Бүлүү бөлөх улуустарыгар – «Инникигэ хардыы»

«Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ XXI төгүлүн ыытыллар. Быйылгы сылга академик В.П. Ларионов аатынан Бүлүү бөлөх улуустарын кэмпириэнсийэтэ Сунтаарга буолла. Манна Ньурбаттан 40, Бүлүүттэн 37, Үөһээ Бүлүүттэн 45 уонна Сунтаар улууһуттан 65 науканы эдэр чинчийээччилэр күөн көрүстүлэр. Оҕолор үлэлэрин түөрт улуустартан уопсайа 60-ча эксперт сыаналаата. Кэмпириэнсийэ таһыма үрдүгүн экспертэр ахсааннарыгар наука дуоктара уонна наука хандьыдааттара бааллара туоһулуур. Ол курдук, Мииринэйдээҕи политехническэй институттан наука дуоктара уонна сэттэ наука хандьыдаата эксперт быһыытынан үлэлээтилэр. «Инникигэ хардыы» НПК Бүлүү бөлөх улуустарын координационнай киинин, Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй дириэктэрдэрэ Капиталина Ефимова: — Ааҕыыга наука дуоктара, наука хандьыдааттара кытталлара олус үчүгэй. Мииринэйдээҕи политехническэй институт дириэктэрэ Альбина Гольдман көмөтүнэн наука үлэһиттэрэ кэлбиттэрин бэлиэтиэххэ наада. Оҕо манна бэриллибит бириэмэ иһигэр дьон иннигэр сөпкө саҥарарга, санаатын, үлэ сүмэтин чопчу этэргэ, боппуруостарга эппиэттииргэ, литэрэтиирэни кытары үлэлииргэ, гипотеза туруоран, ону дакаастыырга үөрэнэр. Ол оҕо иннитигэр биллэн турар саамай наада. Билиҥҥи оҕолор үлэлэрин ис тутула сүрдээх киэҥ, чинчийиилэрэ чуолкай буолла, — диэн санаатын үллэһиннэ. Эксперт, МПТИ «Горнай уонна нефтегазовай дьыала» кафедратын профессора, геолого-минералогическай наука дуоктара Илья Коробков: — Кэнники кэмҥэ үөрэнээччилэр салайааччыларын көмөлөрүнэн инники күөҥҥэ түһэн иһэр технологиялар, сир туһалаах баайын хостооһун, байытыы тустарынан, о.д.а. үлэлэри суруйарга холонор буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Маныаха мин үлэлиир хайысхабынан, алмааһы хостуур промышленноска, ол кыһалҕаларын быһаарыы боппуруостара, о.д.а. манна, оҕолор үлэлэригэр, эмиэ көстөр. Биһиги бу хайысхаҕа кыттыбыт оҕолорго сүбэ-ама биэрэбит итиэннэ, биллэн турар, институкка күүтэбит. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, үөрэнээччилэр конференцияларга кыттан ылбыт Грамоталара, дипломнара үөрэххэ туттарсарга хайаан да учуоттаналлар. Онон көхтөөхтүк кыттан иһиҥ диэн сүбэлиибин, — диэтэ. Түмүккэ 84 үлэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ кыттыаҕа, 15 лауреаты ааттыахтара уонна 3 бастыҥ үлэлээхтэр Арассыыйа таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтара.

Бүлүү бөлөх улуустарыгар – «Инникигэ хардыы»
© ЯСИА.RU