Культура министрэ Владимир Тихонов – Бүлүүгэ
Сэтинньи 29 күнүгэр культура министрэ Владимир Тихонов Бүлүү эҥэр улуустарыгар сырыытын Бүлүү куоратыгар культура эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрсүүнэн түмүктээтэ. Көрсүһүү саҕаланыыта министр Ньурбаҕа театр үйэ аҥардаах үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһиннэринэн, киинэ уһуллуохтааҕынан, Үөһээ Бүлүүгэ “Манчаары оонньуулара” ыытылларынан ситимнээн культура эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрсүбүтүн, санааларын истибитин билиһиннэрдэ. Кэлэр сылга Бүлүүгэ Олонхо ыһыаҕа ыһыллыахтааҕа, саха бастакы идэтийбит композитора Марк Жирков төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэниэхтээҕэ биллэр. Бу улахан таһымнаах тэрээһиннэри ыытарга өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйалар тэриллэн үлэлииллэр. Бүлүүгэ буолбут көрсүһүүгэ кэпсэтии Олонхо ыһыаҕын, Марк Жирков үбүлүөйдэрин, улууска культура эйгэтигэр көрсүллэр кыһалҕалар тула барда. Холобура, өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйаҕа хойутаан киирбит тэрээһиннэри былааҥҥа киллэрии боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Улуус культуратын эйгэтигэр баар кыһалҕалары ырытыһыыга, улууска 7 кулууп сабыллан турара, саҥа эбийиэктэр тутуллуохтаахтара ыйылынна, библиотека дьиэтэ олох эргэтэ, культура үлэһиттэрин хамнастара үрдээбэтэ, куорат, тыа сирин үлэһиттэрин хамнастара араастаһыыта этилиннэ. Министр Владимир Тихонов: “Дьокуускайга тиийэн, эппит кыһалҕаларгытын быһаарарга тустаах үлэһиттэргэ хайысхаларынан өссө көрүҥ, бэрэбиэркэлээҥ диэн чуолкай сорудахтары биэртэлиэм”, — диэн быһаарда. 1 из 5 “Олонхо ыһыаҕын” дирекциятын салайааччы Тамара Степанова тутууну ыытыыга тендер ыытыллан, Олонхо ыһыаҕын тутууларыгар, ыһыах сценарийыгар үлэ бара турарын, биир тылынан, бэлэмнэнии үлэ күргүөмнээхтик ыытылларын билиһиннэрдэ. Марк Жирков үбүлүөйүгэр эмиэ бэлэмнэнии үлэ туһунан “Алгыс” СК директора Надежда Иванова иһитиннэрдэ. Кини саха музыкатын төрүттээниитигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит аатырбыт композитор аатын үйэтитиигэ бэлэмнэнии үлэ үгэннээн бара турарын, 8 томнаах хомуурунньук бэлэмнэнэн сылдьарын кэпсээтэ. Көрсүһүүгэ соторутааҕыта Бүлүү улууһун культуратын управлениетын салайааччытынан анаммыт Сергей Шамаев бэйэтин билиһиннэрдэ, кэккэ этиилэри оҥордо. Түмүккэ, министр Бүлүү улууһа культура эйгэтигэр болҕомто уурарын, улуус бэйэтин бүддьүөтүттэн Культура Дыбарыаһын туттарарын, кэлэр сыл улахан таһымнаах тэрээһиннэригэр бэлэмнэнии үчүгэйдик бара турарын бэлиэтээтэ.