Аммалар Ороһуоспатааҕы көрсүһүүлэрэ
Ким түмсүүлээх – ол кыайыылаах Киһи туох эрэ дьиктилээҕи, ураты тыыннааҕы кэтэһэр кэрэ кэмэ — Ороһуоспа. Ол да иһин, аммалар бу күннэргэ Дьокуускайга дойдулаахтарбытын кытта көрсүһүүлэри тэрийэр буолбуппут үгэс курдук буолла. Быйылгы тэрээһиммит Бриллиантовай Циркэ киэҥ уораҕайыгар буолла. Бастыҥнары бар дьон билиэхтээх Дьоро киэһэ бастыҥнары бэлиэтээһинтэн, уһулуччулары уруйдааһынтан саҕаланна. Төрөөбүт дойдубут туһа диэн таһаарыылаахтык үлэлиир, улуус чэчирии сайдарыгар кылааттарын киллэрсэр дьоммут ааттара бар дьон ортотугар ааттанна. Ол курдук, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы П.И.Емельянова өр сыллаах сыралаах үлэтэ сыаналанан СӨ социальнай сулууспатын туйгуна ааты сүктэ. Улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы М.А.Архипов СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна буолла. Сыл устата ыытыллыбыт нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы комплекснай олимпиада түмүгэ бу киэһэ биллэриллибитэ ордук долгутуулаах буолла. Ол курдук, маҥнайгы группаҕа, ол эбэтэр 700-тэн элбэх нэһилиэнньэлээхтэргэ, үһүс миэстэни саҥа талыллыбыт баһылыктаах Болугур ылла (баһылык С.Кузьмин), иккиһи Соморсун (баһылык А.Кононов), оттон маҥнайгы миэстэ көмүс кубогын Амма нэһилиэгэ (баһылык В.Слепцов) тутта. Иккис группаҕа, 700-тэн кыра нэһилиэнньэлээхтэргэ, үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Амма-Наахара (баһылык М.Захарова) ааттанна, иккискэ эмистэр (баһылык И.Пестерев) таҕыстылар, кыайыылаах кубогын Чакыр (баһылык П.Прокопьев) өрө көтөхтө. Аммабыт кырдалыгар 2018 сыллаахха ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VII-с оонньууларын көрсө спорка ситиһиилээхтэри, кыайыылаахтары бэлиэтиир үгэс оруола өссө үрдээбит курдук буолла. Амма эдэр ыччаттарыгар 2016 сыл бастыҥ спортсменнарын киэн тутта ааттаатылар. Ол курдук, бу киэһэ дохсун ытыс тыаһыгар Романова Дайаана, Амма 1 №-дээх орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, волейбол (тренерэ Емельянова Туйаара Федоровна). Максимов Николай, Сулҕаччы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, хайыһар (тр. Никифоров Алексей Ильич). Шестаков Никита, 1 №-дээх Амма орто оскуолатын 11 кылааһа, хайыһар (тр.Артемьев Анатолий Афанасьевич). Птицына Ирина, Амма, 1 №-дээх оскуола, 10 кылаас, дуобат (тр.Иванов Владимир Владимирович). Романов Никита, Амма, 1 №-дээх оскуола, 9 кылаас, мас тардыһыы (тр. Баишев Анатолий Анатольевич). Евсеев Виктор, Болугур, 9 кылаас, пауэрлифтинг (тр. Евсеева Алена Алексеевна). Борохина Ньургустаана, буулдьанан ытыы (тр.Алексеев Сергей Михайлович). Григорьев Дмитрий, тустуу (тренерэ Платонов Дмитрий Афанасьевич). Иванов Эльдар, Амма, 2 №-дээх оскуола, 11 кылаас, мас тардыһыы (тр. Барашков Андрей Анатольевич). Устинова Юлия, Амма-Наахара, 7 кылаас, дуобат (тр. Гаврильев Валерий Иванович) ааттаннылар. Спорка бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ анал номинациялар туттарылыннылар. «Спорт бастыҥ исписэлииһэ» — Степанов Михаил Николаевич, Соморсун. «Бастыҥ тренер» — Гаврильев Валерий Иванович, оҕо спортивнай оскуолатын Амма-Наахаратааҕы филиалын дуобакка тренерэ. «Федерация бастыҥ бэрэссэдээтэлэ» Слепцов Константин Иннокентьевич, улууска остуол тенниһигэр федерация бэрэссэдээтэлэ. «Физкультура бастыҥ учуутала» Чемезов Гаврил Федорович, Амматааҕы коррекционнай оскуола-интернат физкультураҕа учуутала. «Спорт эйгэтигэр бастыҥ партнер» — предприниматель Максимов Валерий Валерьевич. «Соһуччу ситиһии» — Петрова Айыына Родионовна, остуол тенниһэ. «Бастыҥ спортивнай баһылык» — Эмис нэһилиэгин баһылыга Пестерев Илья Ильич буоллулар. Салгыы цииркэ аренатыгар бар дьон убаастабылын ылыахтарын ылар, тулуурдарынан, дьаныардарынан чахчы сөхтөрөр, доруобуйаларын хааччахтаахтарын аахсыбакка спорка улахан ситиһиилэммиттэр таҕыстылар: Захаров Николай, ядрону анньыы, дартс. Григорьев Алексей, остуол тенниһэ. Гоголев Алексей, остуол тенниһэ. Сивцева Екатерина, армспорт. Маны сэргэ, 2016 сыл түмүгүнэн саамай үрдүк ситиһиилэммит 10 бастыҥ спортсмеммыт ааттаннылар. Лаптева Виктория, волейбол. Петров Игорь, хайыһар, биатлон. Жарин Михаил, чэпчэки атлетика. Пестерев Александр, спортинг. Удин Евгений, мас тардыһыы. Баишев Егор, мас тардыһыы. Окороков Георгий, көҥүл тустуу. Ефремов Ефрем, көҥүл тустуу. Платонов Афанасий, мас тардыһыы. Баишев Анатолий, мас тардыһыы. Амма аатын киэҥ түһүлгэҕэ ааттатар дьоммутун эҕэрдэлээн туран бу наҕараадалар бигэ тирэх, үктэл буоланнар кинилэри өссө улахан кыайыыларга кынааттатыннар диэн алҕаатыбыт. Сананнахпытына сатамматы да кыайыахпыт Эһиил ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VII-с оонньууларын үрдүк таһымнаахтык ыытар инниттэн, анал Фонда тэриллибитэ. Тэрээһиҥҥэ үөһэттэн көрүллэр үп былааннамыты барытын олоххо киллэрэргэ, кэлбит ыалдьыттарга Амма туһунан өтөрүнэн умнуллубат өйдөбүлү халларарга тиийбэтэ саарбахтаммат. Онон, аммалар хас биирдиибит төрөөбүт төрүт дойдубут үүнэрин-сайдарын туһугар сэмэй кылааттарын киллэрсиэхтэрин сөп. Дойдулаахтарбытыныын көрсүһүү кэмигэр аҕам саастаахтарбыт, спортсменнарбыт, салайар аппаракка үлэлиир биир дойдулаахтарбыт үтүө хамсааһыны өйөөн харчынан көмөлөрүн оҥорбуттарын атыттар эмиэ батыһыахтара диэн бигэ эрэллээхпин. Дойдубут хатыҥнаын санаттылар Кытара кыыһар сардааналаах кырдалларбыт, ыйдаҥа сэбэрэтин көрүнэр ыраас уулаах өрүспүт, сайыны түһүүр солко хатыҥнар, дыргыл сытынан муннуну кычыгылатар Амма дьэдьэнэ… Бу барыта Семен Капитонов хатыламмат хоһоонноругар тиһиллэннэр, матыып суруллан уостан түспэт ырыалар төрөөннөр үгүс сыллары уҥуордаатылар, дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыалара буоллулар. Дойдулаахтарбытын кытта көрсүһүүгэ кэнсиэргэ сүрүн уратынан Семен Спиридонович ырыаларынан толорооччулар – барыта эдэр ыччаттар буолбуттара кэрэхсэннэ. Эстрада чаҕылхай сулустара, аммабыт биллилээх, эдэр кэскиллээх толорооччулара бу күн биир сценаҕа тахсаннар поэт өлбөт-сүппэт хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан бука барыбытын истиҥ иэйии туругар киллэрбиттэригэр, төрөөбүт дойдунан киэн туттуу санаатын күүһүрдүбүттэригэр сүүнэ улахан махтал буолуохтун! 1 из 8