Дьокуускайга Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрэ буола тураллар

Дьокуускай куоракка ахсынньы 14 күнүттэн “Үөһээ Бүлүү күннэрэ” саҕаланнылар. Кэпсэтиилэр, дьаһаллар, култуурунай тэрээһиннэр барыта 2017 сыл от ыйыгар ыытыллыахтаах Манчаары 20-с оонньууларыгар ананаллар. ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев 100 сылыгар анаммыт төгүрүк остуол, “Саха” НКиК “Олох үөһүгэр” телебиэриигэ кыттыы, “Тоҥуочаан” туристическай экспедиция үлэтин туһунан кэпсэтии буоллулар. Дьокуускай куоракка Манчаары оонньууларын тула кэпсэттилэр Ахсынньы 14 күнүгэр Дьокуускай куоракка бырабыыталыстыба дьиэтигэр 20-с Манчаары Оонньууларын тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕа буолла. Мунньахха сүрүннээн түөрт боппуруос көрүлүннэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Гуляев ыыппыт мунньаҕар Саха сирин сүрүн спортивнай Оонньуутугар бэлэмнэнии хаамыытын ырыттылар. Ордук тутулла турар объектары ситэриигэ, ыалдьыттары уонна спортсменнары түһэриигэ уонна аһатыыга ханнык быһаарылла илик боппуруостар баалларын дьүүллэстилэр. “Үөһээ Бүлүүлэр Спартакиада бэлэмигэр олус бэркэ, былаан быһыытынан үлэлииллэрин бэлиэтиибин. Үбүлүөйдээх тэрээһин буолан икки бүк эппиэтинэстээҕин өйдүүллэр. Үп-харчы тыырыытыгар уустуктар баар да буоллахтарына, ону иһигэр сыа-сым курдук тутан быһаарары кыайа тутуохха наада. Министиэристибэлэр, биирдиилээн эппиэттээх тэрилтэлэр өйүүргүт наада. Олох аҕыйах бириэмэ хаалла”, — диэн Михаил Дмитриевич мустубут дьоҥҥо туһаайан эттэ. Кыаллыбат боппуруостары ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытыстылар. Холобур, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Александр Поскачин Нам улууһуттан тиэллэн тиийиэхтээх спортсменнары түһэриигэ анаммыт ороннор туруктара мөлтөҕүн, улахан өрөмүөнү эрэйэллэрин эттэ. “650 оронтон үс гыммыт биирэ эрэ үчүгэй туруктаах”, — диэтэ кини. Маны сэргэ, күрэхтэһээччилэри хоннорор тэрилтэ дьиэлэрин өрөмүөннээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллара этилиннэ. Былаан быһыытынан, 2750 киһиэхэ хонук сир бэлэмнэниэхтээх. Объектары тутууга графиктан хаалыы суоҕа бэлиэтэннэ. Спартакиадаҕа уопсайа 7273 киһи кэлэрэ күүтүллэр, ол иһигэр 1708 спортсмен, 218 судьуйа, 287 тренер, 125 спорт бэтэрээнэ, 100 волонтер уо.д.а. Улуу учуутал үбүлүөйүн көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи туһааннаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр лицей аактабай саалатыгар М.А. Алексеев 100 сылын, физмат хамсааһын 50 сылын көрсө үөрүүлээх линейка, аһаҕас уруоктар ыытылыннылар. Көрсүһүүгэ Михаил Андреевич үөрэнээччилэрэ, урукку сылларга үөрэнэн ааспыт выпускниктар кыттыыны ыллылар. Тэрээһиҥҥэ народнай учууталы кытта өр сылларга үлэлээбит математик Виктор Филиппович Потапов, 85 саастаах химия учуутала Мария Васильевна Баланова күүтүүлээх ыалдьытынан буоллулар. Кинилэр урукку кэмнэрин ахтан-санаан, бу чаҕылхай киһиэхэ, точнай науканы өрө туппут, дириҥэтэн үөрэппит улуу учууталга кини фондатын өйөөн, бэйэлэрин сэмэй кылааттарын туттардылар. Итиэннэ фонда пааматынньыгы эрэ тутуунан муҥурдаммакка, инникитин даҕаны үлэлии турарыгар, бастыҥ үөрэнээччигэ стипендия төлөнөрүгэр күүс-көмө буолара буоллар кэскиллээх буолуо этэ диэн баҕа санааларын эттилэр. М.А. Алексеев 100 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэри республика таһымыгар дуорааннаахтык тэрийиигэ анаан республика бюджетыттан 20 мөлүйүөнү көрөр туһунан этии бастакы хамыыһыйатын ааспытын туһунан саҥа анаммыт үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров үөрүүлээх быһыыга-майгыга үрдүк трибунаттан иһитиннэрдэ. Маныаха үбүлүөйү көрсө улуу учуутал пааматынньыга оҥоһуллуохтааҕын, кини аатын саха киһитэ бары билиэхтээҕин, ол туһугар хас биирдии киһи бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэригэр баҕа санаалар этилиннилэр. Манчаары оонньууларыгар кыттыахтаах спортсменнары кытары көрүстүбүт Манчаары Баһылай аатын сүгэр «Модун» спортивнай комплекска баһылык Владимир Поскачин Манчаары спартакиадатыгар кыттыахтаах, куоракка олорор, дьарыктанар спортсменнары кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин баһылыктара кыттыыны ыллылар, итиэннэ кинилэр нэһилиэктэриттэн төрүттээх спортсменнарга сүүмэрдээһини, эрчиллиини ааһалларыгар харчынан көмөлөһөргө сөбүлэстилэр. Студеннар спортивнай комплекстарга эрчиллэр ыйдааҕы төлөбүрдэрин улуустааҕы спорт управление төлүүрэ буоллар диэн баҕа санааларын иһитиннэрдилэр. Түмүккэ Владимир Поскачин, спорт управлениетын начальнига Егор Николаев баһылыктарга туһаайан кинилэр нэһилиэктэриттэн төрүттээх спартакиадаҕа кыттар спортсменнарын туох кыалларынан барытынан өйүүллэригэр сорудахтаатылар. Онуоха Кырыкый нэһилиэгин баһылыга Сергей Сергеев олохтоох бюджеттан 800 тыһ. солк. уурунан олорорун, ол барыта Кырыкый нэһилиэгиттэн кыттар спортсменнар айаннарын ороскуотугар, спортивнай таҥастарыгар барыаҕын туһунан иһитиннэрдэ. Туобуйа нэһилиэгин баһылыга Степан Алексеев, төһө да кини нэһилиэгиттэн кыттар спортсмен суоҕун үрдүнэн, 200 тыһ. солк. дьаһалта бюджетыттан тыыран олорорун, ол харчыны спортсменнары өйөөһүҥҥэ аныыр санаалааҕын иһитиннэрбитин көрсүһүү кыттыылаахтара биһирээтилэр. Гиирэ, остуол оонньуутугар, хапсаҕай, гиирэ кубогын ылыыга кыттыбыт, кыайыыны аҕалбыт спортсменнарга Владимир Семенович махталын биллэрдэ. Биир дойдулаахтарбыт улуус туһугар Ахсынньы 15 күнүгэр Саха Республикатын Национальнай библиотекатыгар Владимир Поскачин салайааччылаах улууспут делегацията Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх бочуоттаах олохтоохтору, ытык кырдьаҕастары, улуус киэн туттар дьонун-сэргэтин кытары көрсүһүү ыытылынна. Улууспутугар уопсайа 146 бочуоттаах олохтоох баар, онтон 80-на улууска олорор, оттон 66 киһи дьоллоох Дьокуускай куорат олохтоохторо. Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, 95 саастаах Николай Никитич Яковлев, саха народнай суруйааччыта Василий Тарасович Сивцев, суруйааччы Василий Никифоров-Суор уола, композитор, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Игнатьевна Константинова, СР суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха народнай суруйааччыта Иван Мигалкин, саха биллэр учуонайдара Иван Егорович Егоров уонна Василий Иванович Васильев, философскай наука доктора Лазарь Иванович Филиппов, биологическай наука доктора Гаврил Спиридонович Угаров, суруйааччы Дмитрий Федосеевич Наумов, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна Илья Ильич Гаврильев, профсойуустар Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Валентина Ивановна Кириллина, народнай артыыска Мария Евсеевна Николаева, улуус баһылыгынан үлэлээбит РФ үпкэ уонна экономикаҕа туйгуна Платон Терентьевич Тумусов, кырдьаҕас комсомольскай үлэһит, бочуоттаах бэтэрээн Василий Афанасьевич Талонов, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээт туйгуна Анна Прокопьевна Алексеева, саха тылын луохтуура, филологическай наука кандидата Михаил Петрович Алексеев-Дапсы, медицинскэй наука доктора Ахмед Романович Варфоломеев о.д.а. бу көрсүһүү күндү ыалдьытынан буоллулар. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Манчаары оонньууларын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Семен Иванович Алексеев Сочига ыытыллыбыт «Олимпийскай хамсааһыҥҥа үтүө өҥөтүн иһин» РФ Президенэ Владимир Путинтан ылбыт түөскэ кэтиллэр анал бэлиэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи «Албан аат» спортивнай музейга ыччат спорду таптаатын, өрө туттун диэн туран бэлэхтээтэ. «Уран» ХЭТ генеральнай директора, чааһынай урбаанньыт, биир дойдулаахпыт Вячеслав Васильевич Яроев улуус библиотекатын коллективыгар «Киһи буолар аналым» диэн аҕатын Баһылай Яроев кинигэтин кытта персональнай компьютеры бэлэх уунна. Ыҥырыылаах ыалдьыттар Манчаары оонньууларын үлэтэ-хамнаһа хайдах баран иһэрин, туох-ханнык иэтэҕэстэр баалларын, спортсменнар бэлэмнэрэ хайдаҕын токкоолостулар. Үөһээ Бүлүү улууһун туһунан кэпсиир кинигэ быыстапкатын дьон көрүүтүгэр таһаардылар. Үөрүүлээх чааска Владимир Васильев-Муттуххай Бороҥҥо саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны туттардылар. Народнай суруйааччы Василий Сивцев: «Саха норуотун бүтүннүү түмэр улуу бырааһынньыгы – Манчаары оонньуутун Үөһээ Бүлүү үрдүк таһымҥа ыытарыгар эрэлим улахан. Билигин онно туһааннаах үлэ күөстүү оргуйарын, төһө да ыраах олордорбун, истэ-билэ олоробун. Өр сылларга көрсүбэтэх дойдум дьонун көрөн наһаа үөрдүм, долгуйдум», — диэтэ. М.П.Алексеев-Дапсы 80 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн улуус баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ суругун кытта саха быһаҕын туттарда. Ыалдьыттарга СР культуратын туйгуна Анна Иванова-Дмитриева «Боотулуулар» диэн ырыатын анаата. Инникини ыйдаҥардар кэскиллээх кэпсэтииттэн дуоһуйбут күндү дьоммут астынан тарҕастылар. Маны сэргэ бэҕэһээ көрбөттөр библиотекаларыгар 88 саастаах Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, ырыаһыт Мария Игнатьевна Константинова-Эдьиий Морууса уус-уран документальнаҋ киинэтин (Дария Павлова туруоруутунан, кини уһулуутунан ) уонна «Ытык киһибит Эдьиий Морууса» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Итиэннэ көрбөттөр библотекаларын көҕүлээһининэн, Мария Игнатьевна «Иккис тыын» диэн кинигэтин быыстапката дьон көрүүтүгэр таҕыста. Дьоро чааска Ил Түмэн депутата Марфа Филиппова сибэкки дьөрбөтүн кытта бочуотунай грамота туттарда. Улуус баһылыга устудьуоннарга дойдуларын инникитигэр туруулаһалларыгар эрэнэрин биллэрдэ Бу күн киэһэ өттүгэр улуус баһылыга Владимир Поскачин уонна нэһилиэктэр баһылыктара Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх ХИФУ устудьуоннарын кытта көрүстүлэр. Устудьуоннар туох кыһалҕалаахтарын туоһуластылар, ыччат культурата, тыа сиригэр олохсуйуу, саха тылын инники кэскилэ, дойдуга таптал курдук боппуруостарга ирэ-хоро кэпсэттилэр. Устудьуоннар Манчаары оонньуутугар дойдуларыгар волонтердуу барыахтарын баҕаралларын этиннилэр. Этиини баһылык биһирии иһиттэ уонна Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар эдэр дьонтон олус үгүс тутулуктааҕын бэлиэтээн туран, кинилэргэ эрэнэрин биллэрдэ.

Дьокуускайга Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрэ буола тураллар
© ЯСИА.RU