Покровскай кырачааннарыгар «Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнэ»

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Хаҥалас улууһугар Покровскайга «Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн” «Сардаана» оҕо уһуйааныгар бэрт көхтөөхтүк бэлиэтээтилэр. Уһуйааччылар Марианна Скрыбыкина, Светлана Негнюрова ортоку уонна улахан сүһүөх сахалыы саҥалаах бөлөх оҕолорун бу үөрүүлээх күҥҥэ бэлэмнээбиттэрэ улахан үөрүүлээх буолла. Кырачааннарга бастакы сахалыы букубаары төрүттээбит улуу киһибит Новгородов С.А. туһунан сырдаттым, онтон Одун Хаан ыйа тугу кэрэһэлиирин кэпсээтим уонна бу ый бэлиэтин өйдөбүнньүк курдук туттардым. Салгыы бары илии-илииттэн ылсаммыт киэҥ түһүлгэни тэрийэн оһуохайдаатыбыт. Маныаха уһуйааччы Светлана Негнюрова бөлөҕүн оҕолоро бу күн сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ буолла, сүргэни көтөхтө. Түмүккэ, бары олус астынныбыт, үөрдүбүт. Итиэннэ бу кэскиллээх тэрээһиммитин өйөөбүт «Сардаана» оҕо уһуйаанын салайааччытыгар Елена Ефимоваҕа махтанныбыт.

Покровскай кырачааннарыгар «Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнэ»
© ЯСИА.RU