Сунтаарга гражданскай көҕүлээһин сыла түмүктэннэ
Сунтаар улууһа 2016 сылы бастакынан гражданскай көҕүлээһин сылынан биллэрэн, сыл устата норуоту өрө тутар, кинилэр ыра санааларын олоххо киллэрэр сыаллаах араас таһымнаах үлэ тиһиктээхтик ыытылынна. Манан биһиги киэн туттабыт уонна дойдубут туһугар туһалааҕы оҥорбут дьоммутугар барҕа махталбытын аныыбыт! Гражданскай көҕүлээһин сылын бастакы аанын аһар улахан тэрээһин, “Гражданские инициативы – основа успешного развития территорий” коммерческайа суох тэрилтэлэр форумнара Сунтаарга кииннэнэн ыытыллыбыта. Манна Бүлүү бөлөх улуустарыттан ураты Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ улуустара кыттан туһалаах үлэ барбыта. Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ улуустарын уонна СӨ гражданскай көҕүлээһини сайыннарыы Департменын кытта үс өрүттээх Сөбүлэҥҥэ илии батаммыта. Бу сыл чэрчитинэн улуус бүддьүөтүттэн 1 мөл 700 тыһ солкуобай анаан үп тыыран, общественнай уонна коммерческайа суох түмсүүлэргэ Грант быһыытынан көрүлүннэ. Ону тэҥэ Гражданскай общество институттарын сайдыытын министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан 1,5 мөл. ылан улууспут сайдыытыгар туһуламмыт талааннаах, тобул толкуйдаах дьоммут ыра санаа оҥостубут бырайыактара олоххо киирэллэригэр төһүү буолла. Ол курдук, бу көрүллүбүт үптэр көмөлөрүнэн 30-тан тахса бырайыак үлэтин саҕалыырыгар кыах бэрилиннэ. Сунтаар улууһугар барыта 187 общественнай тэрилтэ бүгүҥҥү күҥҥэ улууспут сайдыытыгар күүс-көмө буолаллар. Итилэртэн 22 общественнай түмсүү СӨ юстициятын министиэристибэтин государственнай регистрациятын ааспыттара. Маннык дьаһаныы түмсүүлэр үлэлэрэ-хамнастара киэҥ далааһыннанарыгар, үп-харчы аадырыстанан тиийиитигэр, нэһилиэнньэ түмсэригэр табыгастаах буолара өйдөнөр.Маныаха анал сылга туһуламмыт кэскиллээх, түмүктээх үлэлэрбит нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн, общественнай түмсүүлэринэн, биирдиилээн дьоннорунан ааҕан ситиллибэт элбэҕэ үөрдэр. Ахсынньы 20 күнүгэр Гражданскай көҕүлээһин сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин “Бартыһаан” КК тэрилиннэ. Манна СӨ гражданскай уопсастыбатын институттарын сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Савва Михайлов кытынна. “Сунтаар норуотун көҕүлээһинэ сүрдээх өрө көтөҕүллүүлээхтик ааспытыттан үөрэн-көтөн, киэн туттан, атын улуустарга холобур быһыытынан биллэрэн туран истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин”, — диэн чахчы да астыммыт, киэн туттубут быһыынан эттэ. Бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ биэс бастыҥ анал ааттар дохсун ытыс тыаһыгар арыалланан туттарылыннылар: «Сыл бастыҥ общественнай лидерэ» – Василий Хаптасов, Альмира Готовцева, Надежда Львова, Клавдий Михайлов, Иван Архипов, Анатолий Павлов буолан дьоннорун-сэргэлэрин эҕэрдэлэрин туттулар. «Сыл бастыҥ обшественнай түмсүүлэрэ» — Сунтаардааҕы «Матери России» общественнай түмсүү (сал. Тамара Казакова), «Сайдыс» култуура эйгэтин эдэр үлэһиттэрин (сал. Евдокия Сивцева), «Саҥа тыын» доруобуйа харыстабылын эдэр үлэһиттэрин (сал. Константин Павлов), «Сомоҕо» түөлбэнэн бэйэни салайыныы (сал. Константин Тотонов), Сунтаар улууһун саха национальнай остуол оонньуутун федерациятын (Мария Васильева) түмсүүлэрэ ыллылар. «Сыл бастыҥ общественнай тэрилтэтэ» анал аакка Сунтаардааҕы «Олоҥхо» төрүт култуура дьиэтэ (сал.Мария Тараярова), «Дархан» киинэ тыйаатыра (сал. Денис Павлов), Сунтаардааҕы технологическай колледж (сал.Тамара Казакова), Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата (сал. Алексей Степанов), коррекционнай анал оскуола-интернат (сал. Анисия Игнатьева) тигистилэр. «Сыл бастыҥ нэһилиэгэ» Сунтаар, Тойбохой, Дьаархан, Аллаҥа, Күндэйэ нэһилиэктэрэ буолан үөрүү-көтүү көтөллөннүлэр. «Сыл бастыҥ баһылыга» элбэх үлэни-хамнаһы тэрийбит сатабыллаах салайааччылар Эдуард Филиппов («Сунтаар нэһилиэгэ» МТ баһылыга), Николай Спиридонов (Аллаҥа нэһилиэгин баһылыга), Гаврил Яковлев (Элгээйи), Алексей Седалищев (Дьаархан), Иван Константинов (Күндэйэ) буоланнар бар дьоннорун үөртүлэр. Маны сэргэ норуоту көҕүлээччилэр, общественнай үлэни өрө тутааччылар гражданскай көҕүлээһин туйгунун аатын ыллылар. Ол курдук, Раиса Андреева («Саһарҕа» Дьаархан нэһилиэгин общественнай түмсүүтүн салайааччы), Алексей Степанов (Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ) чиэстэнэн-бочуоттанан эҕэрдэлэннилэр. Махтал суруктарынан «Татыйыына» ХХ (сал. Нина Герасимова), «Кустук» Кириэстээх нэһилиэгин общественнай түмсүүтэ (сал. Саргылана Намылова), Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Надежда Тихонова, Күндэйэ эдэр ыччатын общественнай түмсүүтэ (сал. Людмила Елисеева), «Үрдэл» Тойбохой эдэр ычатын общественнай түмсүүтэ (сал. Екатерина Сидорова), «Туску» түөлбэнэн бэйэни салайыныы (сал. Валентина Аммосова) наҕараадаланнылар. Бу долгутуулаах дьоро киэһэ хойукка диэри ырыанан, үҥкүүнэн уонна уҕараабат ытыс тыаһынан арыалланна. Сунтаар бар дьоно куруутун маннык түмсэн, ыра санаабытын олоххо киллэрэн дойдубут туһугар тустааҕы, кэскиллээҕи оҥорон сайдарбыт туһунан үтүө тыллар этилиннилэр. Үүнэр 2017 сылга тыа сирин үлэһиттэрин сыла биллэриллэн, туруу үлэһит дьоммут уруйданыахтара, үлэ-хамнас айхалланыа турдаҕа!