«Ай, ыллас бииргэ!» эдэр инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрэ

Дьокуускайга «Эрэл» истибэттэр түмсүүлэрин Култуураҕа Киинигэр сэтинньи 28 күнүгэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу күн биир дойдулаахпыт, саха эстрадатын сулуһа, мелодист Александр Самсонов-Айыы Уола сырдык кэриэһигэр аналлаах ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэһигэр эдэр инбэлииттэр кытыннылар. Бу үтүө үгэскэ кубулуйбут күрэс быйыл төрдүс төгүлүн ыытылынна. Улахан тэрээһини СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, Россиятааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Саха сиринээҕи салаатын салалтата, СӨ инбэлииттэргэ идэ биэрэр уонна социальнай өттүнэн реабилитациялыыр техникум салалтата тэрийдилэр. Ону сэргэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, II Малдьаҕар дьаһалтата күүс-көмө, өйөбүл буоллулар. Куонкуруска Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Сунтаартан, Амматтан, Тааттаттан, Намтан, Муоматтан барыта 68 ыччат кытынна. Куонкурус РФ уонна СӨ гимнин хамсанан көрдөрөн ыллааһынынан саҕаланна. Күрэс устата барыта 25 нүөмэр көрдөрүлүннэ. Бары да талааннаах ыччаттар түмсэннэр, түмүгү таһаарарга күчүмэҕэйдэри көрүстүбүт. Түмүккэ, Гран-При үрдүк аатын Муома улууһуттан кэлбит айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт Егор Слепцов ылла. Хамсанан көрдөрөн ыллааһыҥҥа (жестовай ырыаҕа) Айталина Аммосова, Сергей Платонов, Мария Черепанова, Илларион Михайлов, Нина Слепцова, Александр Белолюбскай бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. А.Самсонов – Айыы Уолун ырыатын толорууга Егор Иванов, Олеся Скрябина, Саина Сивцева бастыҥнарынан буоллулар. Бэйэлэрэ суруйбут ырыаларын толорон Таатта эдэр баяниһа Петр Башарин, Дьокуускайтан Мичил Моисеев кыайыы-көтүү өрөгөйүн биллилэр. Айыы Уолун ырыатын ис хоһоонун арыйан толорууга кыайыылааҕынан таҕыста Сардаана Гузаирова. Кырыымпаҕа доҕуһуоллатан норуот ырыатын толорбут Юлия Кылатчанова тэҥнээҕин булбата. Көрөөччү биһирэбилин үрдүк аатыгар Ньургун Постников, эдэр ыччат ырыатын толорууга Лилия Петрова тигистилэр. Вокальнай ырыаҕа Мичил Моисеев, Василина Мартынова, Светлана Софронова бастыҥынан ааттаннылар. Патриотическай ырыаны эрчимнээхтик толорон Бүлүү ыччата Алексей Габышев кыайыыны ситистэ. Өйөбүл бирииһинэн Александр Федоров, биэс оҕолоох эдэр ийэ, урбаанньыт Лия Жиркова (Хаҥалас, Ой) наҕараадаланнылар. Кыайыылаахтарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга А.С.Пушкин аатынан нуучча академическай драматическай тыйаатырыгар спонсордар өйдөбүнньүк бэлиэлэри, сыаналаах бириистэри туттардылар. Гран- При хаһаайыныгар Егор Слепцовка Улахан Аан нэһилиэгин баһылыга Олег Иринеев Хаҥалас тарбахха баттанар кэрэ, ытык сиригэр Еланкаҕа сир учаастагын ыларыгар сертификат туттарда. Түмүктүүр кэнсиэри Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын ырыаһыттара, саха эстрадатыгар биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах Далаана, Ника, Алексей Потапов киэргэттилэр. Тэрийээччилэр Александр Самсонов-Айыы Уолун күн күбэй ийэтигэр Марфа Иннокентьевнаҕа истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Ол эрээри, Марфа Иннокентьевнаҕа саатар түмүккэ тыл бэриллибэтэҕиттэн хомойдум. Итиэннэ аны үс сылынан буолар тэрээһиҥҥэ, бу итэҕэс көннөрүллэр ини диэн эрэл санаабын тиэрдэргэ быһаарынным. Бу күн дьон-сэргэ Улахан Аан култууратын үлэһиттэрэ А.Самсонов – Айыы Уолугар анаан оҥорбут стендэлэрин, кини туһунан атыыга тахсыбыт диискэлэри, кинигэлэри уонна инбэлииттэр уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатын сэргии, кэрэхсии көрдүлэр. Түмүкпэр, бу орто дойдуга дьонтон итэҕэспин диэбэккэ күүстээх санааларынан, дьаныардарынан, айылҕаттан бэриһиннэрбит талааннарынан ырыаны кынат оҥостон ыллыы-туойа сылдьар ыччаттарбытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Эһиги, бэйэлэрин олохторун сыаналаабат, куһаҕан дьаллыгы батыһар эдэр ыччакка үтүө холобур буоларгытынан киэн туттабын. Бу инникигэ сирдиир, санааны көтөҕөр, дууһаны арыйар биһиги оҕобут сырдык аатын үйэтитэр тэрээһини иилээн-саҕалаан тэрийбит, күүс-көмө буолбут тэрилтэ үлэһиттэригэр, салайааччыларыгар, Айыы Уолун күн күбэй ийэтигэр култуура салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. «Ай, ыллас бииргэ!» бырайыак саҥа саҕахтары арыйан, үйэтитиллэн, салҕана туруохтун.

«Ай, ыллас бииргэ!» эдэр инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрэ
© ЯСИА.RU