Быракааттар, өргүөттэр суһал көмө массыынатыгар наадыйаллар

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин Быракаан уонна Өргүөт олохтоохторугар сыллааҕы үлэтин отчуоттаата. Кэпсэтии, туруорсуу аһаҕас буолла. Мунньахха бастакынан суһал көмө массыынатын кыһалҕата турда. Ол курдук, техника олус эргэрэн уонна суоппар хамнаһа кырата бэрт буолан, үлэһит көстүбэккэ суһал көмө массыыната сүүрбэтэ кыһалҕаҕа тиэрдибит. Улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Владислав Ильинов суһал көмө сырыытын хааччыйар туһуттан, киин балыыһа салалтата араас ньыманы көрдүүрүн туһунан эттэ. Онуоха аныгы үйэ ирдэбилинэн, аутсорсинг ньыматын туһанан, суоппар хамнаһын уонна ыйдааҕы анаммыт бензини чааһынай массыыналаах киһиэхэ биэрэн туран үлэлэтэр наадатын бэлиэтээтэ. Маннык быһаарыныыны олоххо киллэрэн боруобалаан көрөргө, түүннэри-күнүстэри дьон наадыйдаҕына нэһилиэккэ мэлдьи баар буолар, аккааһа суох сүүрэр, эрэллээх техникалаах суоппар наадатын эттэ. Онон баҕалаахтартан сайаапка хомуйуута саҕаланыахтаах. Иккис сытыы уонна мөккүөрдээх боппуруоһунан балыыһаларыгар эмп атыыламмата буолла. Онуоха урут үлэлээбит, уурайан барбыт фельдшер нэһилиэнньэҕэ эмп атыылаабыт харчыта иэскэ ыйанан хаалбыта төрүөт буолбут. Киин балыыһаҕа отчуоттамматах, оттон нэһилиэккэ эмп атыыта тохтотуллубут. Маны истэн баран, олохтоохтор иэстээхтэри ааттарын ыйан туран испииһэк бэриллэригэр уонна ирдэһэн төлөттөрөллөрүгэр модьуйдулар. Суумата, биллэринэн, 6 тыһ. солк. кэриҥэ эбит. Кыһалҕаттан тахсар туһуттан, кыттыһан, баар иэһи сабан, эмп атыыга тахсарын ситиһэбит дуу диэн кэпсэтии эмиэ үөскээтэ. Биир киһи алҕаһыттан сылтаан нэһилиэнньэ туора тутулларын сөпсөспөттөрүн биллэрдилэр. Киин балыыһа салалтатыгар туһаайан үҥсэргииллэрэ үгүс буолла. Ол курдук, Быракаантан улуус киинигэр айаннаан кэлэн, тиис балыыһатыгар сардсыарда эрдэттэн тыыннаах уочаратынан толуоҥҥа кыайан тиксибэттэрин эттилэр. Итинэн сибээстээн тиис быраастарын нэһилиэккэ анаан кэлэн үлэлииллэригэр көрдөстүлэр. Диспансеризация чинчийиитин ыыта тахсыбыт исписэлиистэр дьону ситэри көрбөккө эрэ төннүбүттэрин, анаалыс тутар лаборатория ыраах нэһилиэктэн кэлээччилэр кыратык да хойутаатахтарына ылбаттарын эмиэ ыйдылар. Хаһан баҕарар буоларын курдук, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһа эмиэ таарылынна. Ол курдук, урукку сылларга улуус баһылыгын дьаһалынан сылы туораабыт сылгы төбөтүгэр улуустан субсидия көрүллүбүтэ улахан өйөбүл буолбутун, билигин итинник көмө наадатын бэлиэтээтилэр. Сылгыларын тыыннаахтыы атыылыыр интэриэстээхтэрин иһитиннэрдилэр. Манчаары оонньууларыгар анаан хорчуоппалары тэрийэр хамыыһыйалары кытары үлэлэһэн, сылгы этин, бородууксуйатын атыылыыры тэрийэр үлэ барыан наадата бэлиэтэннэ. Ол эрээри хорчуоппаһыттар эрдэттэн бэлэмнэнэн, үөрэнэн, бары ирдэбиллэри толорор туһугар үлэлэһиэхтээхтэрин Манчаары Фондатын директора Василий Ченохов иһитиннэрдэ. Маннык хорчуоппалар Оонньууларга кэлбит тэрээһинэ суох (күрэхтэһиилэргэ, культурнай тэрээһиннэргэ кыттыбат) ыалдьыттары аһатарга улахан көмөлөөх буолуохтарын бэлиэтээтэ. Быракааттар квартальнай хочуолунай тутуутун кэтэспиттэрэ хаһыс да сыллара. Билигин үлэлии турар хочуолунайдара носуоһа суох буолан, икки объегы нэһиилэ итиинэн хааччыйа турар эбит. Улуустааҕы ОДьКХ харчы кырыымчыгынан сибээстээн, биир да саҥа объегы 2016-17 сс. тутуу былааныгар киллэрбэтэх. Ол оннугар салгыы тутуута ыытыллар хочуолунайдар бу ыйыллыбыт сылларга үлэҕэ киириэхтээхтэрин иһитиннэрдилэр. Оттон саҥа объектар 2018 сыл былааныгар киириэхтэрэ диэн хоруйдаатылар. Эргэ хочуолунайга бу сайын өрөмүөн ыытыллар буолла. Аҕам саастаахтар хаарбах дьиэлэрин саҥардыналларыгар туох көмө баарын, биэнсийэлээх ханна, хайдах быһыылаахтык эмтэнэ барыаҕын ыйыталастылар. Оҕо саада эргэ дьиэтин үөрэх управлениета нэһилиэк туһатыгар аныырыгар көрдөстүлэр. Үлэ бэтэрээнэ, биэнсийэлээх Егор Яковлев Туобуйа, Өргүөт, Быракаан нэһилиэктэрин аатыттан улуус мунньаҕын депутатынан талыллыбыт Сардаана Павлова быыбар кэннэ нэһилиэктэргэ биирдэ даҕаны сылдьыбатаҕын, үлэтин отчуоттаабатаҕын эттэ. Норуот итэҕэлин ылбыт депутат буоларын быһыытынан, Быракаан нэһилиэгин олохтоохторун туруорсууларын эрдэттэн истэ-билэ сылдьан, улуус киинигэр туруорса сылдьыбыта буоллар, бүгүҥҥү күҥҥэ этиллибит итэҕэстэр баҕар суох да буолуохтарын сөбүн бэлиэтээтэ. Өргүөттэр суолларын боппуруоһун туруорустулар. Ол курдук, сааскы уонна күһүҥҥү өттүгэр айан суолун улахан массыыналар мас тиэйэллэригэр тоҕута сүүрэн алдьаталлара олохтоохтор айанныылларыгар ыарахаттары үөскэтэрин эттилэр. Муниципальнай таһымнаах суолга сиппэрэҥ кэмнэргэ улахан массыыналар сырыыларын улуус баһылыга дьаһал таһааран тохтоторугар, ону тэҥэ бобуу тахсар түгэнигэр быраабыланы кэһэр суоппардарга ыстарааптыыр миэрэ туттулларыгар эттилэр. Маннык үлэни быйылгыттан саҕалаан, кэлэр Манчаары оонньууларын көрсө суол-иис алдьаныытын таһаарбат туһугар сөптөөх быраабыланы олохтуур тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр. Владимир Семенович суола суох нэһилиэктэргэ айан суолун тутуу кэнниттэн Өргүөт -Быракаан суола оҥоһуллуоҕун мэктиэлээтэ. Маны таһынан өргүөттэр техника, сырыы уонна көҥүлэ суох бултааһын элбээбитинэн, нэһилиэк эргин ыраах ойуурдары, бултуур сирдэри докумуоннаан, анал егерь тутары туруорустулар. Хомойуох иһин, бу боппуруос экология тэрилтэтиттэн анал үлэһит суох буолан тута хоруйа суох хаалла. Ол эрээри туруорсууну отчуоттуур бөлөх туһааннаах тэрилтэҕэ тириэрдэн, сотору кэминэн быһаарыы ылыныллыаҕар олохтоохтор эрэллээх хааллылар.

Быракааттар, өргүөттэр суһал көмө массыынатыгар наадыйаллар
© ЯСИА.RU