Хайыр «Омоллойо» эдэр сааһын эргиттэ

Хайыр нэһилиэгэр «Айыллаан» култуура дьиэтэ 70 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах, ону тэҥэ «Омолой» вокально-инструментальнай ансаамбыл тэриллибитэ 35 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр буолан аастылар. Онон бу күннэргэ нэһилиэк улаханнык сэргэхсийдэ. Бу туһунан «Омолой» бөлөх салайаччытын А.Н.Болтуновы кытта кэпсэттибит: -«Быйылгы үбүлүөйдэри бэлиэтиир үлэбит былаанын чэрчитинэн Хайырдааҕы «Айыллаан» култуура дьиэтэ 70 сылын туолуутугар уонна бу дьиэттэн тахсыбыт «Омолой» ВИА тэриллибитэ 35 сыла буолбутун көрсө үөрүүлээх тэрээһиннэри тэрийэн ыыттыбыт. Ансаамбыл кыттыылаахтара уонна куораттан ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт, билсэр табаарыстарбыт, саха эстрадатыгар биллэр ырыаһыттар Алексей Потапов уонна Геннадий Семенов-Ураанхай кыттыыны ыланнар, тэрийсэннэр үрдүк таһымнаах буолла. Хайыр нэһилиэгэ 1946 сыллаахха тэриллибит буоллаҕына, 1947 сыллаахха бастакы тыа кулууба аһыллыбыт. Бырааһынньыктааҕы киэһэбитигэр бу 70 сыл тухары кулууппут үлэтигэр кыттыыны ылбыт, култуураны байытыспыт нэһилиэкпит олохтоохторун ахтан-санаан, кинилэр тустарынан сырдатан документальнай киинэ бэлэмнээбиппитин көрдөрдүбүт. Бу киинэни эдэр табаарыспыт А.Потапов уонна А. Болтунов салаайаччылаах кулууп кэлэктиибэ көмөлөһөн оҥорбуппут. Киэһэбит бастакы чааһыгар ыҥырыылаах ытык дьоммутун — 50 сыл тухары киномеханигынан үлэлээбит ытык кырдьаҕаспытын Слепцов Павел Петровиһы, ону кытта 40 тахса сыл нэһилэкпитигэр Саҥа дьылы көтүппэккэ Тымныы Оҕонньор буолбут, уруккута сельсовеппыт бэрэсэдээтэлин Болтунов Афанасий Николаевиһы чиэстээтибит. Бу дьон 60-с сыллаардахтан үлээлээбитэрэ-хамсаабыттара. 1982 сылга эдэр исписэлииһинэн мин кэлэн үлэлиэхпиттэн ыла, биһиги, Болтуновтар дьиэ кэргэн, култуура эйгэтин илиибитигэр тутан, билигин да үлэлии сылдьабыт. Мин уопсайа 17 сыл тухары кулуупка дириэктэрдээбитим. Ол иһигэр үлэбэр үөрүйэҕи эбинэ диэн, сир уларыта таарыйа, үс сыл Чурапчыга эмиэ култуура эйгэтигэр үлэлээбитим. Онно Мырылаҕа кулууп дьиэтэ умайан хаалбыт этэ. Онон олохтоохтор туруорсууларынан икки мэндиэмэннээх саҥа кулуубу тутуспутум. Мырылалар билигин да көрүстэхтэринэ махталларын тиэрдэллэр. Онтон иккис кулуубу 90-с сылларга Хайырга норуот тутуутан чэрчитинэн дьэндэппиппит. Мин баһылыгынан талыллыбытым кэннэ, кэргэним Марина Кимовна 2014 сылга диэри кулуупка дириэктэрдээбитэ. Кини кэнниттэн туйахпытын хатаран, култуура үөрэхтээх орто уолбут Аполлон Болтунов билигин дириэктэрдии сылдьар. Онон династиябыт үлэтэ «Айыллаан» кулуупка салҕанар. 1982 сылга өрүспүт уонна нэһилиэкпит аатынан «Омолой» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэриллибитэ. Ити кэмнэргэ В.Барабанскай тылларыгар «Омолойго сарсыарда» диэн ааттаах аан бастакы ырыабын суруйбутум. Онтон музыкальнай саастап тэринэн, репертуар хомунан, ансаамбылбыт айар үлэтэ саҕаламмыта. Бу 35 сыл иһигэр ааҕан таһаарбыппыт ансаамбылбытыгар 50-тан тахса киһи ыллаан-туойан, инструменнарга оонньоон ааспыт эбит. Араас улуустааҕы ырыа күрэстэригэр лауреат буолан, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кыттан, сыыйа сүрүн кыттааччыларбыт хаалбыттара. 90 –с сылларга күүстээх састаап буола сылдьыбыта. Ол сылларга биһиги ВИА-быт улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибитэ. Оччолорго муусука анал үөрэхтээхтэриттэн мин эрэ этим. Атыттар айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр талааннаах буоланнар, ансаамбылбыт суон сураҕырбыта. Александр Горохов, Владимир Берзяков, Галина Неустроева, Светлана Үчүгэйээбэ, Валентин Семенов уо.д.а. кэрэ куоластарынан ыллаан-туойан дьону-сэргэни үөрдэллэрэ. Аныгы олох сиэринэн вокальнай-инструментальнай ансаамбыл суолтата сүппүтэ. Оттон биһиги улууспутугар, соҕотох ВИАбыт сүтэн-симэлийэн хаалбакка, күн бүгүҥҥэ диэри биһиги өрө күүрүүлээхтик үлэлии, ылыы-туойа сылдьарбытыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Бу эдэр сааспытын санатар бырааһынньыктааҕы кэнсиэрбитигэр урукку састааптан: мин- солист, клавишник быһыытынан, Егор Неустроев— бас-гитарист, Дмитрий Ребров- ырыаһыт, клавишник, ону кытта икки эдэр, улахан инникилээх уолаттар: Иван Горохов— соло-гитарист, Айсен Колесов – барабааҥҥа оонньооччунан кэлэктиипкэ киирэннэр кыттыыны ыллылар. Түгэнинэн туһанан бу эдэр уолаттарга улахан махталбын тиэрдэбин. Өссө да үлэлэһиэхпит, кинилэр биһиги үлэбитин салгыахтара диэн эрэнэбин. Бу үбүлүөйдээх бырагыраамабытынан улууспут нэһилиэктэригэр гастроллаан эдэр саастарбытын эргитэн ыллыбыт. Хайыр кэнниттэн салгыы Казачьеҕа, Усуйаанаҕа, Уйаандьыга, Депутатскайга кэнсиэрдээтибит. Онуоха кэнсиэрбитигэр сылдьыбыт көрөөччүлэрбит үксүлэрэ кэлэн илии тутуһаллара, махтаналлара, үөрүүлэрин үллэстэллэрэ айар-тутар санаабытын кынаттаата. -Тапталлаах «Омолойбутун» кытта эдэр сааспытыгар эргиппиккититтэн наһаа дьоллоннубут, үөрдүбүт, — диэн долгуйан, бэл, уйадыйан ыллылар. 1 из 5

Хайыр «Омоллойо» эдэр сааһын эргиттэ
© ЯСИА.RU