«Саһарҕа» ансаамбыл доҕотторун түмэр

Сунтаар улууһугар «Айылгы» култуура киинигэр «Саһарҕа» ансаамбыл нэһилиэнньэ иннигэр кэнсиэр көрдөрдө. Маар Күөлгэ ансаамбыл тэриллибитэ 24 сыл буолла. 2008 с. норуодунай кэлэктиип аатын сүгэр. Норуодунай кэлэктииптэр сылга биирдэ отчуоттуур кэнсиэри тэри­йиэхтээхтэр. Ансаамбыл тэриллиэҕиттэн улууска, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кэллэ. «Саһарҕалар» бэйэлэрин кэнсиэртэрин күөх көмүс киистэлээх илин кэбиһэр кэтэннэр, үп-үрүҥ хаарыстан халадаай тиктэннэр, саалаҕа мустубут көрөөччүлэри арчылааһыннарыттан саҕаланна. Бу күн ансаамбыл бэйэтин эрэ ырыаһыттара ыллаабатылар, кэнсиэр аата да этэринии, кинилэр доҕотторо, ыалдьыттара: ырыаһыттар Иван Васильев, Сер­гей Филиппов, Евдокия Жиркова, Наталия Алексеева, көмүс куолас, сыана, үлэ бэтэрээнэ Ольга Ли, ыалдьыт – Мэҥэ Хаҥалас ыччата Иван Васильев кытыннылар. Надежда Яковлева, Евдокия Михай­лова, Елена Герасимова көрдөөх сыаҥкаларынан, Лена Эверстова имигэс үҥкүүтүнэн киэргэттилэр. Кэнсиэр ансаамбыл тэрийсээччи­тэ, бастакы кыттыылааҕа Евдокия Жиркова сценарийынан бэрт сэргэхтик ааста.

«Саһарҕа» ансаамбыл доҕотторун түмэр
© ЯСИА.RU