Павел Владимиров: «Олохпор биир чопчу сыаллаахпын — спорт маастара буолуохтаахпын!»

Тыаҕа сылдьарга табыгастаах халыҥ таҥаһын барытын таҥнан, эрэллээх доҕоруттан туох да атына суох истиҥник саныыр «Буранын» собуоттаан, 17 саастаах уол саҥа үүммүт күнү көрсөргө бэлэм. Хоту дойду хоһуун уола Павлик Владимиров туох да омуна суох булт, балык диэн баран «муннукка ытаабыт» киһи. Кыра эрдэҕиттэн, 8-9 сааһыттан, Дьааҥы хайаларынан, Хороҥку үрэҕинэн, Куонаранан сылдьан, булт, балык мындырыгар уһуйуллубута. Онуоха үөрэппит-такайбыт дьоннорунан эһэлэрин Прокопий Михайлович Владимировы, Анатолий Егорович Константиновы, Дмитрий Васильевич Ивановы ааттыыр. Билигин ол үөрэппит уончалаах уоллара бэйэлэрин кытта сиргэ-уокка тэҥҥэ сылдьар, күүс-көмө буолар сүрүн киһилэрэ. Павлик бэйэтин саастыылаахтарыттан үлэһитинэн, олох туһалаах өттүн көрөн, ону бэйэтигэр эрэллээхтик туһанарынан уратылаах уол. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар сааһыгар үктэнээт, сайын устата Эдьигээн маҕаһыыннара «Аржаковунан» тиэйэн аҕалар таһаҕастарын сүөкэһиитигэр биир бастыҥ көмөлөһөөччүнэн буолбута. — Бастакы хамнаспын хас сааспар ылбыппын бу диэн өйдөөбөппүн. Арай мал-сал таһан, наһаа сылайбыппын, тириппиппин өйдүүбүн. Сайын устата итинник үлэлээн, харчыбын мунньунан бэйэм наадыйарбын ылынабын. Быйыл балыкпын, булпун атыылаан, ол харчытын мунньан, техниканы ыытарга сүрүн докумуоммун — быраап ыллым. Уопсайынан, киһи элбэх сыранан кэлбит харчыны сыаналыыр буолар эбит, — диэн 17 саастаах уол санаатын үллэстэр. Бэйэтэ бэйэтигэр үлэлээн, тыаҕа хоодуоттук сылдьар уолу Алексей Иванов бэлиэтии көрөн, спорка саанан ытыы көрүҥэр кэлэн эрчиллэригэр ыҥырбыта. Тренер уолга сыыспатаҕыттан үөрэ санаабыта уонна Манчаары оонньууларыгар квалификационнай, сүүмэрдиир күрэстэригэр кытыннарбытынан барбыта. Булка сыстаҕас, ону ааһан айылҕалыын бииргэ алтыһан сылдьар уол улахан түһүлгэлэргэ тиийэн «мунан» хаалбатаҕа. Төттөрүтүн бииртэн-биир ситиһиилэри көрдөрөн, спортивнай разряд ылан, билигин аны маастар нуорматын толорорго дьарыктанар. — Сыал ытыытын сөбүлээтим. Бэйэм майгыбар, ис турукпар сөп түбэһэр. Саамай кылаабынайа, холку буолуоххун наада. Ыксыыр, ыгылыйар наадата суох. Олунньу ыйтан саҕалаан, хаста да күрэхтэһэн кэллибит. Өрөспүүбүлүкэ атын улуустарын спортсменнарын көрдүм, саанан ытыы көрүҥэр өйдөбүлүм быдан кэҥээтэ. Билигин олохпор биир чопчу сыаллаахпын – спорт маастара буолуохтаахпын. Онон спордунан дьарыктаннахха кырдьык, киһи сыаллаах-соруктаах буолар эбит, — диэн этэр Эдьигээн ыччата Павлик Владимиров.

Павел Владимиров: «Олохпор биир чопчу сыаллаахпын — спорт маастара буолуохтаахпын!»
© ЯСИА.RU