Войти в почту

Ньурбалар — саха норуотун киэн туттар дьоно

Дьокуускай куоракка Ньурба күннэригэр Саха сирин судаарыстыбаннай деятелэ С.В. Васильев 120, СӨ Бочуоттаах гражданина В.А. Петрова 80, САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР 1, 2, 5 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата, САССР 3 уонна 4 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата А.П. Данилова 100, В.И.Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» уордьаннарын кавалера П.А. Федоров 100 саастарын чиэстээхтик бэлиэтээһин буолла. Ахсынньы 14 күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлигэр Ньурба оройуонун колхуостарын, сопхуостарын легендарнай новатора, Ньурба оройуонун бастакы трактористарыттан биирдэстэрэ, үлэ ветерана Павел Алексеевич Федоров 100 сылыгар анаан «Үлэ албан аат» быыстапка туруорулунна. Быыстапкаҕа Павел Алексеевич олоҕун кэрчиктэриттэн туоһулуур хаартыскалара, наҕараадалара, тутта сылдьыбыт маллара көрдөрүүгэ бааллар. Маны таһынан, «Саха киэн туттар дьоно» сериянан «Павел Алексеевич Федоров» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни кини кыыһа РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Федорова Татьяна Павловна, СР муниципальнай сулууспатын туйгуна Сидорова Татьяна Дмитриевна ыстатыйалары, ахтыылары хомуйан таһаарбыттар. Кинигэ ис хоһооно 20 үйэ 30-70 сылларыгар Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы чэрчитинэн Ньурба оройуонугар массыына-тракторнай станциялар, бөдөҥсүтүллүбүт колхозтар уонна совхозтар тэрээһиннэригэр сүдү кылааты киллэрбит кинигэ геройа П.А.Федоров туһунан суруллар. Быыстапканы түмэл салайааччыта РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Егор Шишигин аста. Урут үлэлээн ааспыт аҕа көлүөнэ, оччотооҕу бириэмэни ахтан-санаан САССР 9-10 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата, Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» орденнар, хас да мэтээл кавалердара, СР тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун Бочуоттаах гражданина Н.Н. Лыткин , тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, академик, профессор, РСФСР үтүөлээх зоотехнига Н.С. Пермяков үлэни-хамнаһы өрө туппут, производство араас салааларын ымпыгын-чымпыгын билбит киһинэн, бэртээхэй талааннаах салайааччы, МТС-ка трактористары бэлэмниир куурус аһылларыгар ситиспит киһинэн буоларын эттилэр. 1 из 3 П.А. Федоров тус олоҕуттан сырдатар буоллахха, кини 1916 с. 3-с Бордоҥ (Күндээдэ) нэһилиэгэр Марха улууһугар төрөөбүт. Ньимискэннээх оскуолатыгар 3 кылааһы бүтэрбит. 1932-1933 сс. Ньурба бөһүөлэгэр трактористар куурустарыгар үөрэнэр. 1948 с. Иркутскай к. Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун иһинэн биир сыллаах МТС директордарын үөрэтэр кууруска үөрэнэр. 1954 с.Дьокуускайдааҕы партийнай оскуола 9 ыйдаах кууруһугар үөрэнэн, колхоз бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүнэр. Петр Алексеевич биир дойдулаахтара Ил Түмэн сир сыһыаныгар, айылҕа ресурсатыгар уонна экологияҕа бастайааннай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Прокопьев В.М., РФ уонна СР суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Мартынов А.И., норуот үөрэҕириитин туйгуна Ефремов П.Н., Чаппанда нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Ефремов А.В., СР муниципальнай сулууспатын туйгуна Сидорова Т.Д. үтүө тылларынан ахтан аастылар. Улуус баһылыга Попов Б.Н. Ньурба улууһа Федоров П.А., СӨ култууратын туйгуна Поликарпов Е.М. курдук аҕам саастаах холобурга сылдьар дьоннорунан киэн туттуохтаахтарын туһунан эттэ. Ахтыы күнүгэр тыл эппиттэр Федоров Павел Алексеевич аатын-суолун үйэтитэр сыалтан, чулуу үлэһиккэ анаан Чаппанда нэһилиэгэр пааматынньык туруорарга этии киллэрдилэр. Түмүк тылы төрөппүт кыыһа, кинигэ автора тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, ордук эдэр ыччат кинигэни холобур гынан туһаналларыгар анаан суруллубутун этэн туран, ытыгылаан кэлбит дьоҥҥо махтанарын биллэрдэ.

Ньурбалар — саха норуотун киэн туттар дьоно
© ЯСИА.RU