Үөһээ Бүлүү техникумугар «WorldSkills Russia-2016» күрэс ыытылынна

Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа сылын аайы ыытыллар «Эдэр профессионаллар» диэн чемпионат («WorldSkills Russia») буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ устудьуоннар күөн көрүстүлэр. Чемпионат кыттааччылара икки күнү быһа тура тэбинэн күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ «Иһэрдэн оҥоруу (сварка)сатабылларыгар» техникум ПҐі маастара Иван Колтовской, техникум преподавателэ Увар Тимофеев; «Легковой массыыналары өрөмүөннүүр уонна көрөр-истэр сатабылга» «Вилюйавтодор» Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын дириэктэрэ Иван Васильев, суолга маастара Саргылана Андреева, былырыын Хабаровскай куоракка ыытыллыбыт регионнааҕы «WorldSkills Russia» күрэс зачету таһынан муҥутуур кыайыылааҕа, тутулуга суох эксперт Петр Кардашевскай, техникум преподавателлэрэ Альберт Ильин уонна Николай Обоев; «Повар идэтигэр» — урбаанньыт Евдокия Баянаева, Үөһээ Бүлүүтээҕи остолобуой сэбиэдиссэйэ Сусанна Иванова, техникум ПҐі маастардара Айталина Максимова, Сахаайа Павлова, техникум остолобуойун сэбиэдиссэйэ Наталья Гаврильева, повара Акулина Муксунова; «Графическай дизайн» — Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола системнай администратора Иннокентий Степанов, техникум ПҐі маастара Мария Розенблюм, инженер-программиһа Егор Семенов; «Сантехника уонна ититии систиэмэтэ» — ОДьКХ ГУП Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын сүрүннүүр исписэлииһэ Лена Смолина, слесарь-сантехнига Николай Максимов, ПҐі маастара Касьян Касьянов, ТБ уонна ПБ инженерэ Прокопий Тойтонов; «Тыа хаһаайыстыбатын массыыналара» — тыа хаһаайыстыбатын Үөһээ Бүлүүтээҕи департаменын исписэлииһэ Алексей Саввинов, техникум үлэһитэ Аким Васильев, производственнай үөрэхтээһиҥҥэ дириэктэри солбуйааччы Иван Николаев, техникум психолога Мария Кардашевская үлэлээтилэр. Күрэхтэһии хас биирдии хайысхатыгар кыттааччылар туох баар сатабылларын, кыһамньыларын уураннар, киирсии сытыытык барда. Онон дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ хас биирдии үлэни ымпыктаан-чымпыктаан сыаналаата. Ол түмүгэр «Сварка сатабылларыгар» II м «Мастер сельскохозяйственного производства» группа 1 кууруһун устудьуона Ньургун Кухотов буолла. Кыайыы өрөгөйүн «Эксплуатация технического электрооборудования и автоматики» группа 1 кууруһун устудьуона Степан Петров биллэ. «Легковой массыыналары өрөмүөннүүр уонна көрөр-истэр сатабылга» III м «Эксплуатация технического электрообрудования и автоматики» группа 1 к. устудьуона Степан Васильев, II м «Мастер сельскохозяйственного производства» группа 1 к.устудьуона Иван Трофимов, кыайыылааҕынан «Эксплуатация технического электрооборудования и автоматики» группаттан Михаил Дмитриев (I куурус) буоллулар; «Повар идэтигэр» Сергей Кычкин төрдүстээтэ. Үһүскэ Полина Спиридонова, иккискэ Станислав Дмитриев таҕыстылар. Кыайыылаах Антонина Егорова буолла. Бу ыччаттар бука бары «Хозяин (-йка) усадьбы» группа 4 кууруһугар үөрэнэллэр. «Графическай дизайнҥа» иккискэ «Техническое обслуживание и ремонт автомобильного транспорта» группа Никита Васильев (2 к.), бастакыга «Эксплуатация технического электрообрудования и автоматики» группаттан Алексей Сергеев (1 к.) таҕыстылар. «Сантехника уонна ититии систиэмэтэ»: II м «Мастер сельскохозяйственного производства» группаттан Никита Николаев (1 к.) ылла. Кыайыы көтөлүн «Мастер шиномонтажной мастерской» группа 3 кууруһугар үөрэнэр Григорий Иванов биллэ. «Тыа хаһаайыстыбатын массыыналара» хайысхаҕа III м — Николай Тарасов, II м — Владислав Петров, кыайыылаах Дмитрий Аксееков. Бука бары «Техническое обслуживание и ремонт автомобильного транспорта» группаҕа иккис кууруска үөрэнэллэр. Социальнай партнердарбыт: улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар, ОДьКХ ГУП Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салалтатыгар, «Үөһээ Бүлүү» МТС тэрилтэтигэр, Тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы департаменыгар, «Үөһээ Бүлүү» УСПО уонна «Утум» салалталарыгар кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэри туруорбуттарыгар, тэрээһиҥҥэ өйөбүл, дьүүллүүр сүбэҕэ күүс-көмө буолбуттарыгар техникум коллектива ис сүрэхтэн махтанар уонна кинилэргэ тус олохторугар, үлэлэригэр ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарар. Кыттыбыт бары устудьуоннарга сертификат, оттон кыайыылаахтарга грамота уонна социальнай партнердарбыт туруорбут бириистэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ытыс тыаһыгар арыаллатан туттардылар. Мустубут ыалдьыттарга «Сиккиэр» үҥкүү бөлөҕө (сал. Виктор Васильев) бэртээхэй эҕэрдэтин анаата. Бары кыттыбыт устудьуоннары, «Эдэр профессионаллар» күрэһи тэрийбит, салайбыт дьоммутун-сэргэбитин, экспердэрбитин чемпионат үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын бэлиэтээн туран, истиҥник эҕэрдэлиибит уонна Дьокуускайга саас ыытыллыахтаах «WorldSkills Russia – 2017» күрэскэ туох-баар күүһү, санааны ууран туран бэлэмнэнэн кыайыыны үөрэхпит кыһатыгар, улууспутугар аҕалаарыҥ диэн алгыыбыт.

Үөһээ Бүлүү техникумугар «WorldSkills Russia-2016» күрэс ыытылынна
© ЯСИА.RU