Дьокуускайга Үөһээ Бүлүү күннэрэ биир дойдулаахтары түмтэ

Ахсынньы 14-16 күннэригэр Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү күннэригэр үгүс тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын Саха сирэ бүттүүнэ билэн олорор. Үс күннээх тэрээһиҥҥэ сүүстэн тахса киһи кыттыыны ылла. Уопсайа тыһыынчанан киһи хабылынна. «Будь в форме» быыстапка Ахсынньы 15 күнүгэр «Улуу Кыайыы 50 сыла» спортивнай дыбарыаска «Будь в форме» диэн Спорт министиэристибэтэ уонна «Спорт Якутии» хаһыат көҕүлээһиннэринэн бастакы спортивнай быыстапка-ярмарка тэрилиннэ. Сарсыарда 7 аҥаар чааска спорт миниистирэ Георгий Балакшин эти-сиини чэбдигирдэр, уһугуннарар сэрээккэ ыытан, спортивнай тыыннаах ыччат дьон көҕүн ордук тарта. Тэрээһин арыллыытыгар улууспут баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ тыл эттэ, «Дьүөгэ» түмсүүбүт кэлбит дьону кымыһынан уонна сылаас алаадьынан күндүлээтилэр, «Сааскылаана» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылбыт эҕэрдэ үҥкүүлэрин анаата. Быыстапкаҕа биһиги улуус Манчаары спартакиадатын историятын, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх чулуу спортсменнарбыт кыайыыларын кэпсиир быыстапканы дьон көрүүтүгэр таһаардыбыт. Кэлэр спартакиаданы билиһиннэрэр улахан стенданы көрөөрү дьон тоҕуоруһа муһунна. Ярмаркаҕа спортивнай ас-үөл, таҥас-сап, тренажердар тэлгэннилэр, чөл олоҕу тарҕатар фитнесс кулууптар кыттыыны ыллылар, биллэр спортсменнар мастер-класс көрдөрдүлэр. 1 из 6 Куорат мэрин солбуйааччытын кытта көрсүһүү Ахсынньы 16 күнүгэр улууспут баһылыга Владимир Поскачин уонна нэһилиэктэрбит баһылыктара куорат дьаһалтатыгар Дьокуускай мэрэ Айсен Николаев солбуйааччытын Дмитрий Садовниковтыын көрүстүлэр. Кэпсэтии хапсаҕай кубогын кыайыылаахтарыгар уруй-айхал буолуохтун диэн эҕэрдэ тылтан саҕаланна. Салгыы Манчаары оонньууларын тула кэпсэтии барда, көрүҥнэргэ тохтоон ырыттылар, хамаандалар бэлэмнэрин туоһуластылар. Биһиги салалтабыт өттүттэн улууспутугар тутуллуохтаах Исиидэр Бараахапка ананар сквер болуоссата бэлэмин биллэрдилэр, бырайыагы ырыттылар, итиэннэ асфальт суолу ыраастыыр анал техника наадатын этиннилэр. Түмүккэ мэр солбуйааччыта Дмитрий Дмитриевич: «Эһиги сахалыы остуол оонньуулара, хотугу многоборье, гиирэ, хапсаҕай кубоктарын кыайыылаахтарынан буоллугут, бу үгүрү үлэттэн, халбаҥнаабат түмсүүттэн кэлэр. Маны этэн туран, кэлэр Манчаары спарткиадатыгар бу көрүҥнэргэ эһиги хамаандаҕыт кыайыыга дьулуһуохтаах. Кыайыыларгыт уотун умулуннарбакка улуускут аатын дуорааннаахтык ааттатыаххытыгар Айсен Сергеевичтыын эрэнэбит» — диэтэ. Түмүккэ Сардаана Трофимова, Любомир Николаев, Увар Тимофеев курдук спортсменнардаахпытынан киэн тутталларын биллэрдилэр. Исиидэр Бараахап мэҥэ тааһыгар Эмиэ бу күн, Саха Республикатын төрүттэспит, сахаларга эйэлээх олоҕу аҕалбыт, сахалыы тылынан сатарыы саҥарбыт, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх государственнай уонна политическай деятель Исиидэр Бараахап мэҥэ тааһыгар сүгүрүйэн, улуу киһибитин ахтан-санаан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ил Түмэн депутаттара Марфа Филиппова уонна Иван Шамаев кыттыыны ыллылар. Эҕэрдэлиибит! Республикаҕа сылын аайы ыытыллар бастыҥ спортсменнары чиэстиир «Бал чемпионов-2016» улахан тэрээһиҥҥэ Увар Тимофеев бэһис төгүлүн бастыҥ хапсаҕайдьыт буолла, Онтон Миша Саввинов бастыҥ спортсмен аатын сүктэ. «Бары бииргэ биир санаанан» Үс күннээх улууспут күннэрин түмүктүүр дьоро күҥҥэ күн иккис аҥарыттан Саха Государственнай циркатыгар «Үөһээ Бүлүү — төрүт культура биһигэ» диэн оһуохай түһүлгэтэ ыытылынна. Түһүлгэҕэ кыратыттан-кырдьаҕаһыттан сүүһүнэн киһи үҥкүүлээтэ, улууспут өҥ буоругар, кэрэ айылҕатыгар, чулуу дьонноругар анаммыт оһуохай тылын эттилэр. Маны тэҥэ «20-с Манчаары оонньууларын көрсө» диэн норуот маастардарын оҥоһуктара, сахалыы иһит-хомуос, кыл оҥоһуктар, сахалыы симэхтэр тэлгэннилэр, маны тэҥэ «Быйаҥнаах тыа сирэ» ас-үөл дьаарбаҥката, илгэ быйаҥ сандалыта тэрилиннэ. Итиэннэ улуустааҕы библиотечнай ситим улуус баай историятын, улуу дьоннорун кэпсиир хас эмэ сүүһүнэн ахсааннаах кинигэ быыстапката дьон болҕомтотун тарта, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат хайдах төрүттэммитин, кимнээх үлэлээн аспыттарын кэпсиир быыстапка, хаһыакка сурутуу акцията ыытыллынна. СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, профессор Платон Терентьевич Тумусов: — Үс төгүл улууспар үлэлии сылдьыбытым, ол курдук, 1962 сыллаахха Боотулуу орто оскуолатыгар учууталлаабытым, иккиһин 1968 сыллаахха Үөһээ Бүлүү совхозка кылаабынай экономиһынан 5 сыл, үсүһүн 1992 сыллаахха Үөһээ Бүлүү баһылыгынан ананан 3 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Биһиги улууспут дьоно-сэргэтэ Дьокуускайга кэлбиттэриттэн көрсөн наһаа үөрдүм. Туох да олус элбэх үлэ барарын, улуус бэркэ дьаһанан, үрдүк ситиһиилэнэн олорорун бу үс күнтэн биллибит-көрдүбүт. Манчаары оонньуутунан туһанан дьон-сэргэ өйө-санаата, олоҕо, улуус экономиката сайдыаҕа диэн билгэлиибин. Социальнай уонна спортивнай өттүгэр сайдыы лаппа барда, Оонньуу кэннэ улуус экономикатын сайыннарар дьаһаллар ылыллыахтарын наада диэн экономист буоларым быһыытынан бэлиэтиибин. Тоҕо диэтэххэ, экономиканы сайыннарага билигин кыах үөскээтэ. Манчаарыны көрсө куоракка олорор ытык кырдьаҕастар бэйэбит кылааппытын киллэрэрдии сэмэйдик бэлэмнэнэбит, ол курдук, Үөһээ Бүлүүттэн алмаас промышленноһыгар үлэлээбит бастакы үлэһиттэр тустарынан кинигэ таһаарарга үлэлиибит. Бу биһиги бар дьоммутугар бэлэхпит буолуоҕа. Үөһээ бүлүүлэр маладьыастар, эһиил көрсүөхпүт, дьолу-соргуну баҕарабын! СР спортка уонна физическай культура үтүөлээх үлэһитэ, Д.Коркин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреата, Булуҥ оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, РФ компартиятын «Партийнай килбиэн» уонна партия иннигэр уһулуччу өҥөтүн иһин орденнар кавалердара Семен Иванович Алексеев: — Үөһээ Бүлүүгэ 1930 сыллаахха төрөөбүтүм. Оҕо сааспар тулаайах хаалан, интэринээтинэн, ыалынан иттиллэн төрөөбүт дойдубуттан 1946 сыллаахха тэйэргэ күһэллибитим. Дойдубуттан арахпытым быйыл лоп курдук 70 сылын туолла. Ол тухары Үөһээ Бүлүүбүн сылаастык-сымнаҕастык саныы сылдьабын. Биир дойдулаахтарбын көрсөөрү, улууһум олоҕун билээри-көрөөрү бу кэлэн турабын (үөһэ тыынар). Эһиил Манчаары оонньуутугар дойдубар этэҥҥэ тиийэн, күөх отугар үктэнэр баҕа санаалаахпын, ол иһин доруобуйабын көрүнэбин, кыралаан бэлэмнэнэбин. Бастакы Манчаары тэрээһинигэр баар этим, ону учуоттаан дойдум дьоно ыҥырдылар. Биһиги улууспут дьоно-сэргэтэ бары өттүнэн ордуктар, уһулуччулар диэн бэлиэтиибин, ону Спартакиадаҕа бигэтик дакаастыахтара диэн эрэнэбин. Барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Киэһэтин циркэ аренатыгар 20-с Манчаары ооньууларын көрсө «Үөһээ Бүлүүм — үрдүк үөрүүм!» биир дойдулаахтарбыт кыттыылаах улахан көмө-акция кэнсиэрдэ тыһыынчанан киһини түмэ тарта. Кэнсиэр саҕаланыытыгар улуус чулуу спортсменнара Любомир Николаев, Эрчим Баппаҕай, Валентина Иванова, Дмитрий Наумов, Дмитрий Михалев, Лариса Евдокимова, Яна Захарова, Платон Саввинов, Михаил Руфов, Пелагея Григорьева, итиэннэ улуус баһылыга Владимир Семенович, нэһилиэк баһылыктара сыанаҕа ытыс тыаһынан ыҥырылыннылар. Үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын фондугар сэмэй кылааттарын иһин Саха АССР культуратын үтүөлээх үлиһитигэр, самодеятельнай композитор, Нам нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Мария Игнатьевна Константиноваҕа, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Михайлович Алексеевка, «Сахамедиа» салайааччытыгар Афанасий Ноевка сертификат туттарылынна. Киирии билиэтинэн лотерея оонньонно. Күндү дьоммут дойдуларын үрүҥ аһыттан, баай булдуттан илии тутуурдаах бардылар. Кэнсиэркэ «Мин көҥүл Сахабын» Виктор Новиков, Үөһээ Бүлүүтээҕи саха национальнай инструменнарын оркестра Вилена Ларионова, Иван Ксенофонтов, СР культуратын туйгуна Анна Иванова, Ариан Егоров, Феодосия Шахурдина, Владимир Васильев, Мария Николаева, Зоя Багынанова, Анегина Ильина, хомусчуттар Лидия Егорова уонна Андрей Алексеев, «Сааскылаана» оҕо үҥкүү ансаамбыла, «Үрдэл» вокальный ансаамбыл, Виталий Очиров уонна Мария Игнатьевна Константинова, Дьокуускайдааҕы Культура уонна искусство колледжын устудьуоннара Саргылана Кардашевская уонна Капитон Ильин, Владимир Чоросов, Паша Бояркина, Юрий Гольдеров Государственнай цирка артыыһа жонглера Пантелеймон Габышев кытыннылар. Маны сэргэ Былатыан Ойуунускай аатынан Саха Акедемическай театр артыыстара улууспут биллэр суруйааччыларын айымньыларынан литературнай композиция туруорбуттара кэнсиэри ордук киэргэттэ. Саха-джигиты артыыстара ат өрөҕөтүгэр туран улууспут былааҕын күөрэччи тутан сыананы биир гына сүүрбүттэрэ дьон сүрэҕин ордук долгутта. Бу курдук Дьоллоох дьокуускай куоракка үс күннээх Үөһээ Бүлүү күннэрэ үрдүк таһымнаахтык аастылар. Бу мантан биһиги чахчы түмсүүлээхпитин, дойдубутугар бэриниилээхпитин көрдөрдүбүт. Бар дьоммут махталынан, ахтылҕанынан угуттаммыт сылаас көрсүһүүлэр кэннилэриттэн өссө күүһүрэн, сириэдийэн үлэлиэхпит-хамсыахпыт, сайдыыны саҕатыттан тутуохпут турдаҕа.

Дьокуускайга Үөһээ Бүлүү күннэрэ биир дойдулаахтары түмтэ
© ЯСИА.RU