Намҥа хаарбах туруктаах дьиэлэртэн 116 киһи көстө

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан улуус киинигэр 38 кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирдэ. СӨ архитектураҕа уонна тутууга министиэристибэтэ, «Нам улууһа» уонна «Ленскэй нэһилиэк» МТ 2013-2016 сс. СӨ Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгэр хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көhөpүү, этээстээх олорор дьиэлэри тутууну сайыннарар бырагырааманан дуогабар түһэрсибиттэрэ. Онуоха 2015 сыл балаҕан ыйыгар Ленскэй нэһилиэгин дьаһалтатын сакааһынан ыытыллыбыт аукциоҥҥа Вадим Кутуков салайааччылаах «НамСтрой» ХЭТ кыайбыта. —Ааспыт сыл сэтинньитигэр сахалыы сиэри-туому тутуһан, дьиэ акылаатын түһэрбиттэрэ. Онтон сааскыттан ньиргиччи үлэлээн, толору хааччыллыылаах үс мэндиэмэннээх дьиэни туттулар. Ол түмүгэр Аммосов 20, 31, Октябрьскай 8, Комсомольскай 2, Чернышевскай 34, 44, 45 нүөмэрдээх хаарбах туруктаах уопсай дьиэлэртэн уопсайа 116 киһи саҥа үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир дьиэлэннэ, — диэтэ «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Андрей Новгородов. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга аал уоту оттон, айах тутан алгыс сиэрин-туомун Петр Охлопков бары да астыналларын курдук толордо. Салгыы «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, нэһилиэк баһылыга Андрей Новгородов, «НамСтрой» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Вадим Кутуков саҥа дьиэ хаһаайыттарын эҕэрдэлээтилэр, аалай кыһыл лиэнтэни быстылар. 1 из 9

Намҥа хаарбах туруктаах дьиэлэртэн 116 киһи көстө
© ЯСИА.RU