Талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик

Ааспыт ыйга биһиги улууспутугар Саха сирин эстрадатын биллиилээх, чаҕылхай артыыстара Алексей Потапов уонна Геннадий Семенов-Урааҥхай Усуйаанаҕа кэлэн ыалдьыттаан, элбэх кэнсиэр көрдөрөн барбыттара. Түгэнинэн туһанан, биһиги кинилэри кытта көрсөн атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэспиппит, ыалдьыттарбыт санааларын истибиппит, үлэлэрин туһунан сэһэргээбиттэрин олус кэрэхсээбиппит. А.Потапов, Г.Семенов: «Биһиги Усуйаана улууһун Хайыр нэһилиэгэр ыалдьыт буолан ыҥырыллан кэлэ сылдьабыт. Ол курдук, Хайырга «Айыллаан» культура дьиэтэ 70 сыллаах үбүлүөйүгэр, ону тэҥэ «Омолой» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэриллибитэ 35 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэригэр кытынныбыт. Бу бырааһынньыктарга саалаҕа толору киһи кэлэн икки үбүлүөйгэ аналлаах киэһэлэр үрдүк таһымнаахтык аастылар. Улахан тэрээһиннэр буоланнар, ыалдьыттар аттынааҕы нэһилиэктэртэн, улуус иһиттэн эрэ буолбакка, ыаллыы сытар Булуҥтан тиийэ кэлбиттэрэ. Биһиги «Дьүрүскэн» диэн айар киэһэбитин ыыппыппыт. Хоту дойду дьоно, төһө да тымныы айылҕаҕа, чысхааннаах, кытаанах усулуобуйаҕа олорбуттарын иһин, сүрэхтэрин сылааһын биһиэхэ иҥэрдилэр. Кэнсиэрпит саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри саха ырыатын сөбүлүүллэрин, ону кытта ыалдьытымсахтарын, аламаҕайдарын, ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга үөрбµттэрин күүстээх ытыс тыаһынан биллэрдилэр. Маны сэргэ, ностальжи-дискотека, баянынан үҥкүү, видеодискотека ыыппыппыт. Табаһыттар бырааһынньыктарыгар эмиэ кыттыстыбыт, тэрийистибит. Табаһыттар бырааһынньыктара Омолой өрүс үрдүгэр алгыс сиэрин-туомун ыытыытыттан саҕаламмыта, бэлэмнэнии күннэригэр табаһыттар тустарынан театрализованнай туруорууну олохтоох кулууп үлэһиттэрин кытта бэлэмнээбиппит. Ол туруоруубутун көрдөрбүппүт. Бу кэннэ табаһыттар параадтаан хаампыттара, наҕараадалааһын, улуус салалтатын аатыттан эҕэрдэлээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолбута. Бастыҥ түһүлгэни көрүүгэ, салгыы үс түһүмэххэ эр дьоҥҥо, кэрэ аҥаардарга уонна уучаҕынан таба сүүрдүүтүгэр күрэхтэһиилэр саҕаламмыттара. Тордохторго түһүлгэҕэ маанылаах остуол куонкуруһугар ас арааһын көрөн, амсайан сөхтүбүт-махтайдыбыт. Хайыр нэһилиэгин култуура дьиэтин кэлэктиибэ үксэ эдэр үлэһиттэр. Бары биир киһи курдук бу тэрээһиннэргэ күүскэ бэлэмнэнэн уонна кинилэри кытта биһиги бииргэ сомоҕолоһон, көмөлөөн, бырааһынньыктары ыытыыны кыайа туттубут”, — дэстилэр ыалдьыттарбыт үөрэ-көтө. Салгыы Алексей Потапов санаатын үллэһиннэ: — Бастаан уутаа, бырааһынньыктарга бэлэмнэнии кэмигэр, мин, , «Айыллаан» культура дьиэтин 70 сыллаах үлэтин туһунан сырдатар документальнай киинэни бэлэмнииргэ, монтаажтыырга көмөлөспүтүм. Ол бириэмэҕэ «Омолой» бөлөх кыттыылаахтара Геннадий Семеновы кытта репетициялаан айар киэһээлэригэр турунан туран бэлэмнэммиттэрэ. Геннадий кинилэргэ музыкаҕа сыһыаннаах элбэх сүбэни-аманы биэрдэ, бэйэтэ эмиэ оонньоон көрдөрдө, сүбэлээтэ. «Омолой» бөлөх курдук ВИА улуускутугар баара олус хайҕаллаах. Ол аата, Усуйаана олохтоохторо тыыннаах доҕуһуолу, музыканы, саха ырыатын өрө туталлар эбит диэн астынныбыт. Бөлөхтөн эдэр уолаттары -Депутатскайтан Айсиэн Колесовы уонна Иван Гороховы бэлиэтиибит. Кинилэри биһиги олус дьоҕурдаах, улахан инникилээх, кэскиллээх уолаттар, үөрэнэн-сайдан улахан музыканнар буолуохтарын сөптөөхтөр эбит диэн сыаналаатыбыт. Бу уолаттар өссө да сайдарга, бэйэлэригэр нууччалыы эттэххэ «стимул» ыллылар, маннык оонньонуохтаах эбит диэн өйдөөтүлэр. Салгыы Хайыр бырааһынньыктарын кэннэ, биһиги «Омолой» бөлөҕү кытта Хаһааччыйаҕа тиийбиппит. Бу Усуйаана улууһун саамай кырдьаҕас нэһилиэгэр, биһигини ырыаһыт доҕотторбут Анатолий Горохов, Сидор Рожин, Хаһааччыйа кулуубун директора Лена Горохова кэлиэхпититтэн барыахпытыгар диэри ытыс үрдүгэр сырытыннардылар. Икки кэнсиэри көрдөрдүбүт. Дьон-сэргэ эмиэ толору мустан, ытыстарын тыаһынан арыаллаан олус үөрдүбүт. Бэртээхэй көрсүһүү биэчэрдэр буоллулар. Түгэнинэн туһанан, Хайыр нэһилиэгэр сылаас итии чэйинэн, минньигэс аһынан маанылаабыт-күндүлээбит, кыра оҕону курдук бүөбэйдээн көрсүбүт доҕотторбутугар, эдэр ыалларга – Аполлон, Руслана Болтуновтарга, эдьиийдэригэр Ирина Егоровнаҕа, Хаһааччыйаҕа — Ирина Николаевна Гороховаҕа уонна Михаил Гаврильевич Николаевка, о.д.а. барҕа махтал буолуохтун! Биһигини ыҥырбыт, сырыыбытыгар көмө-тирэх буолбут Марина Кимовна уонна Аполлон Николаевич Болтуновтарга, Н.М.Дьзоба салайааччылаах Депутатскай культуратын дьиэтин кэлэктиибигэр, күндү көрөөччүлэрбитигэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан тураммыт махтанабыт. *** Ыалдьыттарбыт бэйэлэрин тустарынан кэпсээтилэр: Геннадий Семенов: «Мин төрөөбүт сирим Ньурба улууһун Амакинката. Аҕам — латыш, ийэм — Бүлүү Халбаакыта. Ийэм удьуордарынан Халбаакы Добун диэн аҕа ууһуттан төрүттээхпин. Ийэм омугунан Бүлүү тоҥуһа, эбэҥки. Бэйэм детдомнарга улааппытым. Үөһээ Бүлүү детдомуттан саҕалаан түөрт детдому кэрийэн иитиллибитим. Кыра эрдэхпиттэн ыллыыбын, музыканы сэргиибин. 1976 сылга Уус-Алдаҥҥа «Мүрү» диэн вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэрийбиппит. 1987 сылга «Мирный поет о мире» улахан фестивальга Саха сирин «Чолбон», «Айтал», «Сэргэ», «Чороон» курдук биллиилээх, чулуу бөлөхтөрө бары кыттыбыттара. Онно биһиги сахалыы ырыаны толорооччулар бөлөхтөрүгэр кыайыылаах тахсыбыппыт, «Лучший ВИА фестиваля» буолбуппут, нууччалыы ырыаны толорооччуларга «Карат» диэн биллэр бөлөх буолбута. Бу кыайыыбыт — бастакы улахан ситиһиибит этэ. 2000 сылларга «Айтал» бөлөххө сэттэ сыл устата ыллаабытым. Онтон бу кэлиҥҥи кэмҥэ быраатым курдук саныыр, уһулуччу талааннаах Алексей Потаповы кытта бииргэ үлэлии-хамныы сылдьабыт«. Алексей Потапов: «Мин ийэм Чурапчы Сылаҥа, аҕам Чурапчы бэйэтэ. Бэйэбин өйдүөхпүттэн музыканы сэргии, кэрэхсии улааппытым. Биэс саастаахпыттан саҕалаан бастаан гармошкаҕа, онтон аккордеоҥҥа оонньуур буолбутум. Музыкаҕа уһуйулларбар аҕам улахан көмөлөөх. Кини бэйэтэ үөрэнэн гармошкаҕа оонньуур этэ. Удьуордааһын оруоллаах дииллэрэ сөп быһыылаах дии саныыбын. Аҕабын үтүгүннэҕим. Билигин оонньообот инструменым диэн суох. Баяҥҥа, гитараҕа, фортепианоҕа, араас үрэр инструменнарга барытыгар оонньуубун. Оҕо эрдэхпиттэн харахпынан мөлтөх буоламмын, Дьокуускайдааҕы көрбөттөр уонна харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолор оскуолаларыгар үөрэммитим. Онно «Бочуоттаах дуоскаттан» түспэт этим. Оскуолам аатын элбэхтэ ааттаппытым. Ол курдук, «Смотри на меня как на равного», «Зажги свою звезду», «Северное сияние» күрэстэргэ бастакы миэстэлэри ылаталаан сүргэм көтөҕүллэн, өссө элбэх дьарыкка сылдьыбытым, уһуйуллубутум. Холобур, үөрэҕи уонна музыканы таһынан, дуобакка, о.д.а. араас күрэхтэһиилэргэ куруутун бастакы миэстэлэртэн түспэт этим, тустуунан да дьарыктана сылдьыбытым. Уопсайынан элбэх ситиһиилээх этим. Онтон музыканы ордороммун, онно ордук сыстыбытым. 16 сааспар СӨ баянистарын уонна гармонистарын үһүс күрэстэригэр Гран-при үрджүк аатын ылары ситиспитим. Онно наһаа да үөрбүтүм. Саха сирин баянистарын историятыгар бу күрэскэ аан бастаан оҕо кыайбыта. Онно телевизор туппутум. Бу миэхэ эмиэ бастакы улахан ситиһиим этэ. Оскуола кэнниттэн 1997 сыллаахха «Оҕо саас» диэн бастакы ырыабын айбытым. Ол кэмҥэ «Саха Виктория» радиоҕа бу ырыаны элбэхтэ холбууллара. Бу ырыам тахсарыгар Саха эстрадатын биллиилээх ырыаһыта Н.Донской улахан өҥөлөөх. Санаам өрө көтөҕүллэн ол сыл Дьокуускайдааҕы М.Жирков аатынан музыкальнай училищеҕа баян кылааһыгар киирбитим. Онно идэм учуутала — СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ мелодистарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ А.Калининскай-Луҥха Өлөксөй этэ. Мин киниэхэ үөрэммиппинэн, Учууталбынан наһаа киэн туттабын уонна астынабын. Бииргэ үөрэммит уолаттарым -Игорь Егоров, Рустам Хон, Антон Иванов ыллаан-туойан саха эстрадатын биллэр-көстөр ырыаһыттара буолбуттара миигин эмиэ улаханнык астыннарар. Кинилэринэн киэн туттабын. Оччолорго Бүлүүттэн төрүттээх Аполлон Томскай биһиэхэ продюсердаабыта. Кини элбэх эдэр ыччаты өйөөн Антон Иванов, Серафим Ксенофонтов, Сергей Бандеров, Игорь Иванов, «Х- UPP» бөлөх, уо.д.а. эстрадаҕа тахсыбыттара, биллэр-көстөр буолбуттара. Ити сыллар миэхэ саамай ситиһииллээх кэмнэрим этэ. Төһө да ырыа айарга улахан үөрүйэх суох буоллар, син элбэх ырыаны айан-тутан таһаарбытым. 2001 сылга «Сайын» диэн бастакы видеоклибым, 2000 сылга -«Олоҕум бастакы хардыыта» диэн аудиокассетам, 2003 сылга, барыта бэйэм авторскай ырыаларбар компакт-дискам, икки альбом тахсыбыттара. Ол кэннэ эстрадаҕа үлэм арыычча тохтуу сылдьыбыта. Ол сылларга тыа сиригэр үлэлээн үөрүйэхтэнэн, араас нэһилиэктэргэ ансаамбыллары тэрийбитим. Аммаҕа «Көлүкэчээн» ансаамбыл, Хаҥаласка «Ленские зори». Дүпсүн, Мырыла оскуолаларыгар эмиэ үлэлээбитим. Ону сэргэ, артыыстарга ырыалары айарынан дьарыктана сылдьыбытым. Игорь Егоровка, Серафим Ксенофонтовка, Сахаайаҕа ырыа айбытым. Онон эдэр сааспар син элбэх үлэни оҥоро, тэрийэ сатаатым дии саныыбын. Өссө да үлэлиэм турдаҕа. 2008 сылтан Саха эстрадатыгар иккиһин тахсыбытым. Онно бу Геннадий Семенов авторскай бырайыагар, «Маэстро» куонкуруска, «Таптыыр кыыспар» диэн ырыабынан кыттан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбытым. Эмиэ ол сыл «Этигэн хомуска» «Сыл бастыҥ ырыата» диэн номинацияҕа бу ырыабынан кыайбытым. Биэс сыллаах тохтобул кэннэ, Дьокуускай куоракка төннөммүн үлэбин өссө күргүөмнээхтик саҕалаабытым. Бу сырыыга бэйэм туспар эрэ буолбакка, бииргэ төрөөбүт эдьиийим оҕотун, илиибэр улааппыт, инбэлиит кэлээскэтигэр олорон ыллыыр сиэн бырааппын Дима Потаповы эстрадаҕа таһаараары сыраласпытым. Димаҕа ырыаларын айбытым. Билигин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан «Норуоттар доҕордоһууларын» культура дьиэтигэр хас да кэлэктиипкэ салайааччы быһыытынан үлэлии сылдьабын. Уонтан тахса сыл сыбаайбалары, үбүлүөйдэри, араас корпоративтары ыытабын, бэйэм бас билэр студиялаахпын, онно оҕолору үөрэтэбин. Андрей Бурнашев, Сергей Сорокин, Кэскил Баишев, Юра Гольдеров мин үөрэнээччилэрим. Кинилэри эстрадаҕа таһаартаан эрэбин. Билигин студия иһинэн 17 оҕо дьарыктанар. Быйылгы «Саҥа ырыа» күрэскэ 4 үөрэнээччим: С.Сорокин, В.Мордовской, Арчылаана, Ю.Гольдеров финалист буолбуттара, олортон биир оҕом кыайыылаах таҕыста. Уопсайынан дьоҥҥо-сэргэҕэ, ордук доруобуйаларынан хааччахтаахтарга көмөлөһө сатыыбын. Мин кинилэри артыыс эрэ буоларга сирдээбэппин, эдэрдэр өй-санаа өттүнэн бэйэлэрин суолларын тобулалларыгар, булалларыгар кыаҕым тиийэринэн көмөлөһөбүн. Аһаҕастык эттэххэ, оҕо эрдэхпиттэн харахпынан иккис группалаах инбэлииппин. Түөрт төгүл эпэрээсийэлэммитим. Онон киһиэхэ олох диэн хайдахтаах күндүтүн билэбин диэн этиэхпин баҕарабын. Ол иһин, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо санааҕытын хаһан да, туохтан да түһэримэҥ, кылаабынайа олоххо тардыһыҥ, куһаҕан дьаллыкка ылларбакка туох кыалларынан үлэлээн-хамнаан иннигит диэки хардыылаан иһиҥ диэхпин баҕарабын. Орто дойду олоҕор бары туох эрэ үтүөнү оҥороору, үчүгэй өйдөбүлү, суолу-ииһи хааллараары кэлэбит. Онон оннук сыалга-сорукка дьулуһуохтаахпыт дии саныыбын. Ситиһиилэннэххитинэ өйөөбүт, көмөлөспүт дьоҥҥутун хаһан даҕаны умнумаҥ, өрүү махтана сылдьыҥ диэн сүбэлиибин. Усуйаана олохтоохторугар барыларыгар этэҥҥэ буолууну, чэгиэн доруобайаны, дьолу, уйгу-быйаҥ олоҕу баҕарыбын.

Талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик
© ЯСИА.RU