Войти в почту

Туохха барытыгар көдьүүстээхтик, таһаарыылаахтык

СӨ Бырабыыталыстыбатын түмүктүүр отчуота Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ ыытылынна. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, экономика миниистирэ А.А.Стручков дакылааттаабытын кэннэ, ыйытыыларга хоруйдааһын, сороҕо этии да курдук тэҥҥэ ыытылынна. Култуура үлэтин бэтэрээнэ К.Д.Мартынов күүтэр тимир суолбутунан хаһан айанныыр кыахтанарбыт туһунан ыйытыытыгар, А.А.Стручков ити үлэ 2012 с. бүтүөхтээҕэ генеральнай бэдэрээччит үтүө суобастаахтык сыһыаннаспатаҕын түмүгэр, кыаллыбакка турарын быһаарда. «Бэдэрээччит» уонна «Сакаасчыт» унньуктаах уһун сууттаһыылара бүтэ илигэ билиннэ. Сыллата туруорсуллар оҕо музыкальнай оскуолатын, эстетическэй киини тутууну бырайыагын оҥорон өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа киллэттэрэргэ сүбэлээтэ. Төрөппүттэр ааттарыттан 200 миэстэлээх гимназия тутуутун быйыл эмиэ туруорустулар. Дьокуускайга Сэмэн, Сопуруон Даниловтарга үйэлээх өйдөбүнньүк оҥоһуллуутугар кыалла илик боппуруостары Духуобунас киинин дириэктэрэ К.Г.Сергеева иһитиннэрдэ. Салгыы култуураҕа сыһыаннаан хамнас намыһаҕын, сыллата сарбыйыы бара турарын, кинилэр учууталлар курдук, туох да чэпчэтиинэн туһамматтарын, култуураҕа сыһыаннаах сокуон ылыллан баран дьиҥнээхтик үлэлээбэтин туһунан профсоюзнай тэрилтэни салайааччы Е.А.Семенова ыйытта. Манна А.А.Стручков бу сыллартан сокуоҥҥа олоҕуран, сөптөөх дьаһаллар ылыллыахтарыгар эрэннэрдэ. «Бэрдьигэс» ХЭТ дириэктэрэ В.П.Михайлов хаһаайыстыбаҕа үөскээбит кыһалҕаны эттэ. Кангаласска чоҕу биэрэр тэрилтэ иһирдьэ тиэйэн баран, таска тахсыбыттарын кэннэ чохторун сүөкэтэллэрин уонна хаттаан тиэйэн биэрэллэрин, онон ороскуот бөҕө тахсарын, күн-дьыл да баранарын туһунан иһитиннэрдэ, ыйытыылары биэрдэ. Итиннэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы ити ыйытыыга сөптөөх хоруйу биэрэргэ бэлэмэ суоҕунан, чуолкайдаһан баран, суругунан ыытарга эрэннэрдэ. Виктор Прокопьевич салгыы быйыл да хочуолунай оттон нэһилиэнньэни ититиинэн хааччыйарын иһин, кинилэр уонна коммунальнайдар сыаналара наһаа араастаһыылааҕын эмиэ эттэ, туруоруста. Ол эрээри, өйөбүлү ылбата. Ким да «кырдьык сөпкө этэр эбиккин» диэбэтэ. Үһүс ыйытыыта кинилэргэ тарыып сылга биирдэ үрдүүр буоллаҕына, бензин сыанатын сылга тоҕо үстэ үрдэтэллэрин туоһулаһыы буолла. Хоруйа сокуоҥҥа олоҕурдахха, бензиннээх дьон чааһынай хампаанньа буоланнар, сылга 5-6-та да үрдэтиэхтэрин сөп диэн буолла. Судаарыстыба онно хайдах да дьайар кыаҕа суох диэн буолла. Үлэ бэтэрээнэ Е.Г.Павлов «Сылга биирдэ кэлэр эрээри, тоҕо ыксыыгытый?» диэн туран, сэрии оҕолоругар, тулаайахтарыгар чэпчэтии тоҕо суоҕун, кэлин ылыллыбыт сокуон харах баайыыта эрэ курдугун, онон туһанааччы горнайдарга суоҕун кэриэтэ буоларын эттэ. Маныаха үксүлэрэ үлэ бэтэрээннэрэ буоларынан онно ити сокуон туһалаабат буолан таҕыста. Электричество уотун туһаныы иһин төлөбүрү промышленнай эрэ тэрилтэлэргэ намтатылларын, нэһилиэнньэҕэ төттөрүтүн үрдүүрүн долгуйан ыйытта. Кырдьык, от ыйын 1 күнүттэн, нэһилиэнньэҕэ тарыып 3,8 бырыһыан үрдүүр. Оттон ол промышленнай тэрилтэлэргэ чэпчэтии, экономиканы сайыннарар сыаллаах оҥоһулларын быһаардылар. Уһук Илиҥҥи биир гектаары Саха сириттэн кэлии дьоҥҥо биэрбэт этиилээх. Саха сирин араадьыйата киэһэ наһаа эрдэ бүтэрин, телевидение хаачыстыбатыгар санаатын атастаста. Депутаттар уонна көннөрү дьон биэнсийэлэрин кээмэйин араастаһыыта сир уонна халлаан курдуга сөбө суоҕун, онон депутаттарга сыһыаннаах сокуону көтүттэрэргэ этии киллэрдэ. Бу кэнниттэн, «Чэбдик» түөлбэттэн суругунан киирбит ыйытыыга, кинилэр түөлбэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбуурга үлэни ыытыах буолан үөртүлэр. Уунан хааччыйар станция бырайыага бытаарбытын туһунан ыйытыыга, инвестбүддьүөккэ суоҕун үрдүнэн, кэлин эбии көрүү саҕана, эбэтэр аукцион түмүгүнэн, үп-харчы ортоҕуна үлэлэһэргэ эрэ эрэннэрдилэр. Горнайга кэлин элбээбит куруҥ, уокка былдьаммыт, үөн сиэн таах сытыйан хаалар маһын туһаҕа таһаарыыга туох үлэ барыан сөбүй диэн о.д.а. биһиги хаһыаппыт ыйытыыларыгар А.А.Стручков маннык хоруйдаата: — Өрөспүүбүлүкэ салалтата олохтоох промышленноһы сайыннарыыга күүскэ үлэлэһэр. Өскөтүн улууска маннык бырайыактаах дьон баар буоллаҕына, биһиги төһө кыалларынан көмөлөһө сатыахпыт. Билиҥҥитэ бу Саха сиригэр кыалла илик. Онон маны урбаанньыттарбыт болҕомтоҕо ылыахтарын сөп, — диэтэ. Сайдыы биир утаҕа суол буоларынан, бу туһунан эмиэ ыйыттыбыт. — Былырыын 2016 с. суол оҥоруутугар өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 18 млрд. солк. көрүллүбүтэ, онтон 13 млрд. 900 мөл солк. Федеральнай бүддьүөттэн. Улууска сыһыаннаан эттэххэ, 2017 с. Бэрдьигэстээх—Маҕарас икки ардыгар 43 км, Аһыма – Орто Сурт икки ардыгар 20 км оҥоһуллуоҕа. Олохтоох суолларга эттэххэ, Горнайынан Кэбээйи суола ааһар. Быйыл онно 15 км суолу «Мехдорстрой» күүһүнэн туттарабыт. Аһыма – Күөрэлээх икки ардыгар «Амгор» ХЭТ 10-31 км, 51,5 мөл. солк. үлэни толорон туттарыахтаах. Оттон Солоҕон суолугар Кумахтаах муостатыгар сайаапка киирэн турар. Анал хамыыһыйаны ааспыта. Үп-харчы корректировкаланар кэмигэр быһаарыахпыт Оттон муниципальнай суолларга сыһыаннаан эттэххэ, Орто Сурт—Кэптин икки арда приоритетнай суолталаах курдук быһаарыллан, 2012 с. ыла элбэх үлэ барар, 69 мөл. солк. ороскуоттаатыбыт. Иллэрээ күн быһаарыы таҕыста, Сиэгэннээх иккис этабыгар 13 800 тыһ. солк. үп көрүлүннэ. Оттон 7-14 км 10 мөл. солк. үлэ барыаҕа, — диэн билиһиннэрдэ. Салгыы СӨ автомобильнай суолларын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Анатолий Потапов: — Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылынан өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан ыйааҕынан анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир. Эбэ–Бор икки ардынааҕы суолу оҥорууга, улуустан 6 200 тыһ. солк. үлэни ыытарга сайаапка киирбитэ. Ити биһиги бүгүҥҥү ирдэбилбитигэр толору эппиэттиир. Онон сөптөөх үп көрүллүө диэн этэбин, — диэбитигэр саалаҕа олорооччулар ытыстарын таһынан үөрбүттэрин биллэрдилэр. Бэрдьигэстээх ыччата Семен Семенов ыччат сылынан Бэрдьигэстээххэ физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуллуутугар көмө оҥоһулларыгар баҕа санаалааҕын биллэрдэ. Манна Алексей Стручков бу боппуруоһунан олохтоох дьаһалта дьарыктанарын туһунан иһитиннэрдэ. Итиэннэ бырайыагын түргэтэттэххэ, «Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» хамсааһын нөҥүө комплекс тутулларыгар быһаарыы ылыныахха сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Бэрдьигэстээхтэр канализационнай-ыраастыыр тутууну ыытыы туһунан Иннокентий Григорьев ыйытта. Манна туһааннаах салайааччы бырайыак былырыын Москваҕа ыытыллыбытын, ол эрээри бигэргэтиини ааспатаҕын, үбэ быһа холуйан 100 мөл. солк. буолуон сөбүн туһунан хоруйдаата. Маны истэн баран Алексей Александрович бырайыага эргэрэ илик буоллаҕына, итиннэ туох кыалларынан көмөлөһөргө эрэннэрдэ. Мантан да элбэх ыйытыылар, этиилэр киирдилэр. Алексей Александрович мунньаҕы түмүктүүрүгэр, сорох улуус иһинэн быһаарыахтаах боппуруостарбыт кииртэлээбиттэрин бэлиэтээтэ. Көдьүүстээх, үрдүк таһаарыылаах үлэни баҕарда. Бу кэнниттэн тылы СӨ бастакы президенэ М.Е.Николаев ылла. Кини маннык көрсүһүүлэргэ, мунньахтарга аны биэс, уон, уон биэс, сүүрбэ сылынан улууһу, өрөспүүбүлүкэни салайыахтаах дьон кэлбэтэхтэрин сэмэлээтэ. — Мунньах — үчүгэй оскуола. Итини учуоттаан 1999 с. өрөспүүбүлүкэбит бары нэһилиэктэригэр сылдьан дьоммут-сэргэбит тылларын-өстөрүн истиэххэ, миэстэтигэр тиийэн хайдах олороллорун билиэххэ диэн ыйаах таһаарбытым. Маны сыл аайы ыытарга быһаарбыппыт, ону кэнники салалта салҕаан иһэрэ үчүгэй. Билигин итини Россия салалтата сахалар былаас быһыытынан норуоту кытта бииргэ үлэлиир бэртээхэй ньымалаахтар эбит диэннэр, аны бүтүн Россия үрдүнэн тарҕатарга быһаарыы ылынан тураллар. Ити биһиги Россия норуотун муниципальнай тэрилтэлэрин үлэлэригэр-хамнастарыгар киллэрбит кылааппыт диэн ааҕыныахпытын сөп, — диэтэ. Мунньах көдьүүһүн үрдэтэн, дьон интэриэһин тардан тупсаран иһиэхтээхтэрин эттэ. Онуоха ааспыт сыллааҕы туруорсууларынан боротокуол ылыныллыбытын, ол төһө толоруллубутун учуоттуохха наадатын ыйда. Салгыы туруоруллубут сүрүн соруктары, ханнык боппуруостар быһаарыллыбыттарын, хайдах үлэлэспиттэрин ыйыталаһыы, кэпсэтии барыахтааҕын, Бырабыыталыстыба тенденцияны этиэхтээҕин бэлиэтээтэ. Кэпсэтиигэ Михаил Ефимович элбэх боппуруоска тохтоото. Промышленнай продукция үүнүүтэ түһэн иһэрин, социальнай балаһыанньа эмиэ үөрдүбэтин, дьиэ-уот тутуутун квадратнай миэтэрэнэн отчуоттааһын ааспыт ньыма буоларын эттэ. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн арыгыны иһии боппуруоһугар төһөлөөх уураахтар ылыллыбыттарын үрдүнэн, 17 сыл анараа өттүнээҕи көрдөрүүттэн уларыйыы тахсыбатаҕын ыйда. Оҕо төрөөһүнүгэр эбиллии суоҕа этилиннэ. Ийэ хапытаала да, өрөспүүбүлүкэ эбии көмөтө да эбиллиини таһаарбатаҕыттан сонньуйда. Ыал буолуу 10 сыл устатыгар эмиэ биир кэрдиискэ турара билиннэ. Сылга 7000 эрэ киһи ыал буоларын, 4500 арахсарын, бу барыта сүрүн биричиинэтэ туохтан буоларыгар үлэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Итинтэн сиэттэрэн урут президеҥҥэ тахсар соҕотох структуранан Дьиэ кэргэн кэмитиэтэ буоларын аҕынна, о.д.а. дьону-сэргэни сэҥээрдэр элбэх ыйытыыга тохтоото. Түмүккэ, Горнай улууһугар саамай улахан уларыйыылар тахса туралларын бэлиэтээтэ. Федеральнай суол болҕомто киинигэр туруохтааҕын, маныаха аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтаах чэйдиир, хонор-өрүүр, тырааныспары өрөмүөннээн ааһар сирдэри үлэлэтэр кыахтар баалларын эттэ. Оҕону иитии-үөрэтии боппуруоһугар, Россия Москва опытынан барыаҕын, үөрэтэр кииннэр баар буолуохтарын бэлиэтээтэ. Кэнчээри ыччакка туһаайан, хотунан-соҕуруунан үөрэммит ыччаттар өрөспүүбүлүкэлэригэр кэлэн тугу уларыталларыгар, ону Бырабыыталыстыба учуоттуура наадатыгар тохтоото. Мунньахтар, көрсүһүүлэр дьону иитиигэ, өйдөтүүгэ, өйү-санааны сытыылыырга, сайдарга туһаайыллыахтаахтарын чорботон эттэ.

Туохха барытыгар көдьүүстээхтик, таһаарыылаахтык
© ЯСИА.RU