Войти в почту

Таатта олоҥхоһуттара түһүлгэҕэ түмүстүлэр

Таатта улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо декадатыттан дьон-сэргэ улаханнык астынан, кэлэр өттүгэр күрэстэһиигэ өссө хайдах кыттар, туох сонуну киллэрэр туһунан толкуйдууллар, сүбэлэһэллэр. Нэһилиэктэринэн түмсэн түөлбэ олоҥхолору куолаан толорууга күрэстэһии Боробул бөһүөлэгэр буолбут. Бу туһунан нэһилиэк олоҥхоһуттарын түмсүүтүн салайар Вера Харайданова иһитиннэрдэ. —Дьохсоҕон нэһилиэгин Ананий Кононович Андреев аатынан «Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа ыаллыы нэһилиэктэр олоҥхоһуттара түмүстүлэр. Бу күн хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри көмүлүөк тигинэччи оттуллан, уот-күөс сандааран, сэһэн-сэппэн тоҕо тардыллан ураты кэрэ, истиҥ эйгэни үөскэттэ. Ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттар толору астаах сандалыга олорон күндүлэннилэр-мааныланнылар. Олохтоох нэһилиэк салалтатын аатыттан истиҥ эҕэрдэ этилиннэ. Боробул көхтөөх дьоно, «Саһарҕалар» диэн эбээлэр үҥкүүлэрин бөлөҕө ыалдьыттары уруйдаан-айхаллаан ырыа ылламын тартылар, дууһаны сылаанньытар үҥкүүнү үҥкүүлээн сүрэҕи-быары долгуттулар. Дьэ, ол кэннэ, күрэстэһиини Анна Константинова салайааччылаах Боробул олоҥхоһуттара саҕалаатылар. Кинилэр Улуу Кыайыы ыһыаҕын алгысчыта Дарыбыан Дабыыдап төрөөбүтэ 130 сылын көрсө «Тойон Ньургун» олоҥхону бэрт тэтимнээхтик, эрчимнээхтик, куоластара чөллөрүйэн туран толордулар. Ол кэннэ салгыы Тыараһаттан кэлбит «Кылыһах» фольклор бөлөҕө (салайааччы Геина Пономарева) Дайдаҥ Уола Сэмэтээй «Оҕо Ньургун олоҥхото» диэни толорон доллоһуттулар. Чөркөөхтөр (салайааччы П.Толстяков аатынан норуот театрын режиссера Матрена Яковлева) ЮНЕСКО стипендиата, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Сүүрэр сулус сырыыта сырыылаах Сыыйылла Хара сүүрүк аттаах аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай Бухатыыр» олоҥхону дьүрүһүтэн иһитиннэрдилэр. Мустубут дьон-сэргэ, оҕо-уруу олоҥхону хаһааҥҥытааҕар да сэргээн, кэрэхсээн иһиттилэр. Эдэрдэр кыттыылара элбээбитин хайҕаатылар, —диир Вера Гаврильевна. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы, Олоҥхо улуустааҕы түмсүүтүн салайар Изабелла Сивцева олоҥхону куолаан толорууну сэргээбиттэрин, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барбытын бэлиэтээбит. Нэһилиэктэр дьонноро-сэргэлэрэ олоҥхолуулларын көрөн, инникитин толкуйдар киирбиттэрин, санаалар үөскээбиттэрин эппит. Олоҥхо эйгэтин тэрийии быстыбакка сайдан, кэҥээн иһэригэр түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн ыҥырбыт. Уопсай түмүккэ, 1 миэстэни Чөркөөх олоҥхоһуттара ылбыттар. Иккис бириистээх миэстэҕэ Ытык Күөл хамаандата тахсыбыт. Үһүскэ Уус Таатта олоҥхоһуттара тиксибиттэр. Ол кэннэкэлэр миэстэлэргэ чымнаайылар, дьохсоҕоннор, дьүлэйдэр, харбалаахтар тахсыбыттар. 1 из 4

Таатта олоҥхоһуттара түһүлгэҕэ түмүстүлэр
© ЯСИА.RU