Улуус баһылыгын үлэтэ үчүгэйинэн сыаналанна

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин 2016 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын бар дьонугар отчуоттаата. Кэпсэтии сүрүннээн Манчаары оонньууларын көрсө бэлэмнэниигэ уонна тутууга ананна. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Н.Николаев, Үөдүгэй баһылыга М.Донской, Манчаары фондатын дириэктэрэ В.Ченохов, сүрүннүүр исписэлиис Г.Степанов, тэрилтэ салайааччылара, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. И.Бараахап аатынан орто оскуола саха тылын учуутала Матрена Андреева оскуолаларын аттынааҕы паарка күөх зонатыгар дьиэлэр тутуллар сурахтара иһиллибититтэн долгуйар. Манна кини оҕолор сөбүлээн сынньаналларын, аһаҕас уруоктар ыытыллалларын бэлиэтиир. Кини ыйытыытыгар баһылык Владимир Поскачин биир киһи гараж туттаары киирбитэ тохтотуллубутун эттэ. Итиэннэ паарка төгүрүтүллүөҕүн, бөһүөлэккэ баар күөх зоналары үйэтитэр, харыстыыр сыаллаах үлэ-хамнас барыаҕын иһитиннэрэн үөртэ. Салгыы алгысчыт, тойуксут Николай Корякин – Уран Ньукулай Манчаары оонньуутун трибунатыгар 3000 киһи батан олорор буоллаҕына, атыттар ханна олорон көрүөхтэрин сураста. Маныаха дуорааннаах тэрээһин арыллыытыгар уонна түмүктэниитигэр хас эмэ тыһыынчанан киһи кэлэрэ күүтүллэринэн, дьон-сэргэ бары ооньуулары көрөрүн курдук усулуобуйаны тэрийэргэ үлэлэр ыытыллалларын, хайдах сатанарынан көрөн 1500 миэстэҕэ ыскамыайка туруорулларын, ону таһынан 3000 миэстэлээх трибуна тутулларын баһылык эттэ. Онтон М.Егоров аатынан 2-с №-дээх орто оскуола дириэктэрэ Алексей Федоров Манчаарыга кэлбит ыалдьыттары, спортсменнары түһэриигэ уонна аһатыыга сүрүннээн үөрэх тэрилтэлэрэ сыһыарыллалларын, тэрээһинигэр эбии ороскуоттар тахсыах курдуктарын, онно эбии үбүлээһин көрүллэрин чопчуласта. Бу ыйытыыга улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Александр Поскачин: — 4000 киһини түһэрэргэ, аһатарга 28 үөрэх тэрилтэтэ сыһыарыллыбыта. Утуйар ороннорун, таҥастарын боппуруоһугар СӨ спорт министиэристибэтэ үлэлэһэр. Аһатыыга икки сыллааҕыта СӨ үөрэх министиэристибэтэ техническэй тэрилинэн хааччыйбыта эрээри, ситэтэ суоҕунан эбии 14 мөл сууммаҕа сайаапка биэрэн олоробут, — диэтэ, ол быһаарыллыахтааҕын эттэ. Боотулуу уонна Сургуулук суолун бырайыага ханна тиийбитин, Бэрэ бөҕө-саҕа хаһан хомулларын, онуоха көйүү үлэтэ билигин эрэ кыалыннаҕына Манчаарыга сибиэһэй салгыннаах, чээлэй күөх оттоох көрсөр туруктаахтарын ыйан туран, история наукатын доктора, профессор Никита Архипов быһаарыы биэрэллэригэр көрдөстө. Бу ыйытыыга Владимир Поскачин: — 10 килэмиэтирдээх суол бырайыага оҥоһуллан бэлэм сытар, судаарыстыбаннай экспертизаны ааһан, техническэй чааһа бүтээри турар. Элбэх үптээх-харчылаах суол тутуллуоҕа. Тоҕо диэтэххэ сирэ барыта уу, бадараан. Чугаһынан туох да карьер суох. Боотулуу нэһилиэгин почтатын дьиэтиттэн Көтөрдөөх оҕо саадыгар диэри суол тоІоруутун суумата 177 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр, — диэн хоруйдаата. Онтон Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыга Н.Николаев: —Бэрэ уопсайдарын дьаһайыыга «МУП Благоустройство» тэрилтэни тэрийэн дьаһайтарбытым. 4 сыл үлэлиирим тухары биир да салайар хампаанньа ылсан үлэлээбэтэ. Бары аккаастаналлар. Билигин Василий Прокопьев диэн чааһынай урбаанньыт салайар хампаанньа тэринэн, олохтоохтору кытта дуогабар түһэрсэн үлэтин саҕалаата. Онон олохтоохтор кинини өйөөн тардынан, көрүнэн-истинэн, дьаһанан олороллоро буоллар, — диэн баҕа санаатын тиэртэ. Урбаанньыт, «Алгыс» банкеттыыр саала хаһаайката Светлана Сортолова норматив ирдэбилинэн ыйга үс улахан массыына бөҕү-саҕы таһаарыахтааҕыттан соһуйар. Итиэннэ банкеттыыр саалаларыгар дьон-сэргэ сылдьыыта аҕыйах буолан, хайдах да итиччэ элбэх бөх-сах мунньуллубатын ыйар. «Тоҕо таһаарар бөхпүнэн өҥө төлөммөтүн сатаан санаабаппын. Биир таһаарыыта, кээмэйиттэн тутулуга суох, 2500 тыһ. солкуобай», — диир, итинтэн сылтахтанан дуогабар кыаллан түһэрсибэккэ сылдьарын этэр. Бэйэтин массыынатынан да таһаарыан сөптөөҕүн этэн туран, ким ити боппуруоһу быһаарарын ыйыталаста. Кини ыйытыытыгар улуус дьаһалтатын экономикатын отделын начальнига Анна Ефимова норматив сыанатын «Госкомцена» тэрилтэ олохтуурун эттэ. Итиэннэ норматив Үөһээ Бүлүү нэһилиэнньэтин сыанатынан барыахтааҕын, дьиэ иэнинэн суоттанан, биир кубка диэн сыаната бигэргэтиллэн кэлбитин эттэ, Светлана Сортолова боппуруоһугар болҕомтотун ууруох буолан эрэннэрдэ. Маны сэргэ, водопровод, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата, өрүс сиҥниитэ, автобус сырыыта, саҥа тэринэр хаһаайыстыбаларга көмө харчы, тыа хаһаайыстыбата, от-мас олордуута, Манчаары оонньууларын кэмигэр уу емкостарын туруоруута, суол боппуроуоһугар, о.д.а. ыйытыыларга сэргэх кэпсэтии барда. Түмүккэ, Владимир Поскачин Манчаары оонньууларын көрсө дьон-сэргэ сүргэтэ өрө көтөҕүллүбүтүн, туруммутун бэлиэтээтэ, үлэҕэ-хамнаска ситиһиини, табыллыыны баҕарда. Улуус баһылыгын үлэтэ 100% үчүгэйинэн сыаналанна.

Улуус баһылыгын үлэтэ үчүгэйинэн сыаналанна
© ЯСИА.RU