өлөөҥҥө, Ньурбаҕа тиийэ тарҕанан олорор аймахтарын туһунан бастакы кылааска үөрэнэр Коля Канаев киһи эрэ сэргиэх курдук лоп-бааччы кэпсээтэ. Түмүгэр ырыаһыт Никифор Сэмэнэп чугас аймахтара буоларын бэлиэтээн туран, Юлиан Сэмэнэби телевизорынан сэргээн көрөрүн эттэ, кинилэри үтүктэн ыллыырга үөрэниэн баҕарар эбит. Захарова Марианна эбэтэ Надежда Васильевна Атласовалыын төрүччүлэригэр улахан меценат, гильдиялаах атыыһыт Николай Осипович Кривошапкинтан утум тардалларын кэпсээтилэр. Кинилэр аймахха атыынан дьарыктанар дьон элбэҕин, элбэх математик, менеджер идэлээх дьон баарын билиһиннэрдилэр. Саша Андросов ийэтинээн Анна Афанасьевналыын төрүччүлэрин үөрэппиттэрин түмүгэр, кинилэр аймахха айар талаааннаах дьон удьуордаан тахсан иһэллэрин бэлиэтээтэ. Анна Афанасьевна аҕата Афанасий Константинович хоһоон суруйар дьарыктааҕын, кини суруйбут «Күөрэгэй» диэн хоһоонугар Виктор Туманов мелодия айан, уостан түспэт ырыа буолан ылланарыттан киэн тутталларын махталынан иһитиннэрдилэр. Анна Афанасьевна бэйэтэ эмиэ хоһоон суруйар алыпка ылларан, элбэх айымньыта бэчээттэммитин, аны 6-с кылааска үөрэнэр уола Саша хоһоон айарга холонон, «Таатта» хаһыакка бэчээттэммитин кэпсээтэ. Саша кэпсээн бүтэн баран саҥа суруйбут «Төрөөбүт тыл» диэн хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. 1 из 3 Куонкурус түмүгүнн Валентина Семеновна иһитиннэрдэ. Үс бастакы миэстэни Баишевтар, Литвинцевтэр-Корякиннар, Канаевтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Үс иккис миэстэҕэ Захаровтар, Никоновтар, Герасимовтар дьиэ кэргэттэрэ таҕыстылар. Үс үһүс миэстэни Богдокумовтар, Нехчоеновтар, Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ, түөрт төрдүс миэстэни Осиповтар, Халыевтар, Дайбанныровтар, Бястиновтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. 15 ыал биһирэбил бириистэргэ тигистилэр.

Таатта Харбалааҕар төрүччүлэрин үөрэтэллэр
© ЯСИА.RU