Войти в почту

Баһылыктар кыстык боппуруоһун дьүүллэстилэр

Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Михайлович Слепцов тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар нэһилиэк баһылыктарын эрэ буолбакка, туһааннаах салаа исписэлиистэрин кытта түмэн көрсүһүүнү тэрийэргэ сорудахтаабыта. Онон тохсунньу бүтэһик күнүгэр улуус киинигэр оперативнай штаб киэҥ мунньаҕа буолла. Манна Берёзовкаттан ураты бары нэһилиэк баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ муһуннулар. Ону кытта улуус дьокутааттара, ОДьКХ, Пенсионнай фонда, Тыа хаһаайыстыбатын, Ветеринария, Үөрэх, Култуура управлениеларын, Киин балыыһа салалтата кыттыыны ыллылар. Көрсүһүүнү улуус баһылыга Е.М.Слепцов уонна кини бастакы солбуйааччыта Р.С.Гаврильев салайан ыыттылар. Бу күн кыстык хаамыытын уонна суол боппуруостарын тула дьүүллэстилэр. Суол нэһилиэк аайы арыллан эрэринэн, бу хайысхаҕа ыйытыы киирбэтэ. Онтон Евгений Михайлович суоллары оҥорууга ылсыбыт баһылыктарга махталын биллэрдэ. Күн аайы болҕомто кииниттэн түспэт боппуруоһунан ынах, сылгы сүөһү, таба кыстыга буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кыстыгы туоруур от саппааһын чопчулааһын бара турар. Санатан эттэххэ, Байды нэһилиэгэр Мэхээйиллэ күөлүгэр 200 тонна саппаас от баар. Мантан былааннаммытынан сыбаатайдар, хатыҥнаахтар уонна налимскайдар туһаныахтаахтар. Ойуһардаахтар эмиэ хаһаас оттоох буоланнар, кинилэр арҕахтаахтарга уонна сылгы ыытарга отторуттан бэрсиэхтээхтэр. Аны мантан саас сапропель хостооһунугар уонна дулҕаны түөрүүгэ күргүөмүнэн субуотунньуктарга тахсар сорук турар. Эбии аһылыгы этэр буоллахха, эрдэ былааннаммытын курдук, Дьокуускайтан эбии аҕалыллара күүтүллэр. “Хачыкаат” ТХПК-тан дуогабар быһыытынан 100 тонна эбиэс кэлиэхтээх. Ону сэргэ 52 тонна уотурба аҕалыллыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы кыстыкка тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга кэлбит эбии аһылык сыаната 50% чэпчэтиилээх буолуо, аҥаарын улуус бүддьүөтэ уйунуоҕа. Онтон улуус иһинээҕи оту, эбии аһылыгы тиэйиини бүтүннүү улуус дьаһалтата уйунар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, билигин от саппааһын ааҕыы ыытыллар. Маныаха бааһынай, кэтэх хаһаайыстыбалаахтартан сайаапкалар киирэн эрэллэр. Онон сибээстээн, киинтэн эбии от сакаастыыбыт дуу, суох дуу диэн ыйытыы турар. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада: ким даҕаны от хаачыстыбатыгар эппиэттиэ суоҕа. Хомойуох иһин, ааспыт өттүгэр оннук хобдох холобур баара. Ханнык да ирдэбилгэ эппиэттээбэт, түүнүгүрбүт от кэлбиттээҕэ. Онон, бу сырыыга, хас биирдии МТ дьаһалталарын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлиистэрэ тус бэйэлэринэн миэстэтигэр тиийэн от хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииллэригэр сорудах сүктэрилиннэ. Онно айаннарын ороскуотун улуус бүддьүөтэ уйунар. Боппуруоһу быһаарыы ыгымынан, олунньу 3 күнүгэр диэри, хас биирдии баһылыктан хаһаайыстыба ханнык көрүҥүттэн тутулуга суох төһө окко наадыйыы баарын ааҕыы ирдэннэ. Мунньахха хас биирдии нэһилиэк кэлэр өттүгэр хаһаас оттонорун толкуйдууругар сорук туруорулунна. Быйыл Эбээххэ 100 тоннаны оттуурга былаан туруоруллубут. Былырыын улууһунан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыыппыт куонкуруһугар оттооһуҥҥа хоту улуустарга миэстэлэһэн, тиэхиньикэнэн наҕараадаламмыппыт. Бу тиэхиньикэни Эбээххэ ыытарга эттилэр. Холобур, окко тиийиммэт буолуу түгэнигэр, чугас сытар сыбаатайдар Эбээх хаһааммыт отуттан ситэриниэхтэрин сөп. Бу курдук араас суоллары тобулан, киинтэн тутулуга суох, бэйэ иһигэр дьаһанан олоруу усулуобуйата үөскүөхтээх. ­Тиэйии-таһыы салаатын таарыйдахха, билигин даҕаны кэккэ нэһилиэктэргэ оту буранынан тиэйии бара турар. Онон бензиҥҥэ ороскуот 50% уйунарга олохтоох дьаһалталар бүддьүөттэригэр харчы түһүөҕэ. Саҥа дьыл иннинэ Сыбаатайга, Өлөөкө Күөлүгэр, Эбээххэ, Налимскайга оту тиэйиинэн дьарыктаммыт ИП-га улуус бүддьүөтүттэн өйөбүл көрүллүбүтэ, ортотунан 100 тыһ. курдук бэриллибитэ. Онон кыстык боппуруоһугар улуус өттүттэн араас өрүттээх көмө оҥоһуллубута, оҥоһулла да турар диэн бэлиэтиэххэ наада. Түмүккэ, сорох баһылыктартан субуотунньуктарга оскуола оҕолорун, ыччаты таһаарарга диэн этиилэр киирдилэр. Буолаары буолан, Ыччат сылыгар эдэр дьон көҕүн үрдэтэр инниттэн, уопсай дьыала туһугар үлэни тэрийии туох куһаҕаннаах буолуой диэтилэр.

Баһылыктар кыстык боппуруоһун дьүүллэстилэр
© ЯСИА.RU