Орто Халымаҕа Дмитрий Кокорин сырдык аатын кэриэстээтилэр

Былыр-былыргыттан сахаларга сүбэ-ама ылар, ытыктыыр, бас-көс туттар киһилээх буолаллар. Биһиги улууспутугар оннук киһинэн тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР Норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын туйгуна, Орто Халыма улууһун, Орто Халыма куоратын Бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Дмитрий Иннокентьевич Кокорин буолар. Дмитрий Иннокентьевич Кокорин тыыннааҕа буоллар, быйыл 85 сааһын туолбут буолуо этэ. Улуус дьонун саастаах өттө Дмитрий Иннокентьевиһы булгуруйбат санаалаах коммуниһынан (51 сыл), партия райкомун чилиэнинэн (25 сыл), оройуоннааҕы Сэбиэт депутатынан (21 сыл), пропагандиһынан (30 сыл), лекторынан (32 сыл) билинэллэр. Оттон орто саастаахтар кинини улуустааҕы «Халыма долгуннара» хаһыат кэрэспэдьиэнинэн уонна эппиэттиир сэкирэтээринэн өйдүүллэр. Кини маҥнайгы ыстатыйата улуус хаһыатыгар 1956 сыллаахха тахсыбыта. Ити кэмтэн ыла, 2006 сыллаахха эрэдээксийэттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри, үйэ аҥара кэмҥэ улуус олоҕун барытын сурукка тиспитэ. Билигин ол суруйуулара ааспыт олох тыыннаах туоһулара буолан архыыпка харалла сыталлар. Дмитрий Иннокентьевич уус тыллаах суруналыыс буоларын таһынан, хомоҕой тыллаах хоһоонньутунан эмиэ биллэр. Кини хоһооннорун сүрүн темата: төрөөбүт сиргэ, ийэҕэ, киһиэхэ таптал; тулалыыр эйгэҕэ сүгүрүйүү; сиэр-майгы; дьон үлэтэ-хамнаһа. Ол курдук бастакы кинигэтэ «Тулалыыр эйгэбэр илиибин уунабын» диэн ааттанан, 1997 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Онтон «Санаалар түһүлгэлэрэ» диэн иккис кинигэтэ ааптар бэйэтэ биһик оҥостубут иллээх кэлэктиибэ, «Халыма долгуннара» хаһыат эрэдээксийэтин өйөбүлүнэн 2004 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. Кэлин 2011 сыллаахха «Холобур буолар олох» диэн Халыма дьиҥнээх патриота, дьон ытыктабылын бэйэтин сыралаах үлэтинэн, көнө олоҕунан ситиспит Дмитрий Иннокентьевич Кокорин бэйэтин туһунан дьон ахтыыларынан кинигэ Дьокуускайга бэчээттэммитэ. Кинигэ ытык киһибит 80 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн күн сирин көрбүтэ. Бу мантан кини олус үөрбүтэ, уйадыйбыта, махтаммыта. Биһиги ытыктыыр бэтэрээммит Дмитрий Иннокентьевич олоҕун аргыһынаан, Мария Константиновна Третьяковалыын үйэ аҥарыттан ордук олус иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Орто дойдуга үс оҕону төрөтөн, ийэ-аҕа буолуу дьолун билбиттэрэ, кэлин сиэннэр чугдаарар саҥалара кинилэр көмүс ньээкэ уйаларын толорбуттара. Кырдьыы, ыарыы кими да тумнубат. Ол курдук ыарахан ыарыы кинини бу олохтон илдьэ барбыта. Ити буолбатаҕа буоллар, кини өссө даҕаны олоруохтааҕа, айымньыларынан үөрдүөхтээҕэ хааллаҕа. Ол эрээри кини туһунан үтүө өйдөбүл биһиэхэ, кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьонугар, куруутун тыыннаах. Кини суруйан хаалларбыт айымньылара өрүү кинини санаталлар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, Дмитрий Иннокентьевич тыыннааҕа эбитэ буоллар, быйыл кини 85 сааһын туолуохтаах этэ. Бу бэлиэ сылга улуус култууратын эйгэтин дьоно хайдах даҕаны кинини өйдөөн-санаан ааспат буолуохпутун сатаммат этэ. Онон, соторутааҕыта «Санаам түмүллэр санаалара» диэн кини хоһооннорунан уус-уран ааҕыы күрэх буолан ааста. Ол курдук улуустааҕы «Халыма долгуннара» хаһыат, Кииннэммит библиотека уонна Орто Халыматааҕы «Кулума» култуура-сынньалаҥ киинэ холбоон айар киэһэ тэрилиннэ. Бу күн алгыстаах ааптар Дмитрий Кокорин хоһоонноро сыана үрдүттэн үрүйэлии кутулуннулар. 40-тан тахса кыттааччы, 6 саастаах оҕо уһуйаанын иитиллээччититтэн саҕалаан, 80 сааһыгар диэри кырдьаҕас кыттыыны ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ оҕолору, улахан дьону уонна бөлөҕүнэн ааҕааччылары туһунан сыаналаата. «Моруоска», «Тоҥ балык» туһунан хоһооннортон киһи салбана олордо. «Эбэбэр» хоһоону истэн хас биирдиибит истиҥ, эйэҕэс дьоммутун санаан ыллыбыт. Оттон «Дойдулаах буоламмыт», «21-с үйэ» аймыньылары истэн, төрөөбүт түөлбэҕэ ытыктабыл, сүгүрүйүү тыына охсуллан ааста. Араас хоһооннору истэн көрөөччүлэр дуоһуйдулар, оттон кыттааччылар түмүктэри долгуйа күүттүлэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, оҕолорго 4-с кылаас үөрэнээччитэ Анита Слепцова кыайыылааҕынан буолла. Иккис миэстэни улуустааҕы гимназия 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Маша Третьякова, оттон үһүс бочуоттаах миэстэни 5-с кылаас үөрэнээччитэ Алла Шульган ыллылар. Улахан дьоҥҥо бастакыны — Александра Филиппова, иккиһи — Налимскайтан Ильма Бандерова, үсүһү — ытык бэтэрээн, Дьоруой Ийэ Татьяна Васильевна Винокурова ыллылар. Бөлөҕүнэн ааҕыыга бастакы миэстэни Виктория Оконешникова уолунаан Сашалыын, иккис миэстэни Варвара Оконешникова кыыһынаан Ванессалыын, оттон үһүс миэстэни ини-биилэр Валентин (11-с кылаас) уонна Виталий (3-с кылаас) Тарасовтар ылан үөрдүлэр. Бу күн ким да умнууга хаалбата. Кыайыылаахтар уонна туох баар кыттааччылар Дмитрий Иннокентьевич Кокорин дьиэ кэргэнэ олохтообут бириистэринэн, өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр. Маны таһынан Кокориннар дьиэ кэргэттэрэ тэрийээччилэри эмиэ тумнубатылар, тапталлаах кэргэн, аҕалара, эһэлэрэ бииргэ үлэлээбит эрэдээксийэтин кэлэктиибигэр уонна библиотека үлэһиттэригэр бэлэх уунан соһуттулар, уйадыттылар. Оттон Кокориннар дьиэ кэргэттэригэр бу күн соһуччу бэлэҕинэн улуустааҕы «Халыма долгуннара» хаһыат кэлэктиибэ «Хоһооммор олоҕум салҕанар» диэн Дмитрий Иннокентьевич Кокорин олоҕун тиһэх сылларыгар суруйан хаалларбыт хоһооннорун хомуурунньуга буолла. Эрэдээксийэ айар кэлэктиибэ бу күн буруолаабытынан тахсыбыт кинигэни Дмитрий Иннокентьевич олоҕун аргыһыгар, тапталлаах доҕоругар Мария Константиновнаҕа саалаҕа мустубут дьон ытыстарын тыаһын доҕуһуолунан туттарда. Бу курдук киһи дууһалыын сынньанар поэзия киэһэтэ хас биирдиибитигэр ытык киһибит туһунан сылаас, үтүө өйдөбүлү өссө төгүл бигэтик хаалларда.

Орто Халымаҕа Дмитрий Кокорин сырдык аатын кэриэстээтилэр
© ЯСИА.RU