«Улуус олоҕо»: Кириэстээх эдэр фермерэ тыа сиригэр олорор, үлэлиир барыстааҕын этэр

Ыччат тыа сиригэр талаһар, онно хаһаайыстыба тэринэр буолла. Манна Россия, Саха сирин салаталара тыа хаһаайыстыбатын, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга ыытар үлэлэрэ олук буолар. Сахамедиа холдинг «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара Кириэстээх сэлиэнньэтин “граннаахтарын” кытта көрүстүбүт. Кириэстээх — айан суолун аартыгар турар сэлиэнньэ. Онон, улуус сирэйин арыйар бэлиэ сир буоларын өйдөөн, ыччаттар нэһилиэктэрин көстүүтэ тупсаҕай буоларыгар ис сүрэхтэриттэн кыһаналлар. Киирэр аартыкка кинилэр толкуйдаабыт «Мин Кириэстээҕи таптыыбын» диэн патриотическай ис хоһоонноох, креативнай көстүүлээх баннердарын көрө түһэҕин. Манна тыа сирин сайыннарыыга бизнес-былаан оҥорон, ону көмүскээн, 1,5 мөл. солк. ылан, үлэлии-хамсыы сылдьар үс киһилээхтэрин туһунан кэпсээтилэр. “Этнотуризмынан Изабелла Степановна Платонова дьарыктанар, сылгыны иитиигэ Егор Егорович Старостин ылсыбыта уонна Владимир Викторович Тихонов ынах сүөһү дэлэтиигэ киирсэ сылдьар. Барыта этэҥҥэ курдук. Инникитин даҕаны маннык бырагыраамаларга киирэн нэһилиэкпитин сайыннарар былааннаахпыт”, — диэн эттилэр олохтоох дьаһалтаҕа. Биһиги эдэр фермер Владимир Тихоновы көрсөн кэпсэттибит, хаһаайыстыбатын көрдүбүт. Тыа сиригэр олохсуйуон баҕалаах ыччат былырыын атырдьах ыйыгар чааһынай тэрилтэ тэриммит. Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан үлэлииргэ быһаарыммытым, итиэннэ саҥа саҕалыыр фермердэргэ анаммыт куонкуруска өр бэлэмнэнэн киирсибит. Онто өйөммүтүттэн олус сүргэтэ көтөҕүллүбүт. 1 из 6 Граҥҥа ылбыт үбүгэр тута оттуур тиэхиньикэ, биэс ынах-сүөһү атыыласпыт. Кириэстээххэ бэйэтигэр оттуур сир аҕыйаан, атын нэһилиэктэн сир ылан оттообут. Соторутааҕыта биир ынаҕа төрөөн бастакы эбиллии үөрүүтүн билбит. Кулун тутарга эмиэ төрүөх күүтэ сылдьар. Зоотехник идэлээх уол бу иннинэ Мирнэйгэ дьиэ арендалаан үлэлии сылдьыбытын туһунан кэпсиир. Куоракка олоруу ороскуоттааҕын, хас биирдии хардыы харчыны эрэйэрин бэйэтинэн билэн, төрөөбүт дойдутугар төннөргө санаммыт. «Билигин бэйэм хаһаайыстыбабар үлэлиирим быдан барыстаах. Тэрилтэҕэ үлэлиир курдук буолуо дуо, барыһыҥ барыта бэйэҕэр киирэр. Тыа сиригэр да олоруохха сөп. Ким хайдах дьаһанарынан, үчүгэйдик олорор кыахтаах. «Беларусь» тыраахтардаахпын, от соһордоохпун, рулоннуур тиэхиньикэлээхпин. От эрэ үүнүөн наада. Бэйэ тэрилтэтин тэриниэн баҕалаах дьоҥҥо судаарыстыба ыытар үлэтэ олус туһалаах эбит. Ити харчынан өйөбүл-көмө мин хаһаайыстыба тэринэрбэр элбэх оруоллаах буолла. Холобур, элбэх тиэхиньикэлээх буолан, урут икки-үс ый устата оттуур сиргин билигин аҕыйах нэдиэлэнэн бүтэрэн кэбиһэҕин. Арай, оттуур сирбит аҕыйаҕа атахтыыр”, – диир. Владимир этэринэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах эдэр дьон өрөспүүбүлүкэҕэ сылтан сыл аайы элбии турар. Ол курдук, былырыын анал кууруска үөрэнэ кэлбит 80-ча киһиттэн улахан аҥаардара ыччат эбит. Тихонов кыстыгы этэҥҥэ туораан, сааскы үлэлэр кэннилэриттэн от үлэтигэр түһүнээри бэлэмнэнэ сылдьар. Оттуурга өссө сир көрдөөн, ону үөлсүтэн оҥостуон, күрүөлүөн-хаһаалыан наадатын туһунан этэр. Сунтаар улууһугар «Саҥа саҕалыыр фермер» уонна «Дьиэ кэргэн фермата» тосхоллорунан 40 киһи кыттыбытыттан 19 эдэр фермер уонна 3 дьиэ кэргэн фермата 40 мөл. суумалаах грант ылан, сылгы, ынах, тиэхиньикэ атыыласпыттар, хотон туттубуттар. Улуус үрдүнэн барыта 7 хотон тутуллубут. Сүөһүлэниэн баҕалаах ыалларга бырабыыталыстыба таһымыгар үп көрүллэн, 7 нэһилиэккэ олохтоохтор 102 ийэ-сүөһүнү атыылаһар кыахтаммыттар. Биһиги Кириэстээххэ кэпсэппит дьоммут бары дойдуларын олус таптыылларын туһунан истиҥник эттилэр. Нэһилиэк ыраас, тупсаҕай буоларыгар кыһаллан, дьонноругар-сэргэлэригэр өйөбүл-көмө буолан, элбэх тэрээһиннэри, акциялары ыыппыттар. Оскуола үөрэнээччилэрэ бэтэрээн-учууталларга биирдии биэдэрэ отону хомуйбуттар, эдэр исписэлиистэр кыаммат ыалларга муус ылан биэрбиттэр. Ити курдук, үлэҕэ-үөрэххэ, сынньалаҥҥа көхтөөхтүк кыттан, иллээх-эйэлээх нэһилиэк буолан олороллор.

«Улуус олоҕо»: Кириэстээх эдэр фермерэ тыа сиригэр олорор, үлэлиир барыстааҕын этэр
© ЯСИА.RU