Улуус олоҕо: Аммаҕа саҥа тутуллубут оҕо саада кырачааннар сайдыыларыгар бары усулуобуйаны тэрийэр
Амма улууһун киин сэлиэнньэтигэр быйыл кыһын оҕо саадын саҥа таас дьиэтэ тутуллан киирдэ. Манна “Хатыҥчаана” уһуйаан 240 кырачаан иитиллээччитэ уйаламмыт. «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара тиийбит күннэрбитигэр харантыын биллэриллэн, килэйбит-халайбыт таас уораҕайга оҕолор суохтара. 1 из 5 — Улууспут киинигэр түөрт уһуйаан баарыттан “Сардаана” оҕону сайыннарар киин кэнниттэн биһиэнэ иккис улахан тэрилтэ, — диэн билиһиннэрэр “Хатыҥчаана” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Саргылаана Петрова. – Дьиҥэр, бырайыагынан 200 миэстэлээх. Онтон туораан, эбии биир бөлөх сылдьарыгар хос оҥоттордубут. Онон оҕолорбутун 10 бөлөххө, мантан бииригэр нууччалыы тыллаахха, арааран иитэр кыахтанныбыт. Саҥа дьиэбитигэр ый аҥаарын эрэ кэриҥэ үлэлээтибит. Тутууну 2014 сыллаахха Яков Ефимов салайааччылаах “Хотугу дьиэ” тэрилтэ саҕалаабытын “Строй Прогресс” ХЭУо ситэрдэ. Саҥа улахан дьиэлэнэрбитин Амма бүтүннүү күүппүтэ. Билигин даҕаны 76 оҕо уочаракка турар. Саргылаана Гаврильевна салгыы уруккуну-хойуккуну ахтан-санаан ылар. Иллэрээ сыл уһуйаан үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиттэр. Ол тухары уонунан көлүөнэ ыччат иитиллэн, элбэх киһи үлэлээн-хамнаан аастаҕа, сайдыы өттүгэр уларыйыы-тэлэрийии даҕаны үгүс буоллаҕа. Маҥнай тэриллэригэр 25-тии иитиллээччилээх икки эрэ бөлөхтөөх буоллаҕына, 2013 сылтан үс бөлөҕүнэн 57 оҕоломмуттар. Онтон 2015 сыллаахха биэскэ тириэрдибиттэр. Ону таһынан, оҕо ахсаана элбээн, кыһалҕаны хайдах эмит быһаарар инниттэн 12 кырачааны дьиэлэригэр көрбүттэр. Эргэ дьиэлэрэ сууллар-саахалланар туруктааҕынан 2013 сыллаахха сабыллыаҕыттан түөрт сиринэн үлэлии олорбуттар. Ол кыһалҕалаах кэм устуоруйаҕа эрэ хааллаҕа. “Хатыҥчааналар” өссө түргэнник саҥа таас уораҕайдаммыт дьоллоох дьон эбиккит диэн ымсыыра саныырбын аһаҕастык биллэрдим. 1 из 9 Үөһэ ахтыллыбытын курдук, билигин 10 бөлөххө 240 оҕо сылдьар. Ол иһигэр 2-гэр диэри саастаахтарга аналлаах дьааһыла икки бөлөҕөр 51 кырачааннаахтар. Өссө эт-хаан сайдыытыгар хааччахтаах 17, ол иһигэр 7 инбэлиит оҕону иитэллэр. Чэгиэн оҕолору кытта тэҥҥэ сырыттахтарына сайдаллар диэн санааттан. Онуоха анал бырагыраамалаахтар. Маннык оҕолоох бөлөх иитээччитин хамнаһыгар эбии 0,3 бырыһыан ааҕыллар. Үлэ кэллэктиибэ эмиэ икки төгүл эбиллэн, 65 үлэһиттэммит. Кинилэр истэригэр 8 эр киһи баар. Улахан хаһаайыстыбаны Анатолий Федоров дьаһайар эбит. Кэпсэтиигэ Анатолий Георгиевич холбоһон, бу уораҕай 3400 кв. миэтэрэ иэннээҕин, тутуу ороскуота 250-тан тахса мөл. солкуобайга тэҥнэспитин иһитиннэрдэ. Өссө үһүс этээскэ сөтүөлүүр бассейннаах буолуохтааҕын оннугар, үп кырыымчыгыттан уонна бириэмэҕэ ыктаран, кэлин хааччыллыыта уустугуруох, ороскуота олус улаатыах курдугуттан иҥнэн даҕаны, “кураанах бассейны” туруорбуттарын көрдөрдүлэр. Хаһаайыстыба сэбиэдиссэйэ этэринэн, элбэх оҕону аһатарга түөрт билиитэлээх биир электрическэй оһох итиэннэ сойутар-тоҥорор камералар аҕыйахтарынан, кыамталара эппиэттэспэт эбит. Мин ити кыһалҕа сыыйа быһаарыллыаҕар эрэмньи санаалаах таҕыстым. Тоҕо диэтэххэ, “Хатыҥчаана” уһуйаан ахсынньы 2 күнүгэр Федот Потапов аатынан Амматааҕы Култуура уонна Сынньалаҥ киинигэр кэнсиэртээх акция тэрийбиттэригэр 1 мөл. 200 тыһ. солк. харчы киирбит. Ити үпкэ “Уран” дизайн студиятын кытта кэпсэтэн, дьиэлэрин ис бараанын “Амма кэлэр кэскилэ” диэн бырайыагынан оҥотторо сылдьаллар. Билиҥҥитэ “Кыһыҥҥы саад” ойууланан-бичиктэнэн турар. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна бэртээхэй диэн кэрэ бэйэлээх дыбарыас буолсу. Дьиэ тэлгэһэтигэр 7 былаһааккалаах: биэһэ оонньуурга, биир эти-хааны эрчийэргэ аналлаахтар уонна биир инбэлиит оҕолору чэбдигирдэр комплекс. Хабаровскайга “КСИЛ” фирмаҕа сакаастаан ылбыттар. 1 из 4 Саргылааналаах Анатолий бэйэлэрэ оҕо саадыгар сылдьалларын саҕана “Березка” дэнэр дьыссаат тоҕо “Хатыҥчаана” уһуйаан буолбут ис хоһоонун Саргылаана Гаврильевна маннык быһаарда. “Бааһынайынан” аатырар Амма улууһун киинигэр оҕолор сахалыы да, нууччалыы да санааларын сааһылаан сайа эппэт буолбуттарыттан, саҥа үйэҕэ үктэнэр сахха төрөөбүт тылы сайыннарыыга туруммуттар, итиэннэ сахалыы иитэр-үөрэтэр үлэлэригэр дьүөрэлээн “Хатыҥчаана” диэбиттэр. Онон уһуйааҥҥа билигин филолог үөрэхтээхтэри сэргэ логопед, дефектолог, психолог курдук исписэлиистэр үлэлэһэллэр. Тылы сайыннарыы араас оонньууларынан, хамсаныыларынан, илии үлэтинэн эмиэ ситиһиллэр. Аны саҥа дьиэлэммит дьон сиэринэн саха, нуучча уонна английскай тылларынан тэҥҥэ үөрэтиигэ ылсаары сылдьаллар. Онон иитээччилэри үгүс түбүктээх үлэ күүтэр. Аныгы иитээччи төһө хамнастааҕый? 1 из 4 Үөрэх-иитии эйгэтиттэн тэйиччи сылдьар киһи кулгааҕым уһугунан иһиттэхпинэ, кэлин наар учуутал, иитээччи хамнаһа үрдээбитин этэллэр. “Хамнастара улаатан, сүөһү ииппэт буоллулар” диэччилэр эмиэ бааллар. “Хатыҥчаана” уһуйааҥҥа педүлэһиттэр ортотунан 40 тыһ. солк. хамнастаахтар. Ол гынан баран, хааччыйар, техперсонал ортотунан 16,8 тыһ. солкуобайы аахсар буолан, орто хамнас 27,5 тыһыынчаҕа тахсар эбит. Үлэһиттэр орто саастара – 38. Бу иһигэр саҥа үлэлээн эрэр эдэрдэр даҕаны элбэхтэр, 30-35 сыл үлэлээбиттэр кытта бааллар. “Биир төбө үчүгэй, үс өссө ордук” дэнэринии, Саргылаана Гаврильевна кини иннинэ сэбиэдиссэйдээн ааспыт Александра Петровна Куприяновалыын уонна Мария Петровна Неустроевалыын билиҥҥэ диэри биир өйүнэн-санаанан өйөһөн эйэ-дэмнээхтик үлэлии сылдьалларын киэн тутта кэпсээтэ. Кырдьыгынан эттэххэ, саха сэлиэнньэтин аайы суох тыыннаах холобур ээ. Төрөппүттэр төһөнү төлүүллэрий? Биир-икки оҕолоох ыал оҕотун уһуйааҥҥа иитээччилэр илиилэригэр туттардаҕына, аһылыкка, көрүүгэ-истиигэ диэн күҥҥэ 70-нуу, үс оҕолоох ыал 40-нуу солкуобайы, ол эбэтэр ый 20 күнүгэр туһааннааҕынан 1400 уонна 800 солк. харчыны төлүүллэр. Мантыҥ өссө компенсацияланан төннөн кэлэр: биир оҕоҕо – 20, икки оҕоҕо – 50, үс оҕоҕо 70 бырыһыанынан. “Хатыҥчаана” 2016 сыллааҕы ситиһиилэрэ “Сыл бастыҥ уһуйаана” улуустааҕы куонкуруска – улуус баһылыгын 50 тыһ. солк. грана. XXIII Бүтүн Россиятааҕы “Талантоха” педагогтарга аналлаах айар куонкурус “Педагогтар айар уонна методическай үлэлэрэ” номинацияҕа: Пахомова Ульяна Дмитриевна “Сонор” оонньууга 5-7 саастаах оҕолору дьарыктыыр эбии үөрэхтээһиҥҥэ бырагырааматынан – лауреат. Неустроева Мария Петровна “Кыра чинчийээччи” диэн 5-6 саастаах оҕолорго эбии үөрэхтээһиҥҥэ бырагырааматынан – лауреат. Акимова Наталья Владимировна “Сыл иитээччитэ – 2016” улуустааҕы куонкуруска “Үөрэҕирии лидерэ” номинация хаһаайката.