«Айар ыллыктар» алгыстаах айаннара

Аҕыйах хонуктааҕыта Таатта улууһугар, Баайаҕа Томторугар, үөрүүлээх дьоһун киэһэ буолан ааста. Туора-Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Айар ыллыктар» диэн бөлөҕө ыалдьыттаата. Бу кэнсиэри олохтоохтор кэтэспиппит ыраатта. Икки сыллааҕыта Туора-Күөл оскуолатын салалтата эбии үөрэхтээһин ситиминэн, оҕолору эстетическэй иитиигэ болҕомтотун өссө күүһүрдүбүтэ. Онон үҥкүү куруһуога аһыллыбыта. Куруһуок салайааччытынан С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Судаарыстыбаннай үҥкүү тыйаатырыгар үҥкүүлээбит Семен Андросов үлэлии кэлбитэ. Семен Дмитрьевич — Баайаҕа уола, манна төрөөбүтэ, улааппыта. Мантан үҥкүү эйгэтигэр куорсун анньыммыта. Онон кини уһуйааччы быһыытынан үлэтин бастакы түмүктэрин дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр отчуоттуу аҕалбыта үөрүүлээх уонна долгутуулаах буолла. Кэнсиэр саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри «Бис!», «Браво!» хаһыыларынан, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. «Дьиэрэҥкэй» ансаамбыл бииртэн биир сонун үҥкүүлэрэ, эдэр сааспытын санатар «Дорҕоон» ВИА, «Дьырылыатта» ырыа ансаамбыла, «Андайым» вокальнай квартет, дьикти кэрэ куоластаах ырыаһыттар, «Дьүлэй дьээбэлэрэ» КВН ньүөмэрдэрэ солбуһан көрөөччүнү абылаатылар. Кэнсиэри көрө олорон, 80-с сыллары санаан кэлэҕин. Кыракый Сеня Андросов «Булчут үҥкүүтүн» толоро сылдьарын ити киэһэ үгүстэр санаан, ахтан ылбыттара чахчы. Оччолорго, 1980 сыллаахха, биһиги оҕолорбут дьоллоругар музыкальнай оскуола аһыллыбыта. Онтон ыла бу Кэрэ Храма тиргиччи үлэлии турар. Үҥкүү кылааһыгар бастакы преподавателинэн Людмила Гаврильевна Неустроева үлэлээбитэ. Кини бастакы хараҥаччыларыттан олохторун, идэлэрин үҥкүүнү кытта сибээстээбит ыччаттар элбэхтэр, онтон биирдэстэрэ С.Андросов буолар. Семен Дмитрьевич отчуоттуур кэнсиэрин көрө олорон, үлэтин буочарыгар учуутала Людмила Гаврильевна сабыдыала көстөр диэн санаатым. Семен учууталын айар суолун солоон, өссө дириҥэтэн, байытан иһэр педагог буолбут. «Дьиэрэҥкэй» үҥкүү ансаамбылын репетуара киэҥинэн, көстүүмнэрэ сиэдэрэйинэн, маастарыстыбалара үрдүгүнэн сөхтөрдө. Ааспыт 2016 сылга ансаамбыл аата элбэхтик ааттанна, киэҥник сураҕырда. Сочи куоракка ыытыллыбыт «Планета искусств» Аан дойдутааҕы бэстибээл-куонкурус Гран-при хаһаайына, Санкт-Петербурга, Крымҥа ыытыллыбыт бэстибээл-куонкурустар 1-кы, 2-с истиэпэннээх лауреаттара, Дьокуускайга ыытыллыбыт «Зима начинается с Якутии» Аан дойдутааҕы бэстибээл 2-с истиэпэннэх лауреата үрдүк ааттары ылла. Сочи, Питер, Крым, Дьокуускай ирдэбиллээх көрөөччүлэрин иннигэр ситиһиилээхтик кыттыы – бу улахан үөрүү, дьол уонна сыралаах үлэ түмүгэ. Аны туран, кэнсиэр биир уратытынан сольнай үҥкүүлэр элбэхтэрэ соһутта. Тоҕо диэтэххэ, хореографтар сольнай үҥкүүнү туруорар ыарахан диэччилэр. Аянитова Алина, Бережнова Альбина, Кузьмина Сайаана, Гуляева Сандаара толорбут ньүөмэрдэрэ, хас биирдии хамсаныылара чочуллубута, имигэһэ көрөөччүнү абылыыр. Кэнсиэри үс энтузиаст уһуйааччы: Геннадий Кононович Васильев (“Дьырылыатта” вокальнай ансаамбыл салайааччыта), Егор Иванович Наумов (“Дорҕоон” ВИА салайааччыта), Семен Дмитрьевич Андросов (“Дьиэрэҥкэй” үҥкүү ансаамбылын салайааччы) үүннээн-тэһииннээн, бэлэмнээн аҕалбыттара кэрэхсэбиллээх. Ырыа эйгэтигэр Айтал Ермолаев аатын истибиппит ыраатта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ыллаа-туой, уол оҕо” куонкурус Гран-при хаһаайынын, Сочига Аан дойдутааҕы “Планета искусств” бэстибээл куонкуруһун лауреатын илэ көрөн, тыыннаах куолаһын истэн астынныбыт. Сиппит-хоппут ырыаһыт буолбутун бэлиэтээтибит. Уһуйааччы Геннадий Кононович сахалыы дэгэрэҥ ырыаны, кылыһахтаах толорууну кыайа тутарын көрдөрдө. “Айар ыллыктар” бөлөх ырыаһыттара Хатылыков Сарыал, Анохина Света, Павлова Аня, Кузьмин Арсен, Евграфова Сардаана, Прокопьева Аэлита, Белолюбскай Афоня, Чупров Арсен, Ефимова Айгыына ханнык баҕарар сценаҕа ыллыыр-туойар кыахтаммыттар. Дьэ, бу курдук, кэтэһиилээх кэнсиэртэн астынан-дуоһуйан, сөҕөн-махтайан, эҕэрдэлээн, ситиһиилэри баҕара хааллыбыт. Түмүккэ, салайааччы Семен Дмитрьевичка биир ыйытыыны биэрдим: — Биһиги Туора-Күөлгэ култуура эйгэтин академик Эрнест Алексеевынан, тойуксут Николай Аянитовынан, “Мөһүүрэ” бөлөҕүнэн, ырыаны-тойугу, көрү-күлүүнү өрө тутар Кузьминнар дьиэ-кэргэн тыйаатырдарынан билэбит. Аны саҕахха “Айар ыллыктар” кэллигит. Бу кылгас кэм иһигэр хайдах сөҕүмэр ситиһиилэннигит? — Дьүлэй нэһилиэгэр былыр былыргыттан олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит дойдулара, “Дьулуруйар Ньургун Боотур Бухатыыр” олоҥхо түөрэҕэ түспүт түөлбэтэ бэйэтэ туһунан дьайар тыыннаах быһыылаах. Улуу олоҥхоһут Табаахырап, Ырыа Тиэхээн аатынан уулуссалар, Табаахырапка пааматынньык бааллара нэһилиэк ытык дьонугар үтүө сыһыанын ырылхайдык көрдөрөр, ыччатыгар үчүгэй эрэ өттүнэн сабыдыаллаах дии саныыбын. Дойду ураты тыына, култуура эйгэтигэр сыһыана үлэбитигэр көмөлөһөр диэн түмүккэ кэллим. Оҕо араас таһымнаах бэстибээллэргэ, куонкурустарга кытыннаҕына, атын дойдуларынан сырыттаҕына сайдар, үүнэр. Ити айаннарбытын өйөөччүлэринэн оскуола дириэктэрэ Иван Николаевич Гуляев, завуч Оксана Николаевна Гуляева, организатор Нарыйа Петровна Васильева буолаллар. Ураты махтал иистэнньэҥнэргэ-норуот маастара Матаннанова Варвара Гаврильевнаҕа, Шестакова Лариса Семеновнаҕа, Кузьмина Екатерина Николаевнаҕа ананар, төрөппүттэргэ нөрүөн нөргүйэбит,- диэн хоруйдаата.

«Айар ыллыктар» алгыстаах айаннара
© ЯСИА.RU