Улуус олоҕо: Россияҕа Экология сылыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тоҥуочаан” лааҕыр 15 сылын туолар
«Сахамедиа» улуустарга анаммыт бырайыагын суруналыыстара Хотун Бүлүү модун бэлиэлээх Үөһээ Бүлүү туһунан суруйууларын салгыыр. Россияҕа биллэриллибит Экология сылыгар «Тоҥуочаан» экологическай-чинчийэр лааҕыр үлэлээбитэ 15 сыла буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кинилэр тустарынан сиһилии билсиҥ. 1986 с. “Сахаада” хаһыакка “Эрик кэпсээннэрэ” бэчээттэммитэ. Онно геолог Эрик Алексеев Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар 600 миэтэрэ усталаах, 200 миэтэрэ туоралаах сиргэ тэбис-тэҥҥэ үүммүт мастар баалларын туһунан суруйбута. Бу ыстатыйаттан сылтаан “Тоҥуочаан” лааҕыр Үөһээ Бүлүүгэ тэриллибитэ диэтэххэ сыыстарбаппыт буолуо. Ыстатыйа суолунан кэлин оҕолор Үөһээ Бүлүү-Кэнтик-Өргүөт хайысхатынан 320 км. сири эргийэн кэлбиттэрэ да, ол ойууру булбатахтара. 1 из 3 «Тоҥуочаан» салайааччытынан М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернакка омук тылын учууталынан үлэлиир, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ уопсастыбаннай экологическай кэмитиэт бочуоттаах чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уопсастыбаннай экологическай сэбиэтин чилиэнэ Сардаана Петровна Захарова үтүө суобастаахтык үлэлээн кэллэ. Айымньылаахтык үлэлиир, олоххо сонун көрүүлээх учуутал Сардаана Петровна элбэх оҕону айылҕа харыстабылыгар уһуйда, төрөөбүт дойдуга тапталы үөскэттэ. Умнуллубат экспедициялар 1 из 4 2002 с. Элгээйи экологическай хамсааһыҥҥа уопсастыбанньыга Григорий Павлов-Төкүнүк хаста даҕаны Үөһээ Бүлүү оҕолорун бэйэтин маршрутугар киллэрэн Дьокуускай туһаайыытынан илдьэ сылдьыбыта. 2003 с. Үөрэнээччилэр атын хайысханан 350 км. сиринэн сылдьыбыттара. Бу сылдьан айылҕа пааматынньыктарын, дьиктилэрин элбэҕи көрбүттэрэ. Өргүөккэ былыр Кыыллатар диэн баай киһи олорбута үһү. Кини ампаара 200-тэн тахса сыл турара эмиэ туспа дьикти. Иккис этээһигэр араас мала-сала тыытыллыбакка турара сөхтөрбүт. 2005 с. “Замечательные ландшафты Верхневилюйского улуса” диэн тиэмэнэн эмиэ кэрийбиттэрэ. Ол сылдьан Өргүөккэ баар муус аппаны көрбүттэр. Бу сиргэ муус от ыйын ортотугар диэри ууллубакка сытара оҕолору чинчийиигэ ылсалларыгар олук буолбут. 2006 с. Боотулуга Оргул диэн күөл баар. Бу күөл урут хайдах үөскээбитэ бэйэтэ туспа историялаах. Сүрдээх дириҥ күөл. Күөлгэ үүнэр оту Ньыыкан кырдьаҕас туттара диэн кэпсииллэр. Бу күөл видеоҕа уһуллубат, хаартыскаҕа түспэт диэн үһүйээн эмиэ баар. Онон лааҕыр оҕолоро Оргулга хайыһарынан баран кэлбиттэрэ. Экспедиция тэрийээри гыннахтарына, тэрээһин үлэтин эрдэттэн саҕалыыллар. Сайынын Боотулуга сылдьыбыттар. Сирдьит буоларга Ньыыкан күтүөтэ Ньукулай кырдьаҕас сөбүлэспит. Кини оҕолору собону үөлэргэ үөрэппитин умнубаттар. Оҕолор бу сырыыларыгар элбэх сохсоҕо түбэспиттэр. Тоҕо диэтэххэ, Боотулуга тыатааҕы элбэх сирэ. Бу дьыл өссө Тамалакаан уонна Харбалаах нэһилиэктэригэр сылдьыбыттара эмиэ туспа кэпсээн. 2008 с. “Мисс Марсден” диэн ааттаах экспедицияҕа Бүлүүттэн Дьокуускайга диэри сатыы 670 км. хаампыттар. Хас тохтообут дэриэбинэлэрин аайы үтүө санаалаах Англия сиэстэрэтэ, айанньыт, Кыһыл кириэс Россиятааҕы уопсастыбатын уонна Британия медицинскэй сиэстэрэлэрин королескай ассоциациятын чилиэнэ Марсден туһунан кэпсээбиттэрин дьон олус сэргээбит. Онон оҕолор агитбиригээдэ оруолун толорбуттар. 2009 с. Матта-Сиинэ-Өлүөнэ хайысхатынан уунан устубуттар. Бу айаннарын устата — 700 км. 2010 с. Түҥ өрүһүнэн (Бүлүү уонна Өлөөн икки ардынан) эмиэ устубуттар. Мотуордаах оҥочонон, байдаарканан аллараа түспүттэр. 2011 с. Алын кылаас оҕолоро Түҥҥэ айылҕа харыстабылыгар анаан-минээн үөрэммиттэр. Чинчийэр үлэни сэргээтилэр 1 из 7 2012 с. Дабаан диэн Туобуйаттан 60 км. сиргэ ядернай эстии буолбут. Бу экспедицияҕа учуонайдар кыттыспыттар. Ол курдук, ядернай физика кафедратын үлэһиттэрин кытта бииргэ сылдьыбыттара үөрэнээччилэр чинчийэр дьоҕурдарын сайыннарбыт. Онно оҕолор саркофаг тимирин, муоҕу, тэллэйи хаар анныттан булан, кэмнээһини ыыппыттар. 2012 с. Буотамаҕа уунан уонна сатыы сылдьыбыттарын оҕолор өргө диэри умнубаттара буолуо. Ньурбаҕа Сата Хайатыгар диэри устубуттар. Бу эмиэ Киһилээх Хайа курдук күүстээх энергетикалаах сир дииллэр. 2013 с. Лааҕыр оҕолоро Саха сиринэн эрэ муҥурдаммакка, аны Иркутскайга скауттар слеттарыгар кыттыбыттар. Онно уунан 5 категориялаах күчүмэҕэйдэрдээх сиринэн устан, бэйэлэрин үөрүйэхтэрин көрдөрбүттэр. 2014 с. “Тоҥуо кыһыл көмүһэ” экспедицияны тэрийбиттэрэ. Бу сиргэ сэрии саҕана Үөһээ Бүлүү детдомуттан оҕолору таһааран, тимири уһаардыбыттар. Оҕолор барахсаттар түүннэри-күнүстэри үлэлээн, 500 болгуону тааҥка тутуутугар анаан ыыппыттара туспа история. Билигин да ити сиргэ тимири уһаарбыт оһохторо турар. Билиҥҥи чинчийээччи оҕолор манна төһө тимирдээҕин үөрэппиттэр. Үлэҕэ үс учуонай кыттыбыт. 2017 сылга — Ричард Маак суолунан сылдьар былааннаахтар Быйыл Ричард Маак “Вилюйский округ” кинигэни суруйбута 160 сылын туолар. Кинини Бүлүүгэ көмүс ыһылла сытар диэн ыыппыттар. Манна Маак Бүлүү умнаһыгар көрсүбүт дьонун туһунан суруйбута интэриэһи тардар. Онон Маак Бүлүү килиимэтин, геологиятын, этнографиятын үөрэппит. Өссө эбэҥкилии, сахалыы тылдьыты оҥорбут. Ол иһин оҕолор бу тиэмэни интэриэһиргээн, “Нуучча географическай уопсастыбатын”, «Билии” уопсастыбаны кытта экспедиция ыытарга быһаарбыттар. Маак ол үйэттэн ордук кэм анараа өттүгэр суруйбут кинигэтигэр саха дьонун ырытан суруйбута олус сонун. Онон бу кэлимсэ экспедицияҕа Никита Соломонов (салайааччы), биологияҕа – биологическай наука доктора Аркадий Исаев, географияҕа – география кафедратын сэбиэдиссэйэ Юрий Данилов, геологияҕа – Алексей Павлов, туризмҥа – Виктор Ноговицын, историяҕа – Айтал Яковлев көмөлөһүөхтэрэ. «Медицинскэй физика” хайысхатынан Саргылана Мамаева сылдьыһыаҕа, оҕолортон хаан анаалыһын ылыаҕа. Онон “тоҥуочааннар” бу сыл бэс ыйын 9 күнүттэн бэс ыйын 28 күнүгэр диэри уһун айаҥҥа турунуохтара. Чинчийэр үлэҕэ бэлэмнэнэн, лааҕыр салайааччыта Сардаана Захарова анаан-минээн архыыпка сылдьыбыт. Маак туһунан биир да матырыйаалы, хомойуох иһин, булбатах. Лааҕыр үлэтин олус өйүүллэр 1 из 3 — Быйылгы “Ричард Маак суолунан” диэн бырайыакпытын Россияҕа биллэриллибит Экология сылыгар аныыбыт. Бу сырыыбыт түмүгүнэн чинчийэр үлэ бөҕө тахсара күүтүллэр. Историяны сэгэттэххэ, Мэйиккэ Маак Карлович Сааба кулуба дьиэтигэр хонон ааспыт. Кулуба эмээхсинэ ыалдьыты Европа иһитигэр аһаппыт. Ону Маак маннык түҥкэтэх сиргэ мааны иһитинэн аһаттылар диэн сүрдээҕин сөҕөн суруйбут. Бу ааспыт сыллары санаатахпына, экспедицияларга сылдьыбыт кэмнэрбитигэр нэһилиэктэр баһылыктарын кытта ыкса үлэлээн кэллибит. Холобур, Оҥхой баһылыга айаммыт хайысхатын оҥорууга көмөлөспүтэ. Итиннэ 1905 с. туруоруллубут сэргэ баар. Ону А.Е.Кулаковскай туруорбут сэргэтэ дииллэр. Кини Аһыкай диэн алааска 3 сэргэни туруорбут. Дьон Оҥхойго ону кэриэстээн мэҥэ таас туруорбуттар этэ. Биһигини кытта сэргэлэри үөрэтэр мусуой үлэһитэ сылдьыбыта. Бу айаммытыгар барыларыгар оҕолор кэтээн көрүү дневнигын толороллор. “Тоҥуочааҥҥа” сылдьыбыт кэмнэригэр оҕолорбут араас үөрүйэхтэргэ, күчүмэҕэйдэртэн сытыытык толкуйдаан тахсарга үөрэнэллэр. Ол инники олохторугар туһалаах буолуоҕа. Бу экспедициялары кытта сибээстээх идэлэри да талыахтарын сөп. Түөрт оҕо Ыксаллаах быһыыга-майгыга сыһыаннаах үөрэҕи талбыта да элбэҕи туоһулуур дии саныыбын. Оҕолорбут экспедицияларга сылдьан айылҕалыын алтыһан, буһан-хатан, эт-хаан өттүнэн сайдаллар. Кэтээн көрүүбүнэн, ыалдьаллара да аччыыр курдук. Салайа үөрэнэллэригэр олус туһалаах. Балааккаҕа хоно сылдьыбыт кэмнэрин оҕолор олус күндүтүк ахтан-санаан ааһааччылар. Лааҕырбыт тэриллибит 15 сылын устата оскуолабыт өйүүрүн иһин махтанабын. Үөрэх улуустааҕы управлениета аһылыгынан хааччыйыыга көмөлөһөр. Өйөбүллээх буоламмыт, бачча ыраах сирдэринэн тэлэһийэр буоллахпыт, — диэн сэргэх кэпсээнин түмүктээтэ лааҕыр салайааччыта Сардана Захарова. Наһаа да сэргэхтик олороллор эбит Үөһээ Бүлүү үөрэнээччилэрэ. Ол иһин бу үөрэх кыһатын бүтэрбиттэр араас идэлээх дьон буола улаатан эрдэхтэрэ. Сардана Захарова курдук айылҕа харыстабылыгар сыраларын биэрэр учууталлар ахсааннара элбээн иһэригэр баҕарабыт. Бүлүү Эбэҕэ күн аныыры эттилэр Үөһээ Бүлүүгэ эбии үөрэхтээһиҥҥэ “Экологическай култуураҕа иитэр киин” тэриллэн үлэлээн эрэр. Манна 5 сааһыттан 18 диэри сылдьаллар. Нэһилиэктэргэ экологическай десаннары, тэрээһиннэри, куруһуоктары сүрүннүүр. Ыччат муҥхатын тэрийии үгэскэ кубулуйбут. Киин Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын, уопсастыбаннай экологическай сэбиэти кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. «Бүлүү эбэҕэ күн аныахха диэн этии киирбитэ. Онно олоҕуран улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрэ быһаарыы ылыммыта. Хотун Бүлүүгэ аналлаах монуменнаахпыт. Ону саҥардыы үлэтин ыытыахпыт. Былырыын Бүлүү эбэҕэ аналлаах субуотунньугу тэрийбиппит», — диэн кэпсээтэ Вилюй Титов. Бу курдук Үөһээ Бүлүүгэ үүнэр көлүөнэни, эдэр ыччаты айылҕа харыстабылыгар иитиигэ олус улахан болҕомтолорун ууран үлэлииллэрин көрдүбүт-иһиттибит. Онон Россияҕа биллэриллибит Экология сылыгар үөһээ бүлүүлэр ыытар үлэлэрэ түмүктээх буолуоҕа диэн эрэнэбит. “Улуус олоҕо” сахалыы таһаарыытыгар аныгыс сырыыга Ороһу ытык кырдьаҕаһа, 97 саастаах Мария Мыкычанова уһун үйэлэнии кистэлэҥин уонна айылҕа уларыйыытын кэтээн көрүүлэрин туһунан кэпсиэхпит.